01.06.2024 | 20:58

Куораты тупсарыыга 136 устудьуон уонна 40 оскуола үөрэнээччитэ үлэлээн саҕалаата

Куораты тупсарыыга 136 устудьуон уонна 40 оскуола үөрэнээччитэ үлэлээн саҕалаата
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Хомсомуол болуоссатыгар мустубут байыастар халыҥ аармыйаларын куорат баһылыга Евгений Григорьев көхтөөх үлэ семестрэ саҕаламмытынан эҕэрдэлээтэ. 


«Уопсайа 136 байыас, ол эбэтэр хас биирдии 8 уокурукка 17-лии устудьуон, үлэлиэҕэ. Ыччаттар бары куорат араас орто уонна үрдүк үөрэҕин кыһаларын устудьуоннара. Кинилэргэ 40 үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ көмөлөһүөхтэрэ. Оҕолору барыларын биир сыал-сорук түмэр — куораппыт ыраас, кэрэ уонна нэһилиэнньэҕэ табыгастаах буоларыгар дьулуур. Буолаары турар «Азия оҕолоро» оонньууларынан бу күннэргэ үлэһит илии хаһааҥытааҕар даҕаны наада»,— диэн суруйар бэйэтин телеграм-ханаалыгар Евгений Григорьев.
Санатар буоллахха, «Киин куорат» хаһыат ыам ыйын 16 күнүнээҕи таһаарыытыгар Саха сирин устудьуоннарын тутар этэрээттэрин салайааччыта Айсен Соловьев устудьуоннар уокуруктарынан арахсан аан бастаан 2018 сыллаахха үлэлээбиттэрин кэпсээн турар. «Ол кэмҥэ куорат иһинэн субсидия көрүллэрэ, онтон тохтообута. Кэлин, 2022-23 сылларга, Олохтоох дьаһалта тэрилтэлэрин кытта үлэлэспиппит. Быйыл субсидиябыт эмиэ көрүллэн, уокуруктарынан үлэлииргэ төннөн эрэбит...»— диэн турар Айсен Соловьев 

https://kiinkuorat.ru/articles/ustuduonnar-etereettere-oloh-oskuolata

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...