22.08.2021 | 14:30

«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар»: үлэ тэтимнээхтик барар

Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн 14 эбийиэккэ үлэ түмүктэннэ. Бүгүҥҥү туругунан киин куоракка 48,25 км суолтан 20,55 км оҥоһуллубут. Ити быйылгы өрөмүөн үлэтин 42 %-на. Ол туһунан «Главстрой» муниципальнай хааһына тэрилтэтэ иһитиннэрдэ.

Быйыл үлэҕэ киириэхтээх 36 эбийиэктэн сүрүн үлэ 14 эбийиэккэ түмүктэммит. Ол курдук, Эргэ Покровскайдыыр суолга, Луговой, Шевченко, Широких-Полянскай, Студенческай, Нагорнай уонна 26 партсъезд уулуссаларыгар, Кангалааска Молодежнай, Маҕан сэлиэнньэтигэр Кыайыы 40 сыла, Хатаска Каландаришвили, Пригороднай сэлиэнньэтигэр Пляжнай, Набережнай уонна Совхознай уулуссаларга аспаал ууруллубут. Тулагы сэлиэнньэтигэр элбэх оҕолоох ыаллар кыбаарталларыгар тиийэр суол үлтүркэй таас, кумах, гравий булкааһа кутуллубут. Билиҥҥи туругунан ити этиллибит уулуссаларга суол ситэри тупсарыллар.

«Главстрой» тэрилтэ суолу тутууга дириэктэри солбуйааччыта Афанасий Александров иһитиннэрбитинэн, аспаал ууруута Олег Кошевой, Иван Кульбертинов, Халтурин, Христофор Максимов уулуссаларыгар, Объездной шоссеҕа, Тулагыга Николаев уулуссатыгар ыытыллар. Быстах суоллары аспааллааһын үлэтэ Хатаска Ойуунускай уулуссатыгар уонна Табаҕаҕа элбэх оҕолоох ыаллар кыбаарталларыгар барар.

«Билиҥҥи туругунан быйыл бүтүөхтээх 36 эбийиэкпититтэн 14-гэр сүрүн үлэ түмүктэннэ. Билигин ситэрии, тупсарыы үлэтэ бара турар, суол бэлиэлэрэ, бордюрдар, тротуардар оҥоһуллуохтара. Куорат иһигэр Олег Кошевой, Иван Кульбертинов, Халтурин, Христофор Максимов уулуссаларыгар, Объездной шоссеҕа уонна Тулагыга Николаев уулуссатыгар аспаал уура сылдьаллар. Итини сэргэ, Табаҕаҕа элбэх оҕолоох ыаллар кыбаарталларыгар тиийэр суол уонна Хатаска Ойуунускай уулуссатыгар быстах суоллары аспааллыыллар», – диэн кэпсиир Афанасий Александров.

Маны таһынан, суолу өрөмүөннээһиҥҥэ, аспааллааһыҥҥа бэлэмнэнии үлэтэ күргүөмнээхтик барар. Ол курдук, бэдэрээтчиттэр бэлэмнэнии үлэтин 9 эбийиэккэ – куорат иһигэр Авиатордар, Жуковскай, Покрышкин, Тэкки Одулок, Кутузов, Рыдзинскай уулуссаларыгар, Хатаска Сидор Алексеев, Мархаҕа Советскай, “Тускул” дьоҕус оройуоҥҥа Иосиф Николаев уулуссаларыгар ыыталлар. Клара Цеткин уонна Кангалааска Объездной  суолга эмиэ бэлэмнээһин чэрчитинэн сири кытта үлэ бара турар. Рыдзинскай уулуссатыгар олохтоохтор кэтэспит өрөмүөннэрэ ыытыллар – канализация уонна уу ситимнэрэ уларытыллар.

«РИК Автодор» АУо үлэ графигынан атырдьах ыйын 15 күнүттэн Пилоттар уулуссаларын өрөмүөнүн саҕалаата, оттон Марха Заводской уонна Интернациональнай уулуссаларыгар суол үлэтэ балаҕан ыйыттан ыытыллыаҕа.

 

Итэҕэс-быһаҕас туоратыллар

Мэктиэлэммит эбэһээтэлистибэлэри толоруу хонтуруоллааһынын чэрчитинэн, «Главстрой» тэрилтэ исписэлиистэрэ 2019-2020 сыллардааҕы 45 эбийиэги бэрэбиэркэлээбиттэр, 604 итэҕэһи бэлиэтээбиттэр. Итинтэн билиҥҥи туругунан 552 итэҕэс-быһаҕас туоратыллыбыт. «Дорисс» ПАУо СУ-5 Жорницкай уонна  Петр Алексеев уулуссаларыгар сакаасчыт ыйбыт итэҕэстэрин туоратарга үлэлиир. Ол курдук, тротуар билиитэлэрин саҥаттан уурдара сылдьар.

Суол ситимин холбоһугун биир кэлим сайыннарар бырагыраама тэрээһиннэрин былаанын чэрчитинэн,  Ленин проспегыттан – Хабаров уул. Краснояров уул. диэри, Пирогов уул. – Петр Алексеев Жорницкай уул. диэри, Ильменскэй – Чайковскай уул. Билибин уул. диэри, Тимирязев – Дежнев уул. оптуобус тиһэх тохтобулугар диэри, Каландаришвили – Ленин проспегыттан Лермонтов уул. диэри, Поярков – Дзержинскэй уул. Октябрьскай уул. диэри, Федор Попов уонна Энергетиктэр уул. быһа охсуһуута – Богдан Чижик уул. Кальвица уул. диэри, итини сэргэ Речевой оскуолаҕа чугаһыыр суол оҥоһуутугар куонкурус биллэриллибит.

Сүрүн бэлиэтээһиннэр

Атырдьах ыйын 12 күнүгэр Дьокуускай Уопсастыбаннай палаататыгар киин куорат суоллара төһө ноҕуруускалары тулуйалларын көрдүлэр. Мунньахха куорат баһылыга Евгений Григорьев уонна ГИБДД салалтата кыттыыны ыллылар. Манна тырааныспар инфраструктуратын уонна 2022-2025 сылларга уулуссалары өрөмүөннүүргэ муниципалитет былааннарын дьүүллэстилэр.

Уопсастыбаннай палаата бэрэссэдээтэлэ Андрей Высоких куорат уулуссаларын тутуу, хапытаалынай уонна быстах өрөмүөннэр киэҥ далааһыннаахтык, тэтимнээхтик ыытыллалларын, ол эрэн бэлисипиэт суолларын, сатыы дьон уулуссаны туоруур сирдэрин оҥоруу, светофордары туруоруу үлэлэрэ болдьохтон арыый да хаалан иһэллэрин бэлиэтээтэ. Кини этэринэн, куорат суоллара наһаа улахан ноҕуруускаланар кыһалҕаларын быһаарарга куорат «хорук тымырынан» буолар Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уонна Чернышевскай уулуссаларын өрөмүөнүгэр сүрүн болҕомтону уурар тоҕоостоох. Андрей Высоких куоракка киирэр суолга 40 туонналаах тырааныспартан таһаҕаһы кыра уйуктаах массыыналарга көһөрөр биир кэлим логистика киинэ баар буолуохтааҕын тоһоҕолоон бэлиэтиир.

Итини таһынан, Уопсастыбаннай палаата бэрэссэдээтэлэ тырааныспар сырыытыгар икки табыгаһа суох уулусса быһа охсуһуулара баарын ыйда. Ити Чернышевскай – Автодорожнай – Красильников уонна Чернышевскай – Ярославскай – Ефимов уулуссаларын быһа охсуһуулара.

«Бастакы быһа охсуһууга суол эргиирэ наада, оттон иккискэ Тепловой пууну көһөрөргө уонна быһа охсуһар уулуссаны кириэстии быһыылаан саҥаттан оҥорорго суһал быһаарыы ылыллыан наада», – диэн түмүктээтэ  Андрей Высоких.

Куорат тырааныспарын схематын тупсарыы туһунан М.К. Аммосов аатынан ХИФУ ИТИ «Архитектура уонна куорат тутуута» кафедратын сэбиэдиссэйэ Николай Алексеев иһитиннэриини оҥордо уонна куорат генеральнай былаанын кытта билиһиннэрдэ. Урукку сылларга генеральнай былаан тырааныспарын схемата олоххо ситиһиилээхтик киирбит. Кафедра сэбиэдиссэйэ куоракка тырааныспар сылдьар балаһыанньатын тупсарбыт саҥардан оҥоруулары, муоста тутуутун, быстах суоллары холобурдаан сиһилии кэпсээтэ.

«Бүгүҥҥү күҥҥэ куорат киинин хоту өттүн кытта сүрүннээн икки суол ситимниир. Ити Жорницкай уонна Өктөөп 50 сылын уулуссалара. Ол иһин тырааныспар, кэлии-барыы элбиир кэмигэр массыына тоҕуоруһан, сырыы харан хаалар. Ол ыккардыгар Петр Алексеев уулуссата Пионерскай уулуссаҕа диэри 17-с кыбаарталга тиэрдэр. Итиннэ күөл баар, кини кытыытынан суол оҥордоххо, Объездной суолга уонна Хатыҥ-Үрэх шоссетыгар тахсыахха сөп. Итинник гыннахха, Жорницкай уулуссатыгар тырааныспар сырыыта арыый аҕыйыа этэ. Өссө биир хайысха генеральнай былааҥҥа суох. Ити – Бүлүүлүүр суол быһа охсуһуутуттан Объездной шоссеҕа суол тутуута, оччоҕо куорат уулуссаларын ноҕурууската эмиэ аччыа этэ», – диир Николай Алексеев.

Итини сэргэ архитектор билигин баар суолларга эбии суол эргиирин тутарга болҕомтону уурар. Ордук Красильников уулуссатыттан Мерзлотнайга, салгыы Билибин уулуссатыгар диэри тутуу наадалааҕын эттэ. Николай Алексеев этэринэн, ити ыарахан уйуктаах таһаҕаһы тиэйэр тырааныспар куорат киинигэр киирбэккэ, Бүлүүлүүр суолунан айанныырыгар табыгастаах буолуо этэ. Сотору кэминэн, Өлүөнэ эбэни туоруур муоста тутулуннаҕына, «Лена», «Халыма» уонна «Бүлүү» федеральнай суоллары холбуур кыах баар буолар.

«Биллэн турар, уустук суоллар бааллар. Ол эрэн бырайыактааһынынан, саҥа трассировканан тиһиктээхтик дьарыктаныахха наада, тоҕо диэтэр суол эргиирин тутуу Дьокуускайга айаны-сырыыны тупсарыаҕа», – диир кафедра сэбиэдиссэйэ.

Уопсастыбаннай палаата мунньаҕын кыттыылаахтара куоракка тыын суолталаах боппуруостары көрдүлэр, ол иһигэр Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссатын өрөмүөнүн, Авиационнай, Можайскай уулуссаларын туруктарын, 13 №-дээх оскуола аттыгар тротуар суоҕун, светофордар үлэлиир эрэсиимнэрин уо.д.а. дьүүллэстилэр.

Ол түмүгэр

Куорат баһылыга Евгений Григорьев мунньахха этиллибит этиилэр улахан аҥаардара куорат сайдыытын былааныгар баалларын туһунан эттэ. Ол иһигэр элбэх суол бырайыактыыр-сметалыыр докумуоннара бэлэмнэнэрин бэлиэтээтэ. Холобур, билигин Петр Алексеев уулуссатыттан саҕалаан  Объездной шоссеҕа диэри тутуллар суол докумуоннара бэлэмнэнэр. Итини тэҥэ, Бүлүүлүүр суол быһа охсуһуутун тутуу бырайыагын сорох предпринимателлэр ылаары этии киллэрбиттэр.

Мунньах түмүгүнэн киирбит иһитиннэриилэр уонна этиилэр 2022-2025 сылларга куорат инфраструктуратын сайдыытыгар болҕомтоҕо ылылыннылар.

Санатан этэр буоллахха, тутуу, саҥардан тутуу, хапытаалынай өрөмүөн уонна суол өрөмүөнүн былааныгар быйыл, 2021 сылга, 59 км тахса усталаах 44 эбийиэк, итиэннэ 11 км тахса усталаах 8 быстах эбийиэк киирбиттэр. «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн быйыл Дьокуускай куоракка суол ситимигэр бүддьүөттэн  2,2 млрд. солк. көрүллүбүт.

Национальнай бырайыак чэрчитинэн 5 сыл иһигэр Дьокуускай куоракка 2019-2024 сылларга суол 85 %-на тутуллан нуормаҕа эппиэттиир буолуохтаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....