«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн үлэ 66% түмүктэннэ
Дьокуускай куоракка «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн үлэ салҕанар. Билиҥҥи туругунан куорат уокуругар 32 км кэриҥэ уһуннаах 23 суол учаастага өрөмүөннэммит. Ити сыалга 911 мөл. солк туттуллубут. Ол туһунан сакаасчык «Главстрой» МКТ иһитиннэрдэ.
Билиҥҥи туругунан Жуковскай, Луговой, Широких-Полянскай, Шевченко, Халтурин уулуссаларыгар, Хатыҥ-Үрэх шоссетыгар Христофор Максимов уулуссатыгар, Эргэ Покровский тракка, Көтөр фабрикатын дьоҕус оройуонун Студенческай уонна Нагорнай уулуссаларыгар, Кангалаас Молодежнай, Объездной уонна 26-с партсъезд уулуссаларыгар, Маҥан сэлиэнньэтигэр Кыайыы 40 сыла уулуссаҕа, Хатас Каландаришвили и Ойуунускай уулуссаларыгар, Пригороднай сэлиэнньэтигэр Пляжнай, Набережнай уонна Совхознай уулуссаларыгар, Марха дьоҕус оройуонун Олег Кошевой, Авиатордар уонна Советскай уулуссаларыгар аспааллааһын сүрүн үлэлэрэ түмүктэммит, Тулагы уонна Табаҕа сэлиэнньэлэригэр элбэх оҕолоох ыаллар кыбартаалларыгар тиийэр суоллар оҥоһуллубуттар.
Бэдэрээччик тэрилтэлэр – «РИК Автодор» АУо, «Дорстрой» ХЭТ, «Инвестдорстрой» ХЭТ, «Сельдорстрой» ХЭТ, «Альянс-2005» ХЭТ, «Дорисс» ПАУо, «Сэттэ» ДРСУ ХЭТ уонна «Туймаада» ХЭТ 34 эбийиэккэ үлэлииллэр.
Балаҕан ыйыгар Марха дьоҕус оройуонун Заводской уонна Интернациональнай уулуссаларыгар 1,9 км (5%) суол үлэтэ былааннаммыт. Ити эбийиэктэргэ үлэ балаҕан ыйын 30 күнүгэр түмүктэниэхтээх.
Санатан эттэххэ, 2021 сылга тутуу, саҥардан оҥоруу, капитальнай өрөмүөн уонна өрөмүөн былааныгар Дьокуускай куорат территориятыгар уопсайа 59 км ордук уһуннаах 44 эбийиэк киирбит. Итиннэ бүддьүөттэн 2,2 млрд. солк. көрүллүбүт.
«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак 5 сылын иһигэр Дьокуускай куоракка 2019 сылтан 2024 сылга диэри куорат суолун 85 % тутуллан нуормаҕа эппиэттиир турукка киллэриллиэхтээх.