Куруолук тыа олохтоохторун хайдах быыһаабыта
Арай биирдэ Хахай кыыллары барыларын ыҥырбыт уонна эппит:
– Мин бултуу таҕыстахпына, бары өлө куттанаҕыт. Тото-хана аһыыр туһуттан эһигиттэн кими эрэ сиэтэхпинэ сатанар. Өскөтүн күн аайы мин остуолбар биир кыылы сиэртибэ аҕаллаххытына, барыбытыгар да үчүгэй буолуоҕа. Куттанартан босхолонуоххут, оттон мин бултуу барыам суоҕа.
Ол курдук быһаарбыттар. Хас сарсыарда аайы Хахай тойоҥҥо сиэртибэ кэлэр эбит. Кыыллар киэһэ аайы сэрэбиэй тардарга сүбэлэспиттэр.
Оннук хас да күн Хахай ыраахтааҕы уораҕайыттан тахсыбакка, бэлэм аһы сии сыппыт. Оттон кыыллар тыаҕа куттаммакка сылдьар буолбуттар.
Биир киэһэ сэрэбиэй Куруолукка түспүт. Кини:
– Тоҕо бэйэм бэйэбинэн Хахай айаҕар киирэн биэриэхтээхпиний? Тугу эрэ толкуйдуохха уонна ыраахтааҕы атаҕастабылыттан быыһаныахха наада, – диэбит.
Куруолук түүнү быһа толкуйдаан утуйбатах. Хахай, сарсыарда уһуктаат, сиэртибэтин кэтэспит. Ким да кэлбэтэх. Кыыллар ыраахтааҕылара уордайбыт, тыаҕа бараары оҥостубут. Эмискэ Куруолук аҕылаан киирбит.
– Кэмниэ кэнэҕэс аһым кэллэ! – үөрэ түспүт Хахай. – Туох ааттаах хойутаатыҥ?
Онуоха Куруолук:
– Ыраахтааҕым, тулуйа түс. Мин биири кэпсиэхпин баҕарабын. Эйиэхэ кэлэн иһэн атын хахайы көрүстүм. Миигин сиэри гыммытыгар, муҥур ыраахтааҕыга ыксаан иһэрбин эттим. Онуоха кыыһырда уонна эйигин былааһы сымыйанан ылан олорор диэтэ. Миигин тыаны биир гына кэрийэ сылдьан кыылларга дьиҥнээх ыраахтааҕы кэлбитин кэпсээ диэн ыытта. Эйигин өлөрөр үһү, – диэбит.
– Ханна баарый ол хара санаалаах сымыйаччы! Сибилигин көрдөр! – диэн соруйбут.
Онуоха Куруолук кинини дириҥ холуодьаска сирдээн аҕалбыт.
– Тойонуом, аллара көр. Кини онно баар, – диэбит Куруолук.
Хахай төҥкөйбүт уонна ууга бэйэтин күлүгүн көрбүт. Өстөөҕүм дии санаан, ырдьыгынаабытынан холуодьаска ыстаммыт уонна тимирэн хаалбыт.
Кыыллар Куруолук хорсун быһыытын истэн, кини муударай өйүн сөхпүттэр-махтайбыттар. Ол күнтэн ыла кинини Муударай Куруолук диэн ааттыыр буолбуттар.