11.01.2024 | 16:00

Куукула быыстапкатын көтүтүмэҥ

Дьокуускайга А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр быйыл сэттис төгүлүн ыытыллар бэрт сонун, сэргэх “Бал снежной долины” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи куукула быыстапката буола турар.
Куукула быыстапкатын көтүтүмэҥ
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Быыстапка сыл ахсын “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээл чэрчитинэн тэриллэн кэллэ. Быйылгы быыстапка биллиилээх модельер-дизайнер Августина Филиппова үбүлүөйдээх 75 сааһыгар ананар. Кырдьык даҕаны, куукулалар Августина Николаевна айан таһаарбыт сиэдэрэй  уобарастарыгар симэнэн, хас биирдии көрөөччүнү абылыыллар.
Саха сиригэр куукула оҥорор маастар ахсаана сыллата элбээн, маастарыстыбалара үрдээн, оҥоһук таһыма тупсан иһэрин VII-c “Бал снежной долины” быыстапка дьэҥкэтик туоһулуур. Өрөспүүбүлүкэҕэ куукула искусствота сайдарыгар 2014 сыллаахха Саха сирин куукула оҥорор маастардарын сойууһа тэриллибитэ, бу Сойуус бүгүҥҥү күҥҥэ 70-тан тахса чилиэннээҕэ эмиэ төһүү күүс буолара саарбахтаммат.
Ол курдук быйыл хоту оройуоннартан – Алдантан, Аллайыахаттан, Аллараа Халыматтан, Орто Халыматтан кыттааччы элбэҕэ кэрэхсэбиллээх. Хотугу төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар таҥастаах куукулалар быыстапка сонун экспонаттара буоллулар. Маастардар көстүүмнэри айылҕа матырыйаалыттан – тирииттэн, түүттэн тигэн, уустук оҥоһуулаах хоруоҥка симэҕинэн киэргэтэн оҥорбуттар. Ону сэргэ быыстапкаҕа туруоруллубут остуоруйа дьоруойдара, кыыл бииһин ууһа кырачаан көрөөччүлэр болҕомтолорун тардаллар.
“Бал снежной долины” быыстапка тохсунньу 15 күнүгэр эрэ диэри үлэлиир. Онон, күндү ааҕааччыларбыт, А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр тиийэн, кэрэ куукулалары кэрэхсииргэ тиэтэйиҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...