24.04.2021 | 13:41

Кус илии

Кус илии
Ааптар: Киин куорат
Бөлөххө киир

Иосиф Ноев:

– Чурапчыга Мындаҕаайы (Болугур) диэн нэһилиэк баар. Өрдөөҕүтэ биир кырдьаҕас киһи оскуоланы саҥардыы бүтэрбит икки уолу илдьэ тэйиччи сытар алааска кустуу диэн барбыттар. Баччаларга эбитэ буолуо. Эрдэттэн бэлэмнэнэрдии, сааларын-сэптэрин, астарын-таҥастарын сүгэн-көтөҕөн, кустуохтаах сирдэригэр күнүс тиийбиттэр. Үөрбүччэ-көппүччэ, сирдэрин-уоттарын аһатан, бэйэлэрэ эмиэ аһаан баран, дурдаларын сөргүтэрдии оҥостубуттар. Оччолорго кэссиэтэни уган баран тыаһатар кытай пилиэйэрэ муода буола сылдьыбыта. Наушнигын тууран баран улаханыгар холбоотоххо, динээмигэ туох да ааттаахтык тыаһыыра. Эдэр уолаттар пилиэйэрдэрин тэһэ бэрдэрэн баран, быыһыгар ыллаһа-ыллаһа, үҥкүүлүү-үҥкүүлүү, дурдаларын эркинин эбии саайан, бүрүйэн, ону-маны тэлгэтэн биэрбиттэр.

Кырдьаҕас киһилэрэ даҕаны, аныгы үйэ киһитин сиэринэн, айылааҕын тыаһаттыннар диэн, мөҕүтэлии, буойса сатаабатах. Оннооҕор буолуох тыас-уус ыһыахтарга, бохуоттарга тыаһыыр ини, иччилэр кыыһыран-тымтан турбуттара биллибэт дии саныыр. Ол курдук оҥостон, эмиэ аһаан-сиэн баран, кус иһиллии-иһиллии ороннорун оҥостон сыппыттар. Уолаттар уһун күн сылаарҕаатахтара буолуо, муннуларын тыаһа бурдьугунаабытынан барбыт. Кырдьаҕастара эрэ  утуйбакка сыппыт.

Арай, түүн үөһэ ааһыытын саҕана, ханна эрэ чугас кус кынатын тыаһа уонна уу чалымныыра иһиллибит. Киһи олоро биэрбит да, саатын харбаан ылан, дурдатыттан сулбу  ыстанан тахсан ытыалаабыта буолбут. Биир да кус табыллыбатах, хараҥа буолан, туох да аанньа көстүбэт үһү. Ити быыһыгар төттөрү киирэн, уолаттарын туруортуу сатаабыт. Анарааҥҥылара кыһаллан бэрт. Минньигэс баҕайытык хаһыҥыраһа-хаһыҥыраһа утуйан бара тураллар үһү. “Чэ, утуйдуннар, сарсыарда ытыалыахтара буоллаҕа” дии санаат, уолаттарын уһугуннарбакка, били тыаһыыр кынат диэки соҕотоҕун үөмпүт. Чахчы, кус бөҕө олорорун курдук, күөл үрдэ хара чөмөх буолбут. Сааһыт саамай ортото буолуо, элбэх куһу холбоон хайаан да табабын диэбитинэн, үстэ-хаста субуруччу ытан хабылыннарбыт.

Онуоха биир кус таптаран, кынатын тыаһа өрө талыгырайа түспүт, өрө көтө сатаан чалбааттанара көстүбүт. Сааһыт даллайбытынан, ууга ыстанан киирэн, аны куотан хаалыа диэбиттии, куһу моонньуттан харбаабыт. Арай, доҕоор, куһа тыбыс-тымныы киһи илиитэ буолан көстүбүт. Кусчут били булдун сарылаабытынан-орулаабытынан ыһыктан кэбиспит. Онтуката, кырдьык-хордьук, ууга “пөс” гына түспүт. Эргиллэ биэрээт, төттөрү кыаһаҥнаан тахсан иһэн кэннин хайыһан көрбүтэ, куһа сыппытын курдук сытар. Хайыай, хараҕым иирдэ быһыылаах диэн, ууга төттөрү киирэн куһун ылан тахсар. Кус кус курдук, туохха да атыҥҥа, ханнык да илиигэ маарыннаабат. Киһибит өй ылан, чахчы хараҕым иирбит эбит, аныгы буоккалара туохтаах эрэ быһыылаах диэн саныы-саныы, кытыыга тахсан уот оттор. Уолаттары киирэн өҥөйтөлөөн көрбүтэ, маарыҥҥыларынааҕар өссө дириҥник тартаран, утуйа сыталлар. Инньэ гынан, куттаммыта ааһан биэрбэккэ, утуйбакка олоро сатаан баран, дэриэбинэҕэ буокка ыла киирэргэ сананар. Бараары оҥостор, саараан, тура түһэн баран, “баҕар, төттөрү киирбэккэ хаалыам” диэн, куһун ылан, үрүсээгэр уктан кэбиһэр. Уолаттар уһукта биэрбиттэрэ, күн тахсара чугаһаабыт, киһилэрэ буоллаҕына суох эбит. Онон улаханнык баардылыы барбатахтар, үрүсээгин илдьэ барбытын көрөн, арыгытыгар топпокко, түүннэри туран дэриэбинэлээбит быһыылаах диэн санаан кэбиспиттэр.

Арай, иһиттэхтэринэ, ханна эрэ чугас саа тыаһыыр. Дөрүн-дөрүн дьикти баҕайытык тыаһаабыт, “барыҥ-барыҥ” диир курдук доргуйан, ой дуорааннанан иһиллэр эбит. Эмиэ да чугас эргин күөл суохха дылыта үһү. Уолаттарбыт итэҕэйбэтэҕэ буола-буола өссө чочумча сылдьыбыттар. Онтон куттанан, дэриэбинэҕэ киирбиттэр. Байанай биэрэрдээх-биэрбэттээх, Байанай баар, кини тыаттан үүрүөн, холдьоҕуон, ыҥыран ылан булду сирдээн биэриэн да сөп диэн мээнэҕэ эппэттэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...