«Куттала суох муус» аахсыйа иккис түһүмэҕэ ыытыллар
Аахсыйа нэһилиэнньэни кытта уу эбийиэктэригэр сэрэхтээх буолуу быраабылатын тутуһууга туһуламмыт үлэтин күүһүрдэр сыаллаах.
Бастакы түһүмэх сэтинньи 20 күнүттэн 26 күнүгэр диэри ыытылынна. Аахсыйа чэрчитинэн 586 киһилээх уонна 86 тиэхиньикэлээх 178 үлэлээтэ. Патруллуур бөлөхтөр дьон-сэргэ саамай сылдьар, мууска киириэн сөп 18 миэстэтин бэрэбиэркэлээн 1115 төгүл патруллаатылар, нэһилиэнньэни кытта, 3979 киһини хабан туран, 2666 сэрэтэр бэсиэдэни, итини сэргэ, 353 үөрэҕирии тэрилтэтигэр уонна туристар сынньанар 25 баазаларыгар өйдөтөр үлэни ыыттылар.
Итини кытта сэргэ Саха сиригэр массыына кыһыҥҥы суола түһүмэҕинэн аһыллар. Дьокуускай таһыгар билиҥҥитэ Өлүөнэ өрүһү туоруур биир эрэ суол официальнайдык үлэлиир – «Хатас –Павловскай» хайысханан. Итиннэ үс туоннаттан тахсыбат уйуктаах тырааныспар сырыыта көҥүллэнэн турар.