Куорсуннаах удаҕан: Ытык сирдэри мээнэ уйгуурдумаҥ
Бүгүҥҥү балаһабытыгар ыалдьыттыыр, “Өбүгэ ситимэ» норуот эмчиттэрин уопсастыбаннай тэрилтэтин салайааччыта, норуот эмчитэ, көрбүөччү Элиэнэ Одун – Куорсуннаах удаҕан.
Үтүө күнүнэн! Бэйэҥ тускунан билиһиннэрэҕин? Туох идэлээххиний, ханна үлэлиигиний? Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсээ.
- Саха сиэринэн бэйэбин билиһиннэрэр буоллахха, аҕам Егор Прокопьевич, ийэм Люция Егоровна Кондаковтар күҥҥэ көрбүт үс оҕолоруттан иккис соҕотох кыыс оҕолоро буолабын. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Эдэр сылдьан ырыа- тойук, үҥкүү-битии аргыстаах сылдьар буоламмын, култуура үөрэҕин бүтэрэн, идэбинэн култуура эйгэтигэр 16 сыл устата үлэлээбитим. Кэргэннээхпин, үс оҕолоохпут.
Элиэнэ Одун-Куорсуннаах удаҕан аатыҥ туох суолталааҕый?
- Сүрэхтэммит аатым Лена Егоровна Кондакова диэн, кэргэмминэн Яковлева буолбутум. Кэлин силигим ситэн, эмтээн саҕалаабытым кэннэ, биир үтүө күн кэргэним саха итэҕэлин тарҕатаҕын, онон сахалыы ааттаныахха диэбитин олус үөрэ истибитим. Араспаанньа талыыта буолбутугар, түҥ былыргы өбүгэбит хос аатын кылгатан, Одун диэн буолбуппут. Кэргэним аатын Одун Айылхан Болуодьа уола диэҥҥэ уларыппыта, мин Лена диэммин сахатытан, Одун Элиэнэ буолбутум. Онтон ити Куорсуннаах диэн аатым туспа остуоруйалаах. 35 сааспар үһүс хараҕым арыллан, чараас эйгэни көрөр буолбутум. Эттэтиим онтон саҕаламмыта. Үс сыл устата суорҕан-тэллэх киһитэ буолуохпар диэри ыалдьыбытым. Ыарыыбын тулуйумуна, улаханнык ытыктыыр сүдү киһини баран көрсүбүтүм. Дьоҥҥо үтүөнү оҥороруҥ үс сыл хаалбыт. Кытаат, тулуй диэбитэ. Орто дойдуга суруйааччы Лена Куорсуннаах уонна удаҕан Лена Куорсуннаах буоллаххытына, хайа хайаҕытын абааһы булуо суоҕа диэн сүбэлээбитэ. Онтон ыла Куорсуннаах удаҕан диэн ааттаммытым.
Удьуоргар ойуун дуу, удаҕан дуу баар дуо?
- Ийэм өттүнэн үс үйэ анараа өттүгэр олорон ааспыт удаҕан этитиитинэн кэлэн олорор киһибин. Дьэ, ону бастаан турууланыыбар баарын элбэхтик биллэрбитэ.
35 сааскар улаханнык ыалдьа сылдьыбыккын. Бу тургутууну үс сыл устата хайдах аастыҥ?
- Айылҕаттан айдарыылаахтар улахан ыарыыны «эттэтии» диэни ааһаллар. Мин оннук эттэтиим 35 сааспар саҕаламмыта, үс сыл тухары. Оҕолорум оччолорго кыра кылаас үөрэнээччилэрэ этилэр. Кэргэним милииссийэҕэ үлэлиирэ. Төһө да улаханнык ыалдьа сырыттарбын, санаам күүһүнэн тураммын, оҕолорбун, кэргэммин минньигэс аһынан аһатарым. Ол ыарахан тургутугу ааһарбар кэргэним наһаа өйөөбүтэ, онон киниэхэ махталым улахан.
“Сахаҕа Аар Айыы итэҕэлэ” кинигэ ааптара буолаҕын. Бу туһунан кыратык сэгэтиэҥ дуу...
- Бу кинигэбэр уонча сыл устата муспут билиибин суруйан таһаарбытым. Манна олоххо туһалаах ыйдарынан алгыстар, эмтээх оттор тустарынан интэриэһинэй суруйууларым киирдилэр.
Саха итэҕэлин туһунан тус көрүүҥ.
- Биһиги итэҕэлбит сүрдээх дириҥ ис хоһоонноох. Түҥ былыргы итэҕэллэртэн биирдэстэрэ буолар диэтэхпинэ, арааһа, алҕаһаабатым буолуо. Дьоҥҥо-сэргэҕэ, ийэ сиргэр, сир-дойду үтүө иччилэригэр киһилии сыһыаннас диэн үөрэтэр итэҕэл буолар.
Айылҕаттан алгыс ылыахха сөп дуо?
- Ийэ айылҕабыт биһиэхэ күүс-уох биэрэр. Ону таһынан хас биирдии киһи бэйэтэ көрдөһөн, кутун сүрүн көннөрүнүөн сөп. Алгыһы анатыылаах дьон сиэр-туом оҥорон түһэрэллэр. Хас биирдии ыал ийэтэ сахалыы алгыс тылынан оҕолоругар, чугас аймахтарыгар үөһээҥҥи Аар Айыылартан көрдөһүөн сөп.
Эмтээх үүнээйилэринэн дьарыктанаҕын дуо?
- Мин эмчит буоларбар аан бастаан эмтээх үүнээйилэртэн саҕалаабытым. Киһиэхэ ыарыы кэлэр эбит буоллаҕына, ол ыарыыттан эмтэнэр от- маһы биһиэхэ ийэ айылҕабыт биэрэр.
Духуобунай ыраастаныы туһунан өйдөбүлү быһааран биэриэҥ дуу?
- Духуобунай ыраастаныы диэн бу киһи ис уонна тас туруктара чөл, бииргэ буолуулара ааттанар.
“Өбүгэ ситимэ» норуот эмчиттэрин уопсастыбаннай тэрилтэтин салайааччыта буолаҕын. 2020 сыллаахха олунньу ый 19 күнүгэр тэриллибиккит. Ханнык улуустартан, хас норуот эмчитэ баарый? Дьоҕурдарын хайдах арыйаҕын? Үлэҕит былаанын билиһиннэр эрэ.
- Тэрилтэбит аан бастаан 2012 сылтан үлэтин саҕалаабыта. Оччолорго бэйэм саҥа эмчит буолан, атахпар туран эрэр кэмим этэ. Муна-тэнэ сылдьар айылгылаах дьон миэхэ кэлэн сүбэ-ама ылан бараллара. Сөптөөх хайысхаларын ыйан биэрэрим. Оннук сылтан-сыл эбиллэн, кэккэбит кэҥээн испитэ. 2019 сыл бүтүүтэ баччалаах дьону уһуйан таһааран, киэҥ эйгэҕэ туох да бэчээтинэн бигэргэтиллибит кумааҕыта суох ыыталыыр эбиппин диэн санааттан, аҕыйах киһини мунньан, сүбэлэһэн баран, юстиция министиэристибэтин иһинэн регистрацияланан, “Өбүгэ ситимэ” (наследие предков) норуот эмчиттэрин региональнай уопсастыбаннай тэрилтэтэ диэн бэчээтинэн бигэргэтиллибит докумуоммун 2020 сыл олунньу ыйга илиибэр туппутум. Билиҥҥи туругунан бу тэрилтэбитигэр Сахабыт сирин 8 улууһуттан айылҕаттан айдарыылаах илбииһиттэр, көрбүөччүлэр, алгысчыттар уонна иһиттээх улахан таһымнаах дьонноохпут. Уопсайа 36 киһи баар.
Бу дьонтон силиктэрэ ситэн, дьон-сэргэ туһа диэн үлэлии хамсыы сылдьар дьонунан алгысчыт Спиридон Спиридонович Григорьев – Илгэлээх Испирдиэн (Мэҥэ Хаҥалас), норуот эмчитэ, алгысчыт Маргарита Николаевна Лазарева – Наскыйа (Амма), норуот эмчитэ Зинаида Николаевна Васильева – Кылыс (Ньурба), алгысчыт Иван Иванович Попов – Алгыс (Ньурба), норуот эмчитэ Мария Витальевна Григорьева – Умсуура (Ньурба), норуот эмчитэ, көрбүөччү Анна Александровна Егорова – Урсууна (Сунтаар) буолаллар.
Маннык «баардаах» дьон үксэ миигин бэйэлэрэ булан кэлэллэр. Сорохтору улуустарынан үлэлии сылдьан, бэйэм көрөммүн «бу арыллыан сөп эбит» диэтэхпинэ, ыҥыран ылан үөрэтэбин, уһуйабын. Үөрэхпит үксэ 4-5 киһилээх буолар. Бастакы үөрэх үс күн устата ыытыллар. Манна саха итэҕэлин, эмтээх оттор тула кэпсэтиилэр буолаллар. Онтон биирдиилээн дьону кытта үлэлэһэн, хайысхаларын таба көрөн, сүбэ-ама биэрэбин. Уһуйуллуу үөрэҕин ааспыттары, силигэ сиппит киһини бөлөхпүтүгэр киллэрэн, бэйэбитин кытары тэҥҥэ сырытыннаран, кыра-кыралаан тус бэйэтин аналынан сайыннарабын. Бары араас улуустарга олорорбут быһыытынан, үлэбит хайысхата араас эйгэнэн ыытыллар. Ол курдук, сыл түөрт күнүгэр, бэс ыйын 21, балаҕан ыйын 21, ахсынньы 21, кулун тутар ый 21 күннэригэр күн алгыһын түһэрэбит. Маны таһынан пандемия кэмигэр элбэхтик алгыс түһэрэн үлэлээтибит. Быйылгы сүрүн сорукпут илин эҥээр улуустарга, ол эбэтэр, Мэҥэ Хаҥаласка уонна нэһилиэк дьоно көрдөһүүтүнэн Амма улууһун биир нэһилиэгэр толору тоҕус иһиттээх киһини үлэлэтэн улахан харысхал туруоруохтаахпыт. Бу өбүгэлэрбит чараас эйгэнэн кэлэн, сипсийэн көрдөһүүлэрэ буолар.
Эйиэхэ туох кыһалҕалаах дьон кэлэрий?
- Ким туох кыһалҕалаах кэлбитинэн көрөн, кыаҕым баарынан көмөлөһө сатыыбын. Бэйэм илбийии күүһүнэн, кыайбат ыарыыбар от-мас күүһүн туттабын.
Чараас эйгэ баар. Ону үһүс харахтара аһыллыбыт ойууттар, удаҕаттар ордук чугастык көрөллөр дииллэр. Эн санааҥ...
- Чараас эйгэ, ол эбэтэр биһиги кэккэбитигэр, бу орто дойдуга атын эйгэ эмиэ баар. Айдарыылаах ойууттар, удаҕаттар чараас эйгэнэн үгүстүк сылдьаллар, көрөллөр. Ону таһынан бу эйгэни күүстээх көрбүөччүлэр эмиэ көрүөхтэрин-билиэхтэрин сөп.
Хас сааскыттан олоххо ураты эйгэлээххин билбиккиний? Онтон биир эмит түгэни кэпсээ эрэ.
- Хастаахпар эбитэ буолла, бу диэн билигин чопчу этэр кыаҕым суох. Арай биир сарсыарда дьонум кыыспыт аһаҕас харахтаах эбит диэн кэпсэтэ олороллорун алҕас истэн кэбистим. Ол кэпсэтии кэнниттэн, төһө эмит кэм ааспытын кэнниттэн, биирдэ убайбыныын оонньуу сырыттахпына, арай аттыбар биир суор көтөн кэлэн, олус чуолкай куолаһынан «бу сылдьар» диэн киһилии саҥарда. Мин куттанан убайбар сүүрэн тиийэн, тураахтар тоҕо киһилии саҥаралларый диэн ыйыппыппар, соһуйан өрө көрө түстэ уонна дьоҥҥо мээнэ итинник кэпсии сылдьыма, балыыһаҕа угуохтара диэтэ. Ол түгэн кэнниттэн, көстүбэт эйгэнэн күүспүн бүөлээтэхтэрэ буолуо, тугу да истибэт да, көрбөт да буолбутум. Онтон эттэтиим кэмигэр оҕо эрдэхпинэ саппыттарын хос арыйбыттара. Бастаан миигиттэн тутулуга суох эйгэни көрдөрөллөр, иһитиннэрэллэр этэ. Билигин бэйэм баҕардахпына, турукка киирэн көрөбүн, истэбин. Ол эрэн биһиги аттыбытыгар ураты эйгэ баарын сэрэйэрим.
Киһи айылҕаттан информация ылыан сөп дуо?
- Айдарыылаах дьон үгүспүт, айылҕаттан информацияны ылан үлэлиибит. Боростуой да киһи айылҕаҕа чугас буоллаҕына, хайа баҕарар информацияны ылар кыахтаах. Биһиги ийэ айылҕабыт сүдү күүһүгэр итэҕэйэбит, эрэнэбит.
Өбүгэттэн бэриллибит талаан диэххэ эбитэ дуу, ол эбэтэр көлүөнэттэн көлүөнэҕэ утумнанан кэлбит дьоҕуру, кэмэ кэллэҕинэ, тустаах дьоҥҥо үөһээ күүстэр син биир тиксиһиннэллэр. Эн көрүүҥ...
- Айылҕаттан айдарыылаах, ол эбэтэр былыр хас эмэ үйэ анараа өттүгэр этэн хаалларбыт киһилэрэ окко түспүт оҥоһуутунан, сиргэ түспүт сэрэбиэйинэн силигэ ситтэҕинэ, үөһээҥҥилэр син биир булаллар, ол күүһүн иҥэрэллэр. Өскөтүн аккаастанар түгэнигэр, бу орто дойдуттан барыар диэри кэмсинэрин курдук муҥнууллар эбит. Онон, мин санаабар, аккаастамматах ордук курдук. Орто дойдуга хас биирдии киһи бэйэтэ аналлаах, чаастаах кэлэр. Ол миссиятын толоруохтаах.
Сахаҕа ытыктанар улахан киһибит, ойуун, норуот эмчитэ Владимир Алексеевич Кондаковы кытта алтыспыккын. Кини туһунан ахтан-санаан ааһыах эрэ.
- Улахан кылааска үөрэнэ тахсан баран, аҕам дойдутугар Бүлүү Дьөккөнүгэр оскуоланы бүтэрбитим. Владимир Алексеевич онно дириэктэринэн үлэлиирэ, ону таһынан история уруогун үөрэтэрэ. Сүдү күүстээх, айылҕаттан айдарыылаах киһибит чараас эйгэнэн билигин да, сахатын дьонун-сэргэтин арчылыы, араҥаччылыы, үөрэтэ такайа сылдьар.
Киһи инники дьылҕатын ардыгар этэр эбиккин дии.
- Миэхэ туох, хайдах киһи көрдөрө кэлиэхтээҕин туһунан чараас эйгэ нөҥүө информация кэлэр. Эрдэттэн кэпсииллэр. Ол миигиттэн тутулуга суох. Көстүбэт эйгэ нөҥүө кэлэн, бу киһи олоҕор туохха сыыспытын, ону көннөрүннүн диэн сипсийдэхтэринэ, тустаах киһиэхэ этэбин. Ардыгар бэйэм этээри гыннахпына, саҥардыбат түгэннэрэ эмиэ баар буолааччы.
Сахабыт сиригэр күүстээх эниэргийэлээх ытык сир элбэх. Сиэр-туом өттүнэн сиэрдээх сүбэ биэриэҥ дуу?
- Улуустарынан сылдьан, Сахабыт сирин ытык сирдэрин харыстыаҕыҥ диэн дьоҥҥо куруук сүбэлиибин. Былыр өбүгэлэрбит алаас үрдүгэр кэлэн туран, ытык сири аатын ытыктаан, улаханнык саҥарбаттар этэ. Билигин балаһыанньа хайдаҕый? Ытык сиргэ тиийэн, камераҕа устан, айахпыт муҥунан аатын ааттыыбыт. Ити кэлин сэттээх буолуон сөбүн, саха куттаах дьон буоларгыт быһыытынан умнумаҥ. Ытык сиргэ тиийэн, өбүгэ сытар сирин мээнэ уйгуурдумаҥ, саха сиэринэн сэмэй соҕустук сылдьар буолуҥ диэн сүбэбин тиэрдэбин.
Эйиэхэ эмтэнэ кэлбит киһи ис туругун бэйэҥ нөҥүө билэҕин дуо? Холобура, туга ыалдьарын.
- Эмтэнэ кэлбит дьону аан бастаан салгын куттарын ыраастыыбын. Ол кэннэ, буор кута эчэйбэтэх буоллаҕына, ол эбэтэр уҥуох тостуута суох буоллаҕына, бэйэм нөҥүө көрөбүн. Онно киһи ис туругар, ыалдьар уоргана харааран көстөн кэлэр. Маны куруук көрбөппүн. Турукка эрэ киирдэхпинэ.
Айылҕалаах дьон ортотугар «сулус ыарыыта» баар дуо?
- Дьэ, баар. Ити кыра баайыылаах дьон үөһэ тахсыыларын түмүгэр итинник ыалдьаллар дуу диэн көрөбүн. Үрдүк баайыылаах буоларга анаммыт айдарыылаах киһи, хайа да түгэҥҥэ мин күүстээхпин диэн бэйэтин билиниэ суоҕа, иккиһинэн, ити хараҥа күүстэр дьайыылара эмиэ буолуон сөп.
Арыгыга ылларбыт дьоҥҥо хайдах көмөлөһөҕүн?
- Киһи бэйэтин санаатыттан тутулуктаах. Арыгы ыарыы курдук абааһылаах. Ол абааһытын үтүрүйэн, киһи кутун ыраастаан баран, хааннарыттан арыгыларын дьаатын ыраастаан таһааралларыгар диэн анаан, от биэрэбин. Ону ууга көйөөрөн, ол уутун иһэн хааннарын ыраастаналлар.
Араак ыарыыга ыалдьар дьоҥҥо көмөҥ хайдаҕый?
- Бу ыарыыны кытары киирсибитим ыраатта. Кыайбыт, кыайбатах да түгэннэрим элбэхтэр. Бэйэм баҕа санаабынан барыларын үтүөрдүөхпүн баҕарабын да, мин таҥара буолбатахпын. Ол миигиттэн тутулуга суох. Ол эрэн миэхэ эрэнэн кэлбит дьоҥҥо, кыаҕым баарынан көмөлөһөбүн.