18.05.2024 | 18:00

Устудьуоннар этэрээттэрэ — олох оскуолата

Устудьуоннар этэрээттэрэ — олох оскуолата
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Устудьуоннар тутар этэрээттэрэ тэриллибитэ быйыл 65 сылын туолар. Билиҥҥи устудьуоннар этэрээттэрэ аҥаардас тутуунан эрэ буолбакка, олох бары эйгэтигэр таһаарыылаахтык үлэлииллэр. 
Аныгы устудьуоннар сайыҥҥы үлэлэрин туһунан Саха сирин устудьуоннарын тутар этэрээттэрин салайааччыта Айсен Соловьеву кытта кэпсэттибит.

— Айсен Владимирович, бэйэҥ тускунан кэпсээ эрэ.

— Устудьуоннар этэрээттэригэр 2015 сыллаахха киирбитим. Бэйэм үөрэхпинэн физик-ядерщикпын эрээри, этэрээккэ кэлэн электросварщик, электромонтажник идэлэрин баһылаабытым. Аан бастаан Дьокуускай куораты тупсарыыга үлэлээн саҕалаабытым. Кэлэр сылга “Восточный” космодром эбийиэктэрин тутууга кыттыыны ылбытым уонна итинник сыл ахсын үлэлээн, 2017 сыллаахха Саха сирин устудьуоннарын этэрээттэрин салайааччыта буолбутум.

— Устудьуоннар этэрээттэрэ туох сыаллаах-соруктаах үлэлииллэрий?

— Кылгастык эттэххэ, хамсааһыммыт сыала-соруга — эдэр ыччаты, устудьуоннары кылгас кэмҥэ үлэнэн хааччыйыы. Этэрээттэр тутууга эрэ буолбакка, араас хайысханан барытынан үлэлииллэр: тыа хаһаайыстыбата, промышленнас, суол тутуута, сервис, медиссиинэ, оннооҕор археология. Ону таһынан үрдүк, орто үөрэх кыһалара бэйэлэрэ туһунан этэрээттэри тэрийэллэр. Ол курдук ХИФУ бэйэтин этэрээттэригэр энергетиктэр, электриктэр, геологтар, көмпүүтэри билиигэ үөрэтэр хайысхалардаахтар.

— Быйыл ханна уонна төһө элбэх устудьуон үлэлиэҕэй?

— Быйыл саамай сүрүн үлэбит “Азия оҕолоро” Норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга ааһыаҕа. Манна бэлэмнэнии үлэтэ эрэ буолбакка, Оонньууларга бэйэтигэр эмиэ үлэлиэхпит. Ол курдук, уопсастыбаннай аһылык сирдэригэр, уопсайдарга көрөр-истэр персонал уонна контролер-распределитель быһыытынан 600 тахса устудьуон үлэлиэхтэрэ.

Тыа хаһаайыстыбатын хайысхатыгар чэйи, эмтээх үүнээйилэри хомуйууга, балыктааһыҥҥа Саха сиригэр, Сахалиҥҥа, Камчаткаҕа быйыл 500 устудьуон дьарыктаах буолуоҕа. Ону кытары оҕо лааҕырдарыгар баһаатайдары бэлэмниибит, онно 200 тахса устудьуон үлэлии киириэҕэ. Пассажирскай таһыы хайысхата ааспыт сылга арыллыбыта, устудьуоннар Тындаттан Анапаҕа тиийэ тимир суолунан айаннаан, үлэлээн-хамнаан, сири-дойдуну көрөн кэлбиттэрэ. Быйыл манна 50 киһи үлэҕэ киириэҕэ. 2018 сылтан сервис этэрээттэрэ бааллар, быйыл Крым, Краснодар курортарыгар 50 устудьуон үлэлиэхтээх. Ону таһынан өссө 50 устудьуон Саха сиригэр туристическай базаларга, рестораннарга үлэлиэхтэрэ. “Север” диэн Ленскэй оройуонугар баар Чаянда сиртэн хостонор баайдаах сиргэ Бүтүн Арассыыйатааҕы тутуу бырайыагар эмиэ үлэлиэхтэрэ.

— Дьокуускайга бэйэтигэр туох үлэлэри ылаҕыт? Куорат баһылыга соторутааҕыта бэс ыйын 1 күнүттэн хас биирдии уокурукка 17-лии устудьуон сыһыарыллан, тупсарыы үлэтигэр көмөлөһүөҕэ диэн турар.

— Уокуруктарынан арахсан 2018 сыллаахха үлэлээбиппит, ол кэмҥэ куорат иһинэн субсидия көрүллэрэ, онтон тохтообута. Кэлин 2022-23 сылларга Олохтоох дьаһалта тэрилтэлэрин кытта үлэлэспиппит. Оттон быйыл субсидиябыт эмиэ көрүллэн, уокуруктарынан үлэлииргэ төннөн эрэбит. “Азия оҕолоругар” бэлэмнэниигэ 102 устудьуону, 120 оскуола оҕотун үлэнэн хааччыйыахтаахпыт. Кинилэр аҕыс управанан арахсан, бэс ыйыттан от ыйын ортотугар диэри үлэлиэхтэрэ: уулуссалары хомуйуу, кыра өрөмүөн, көтүрүү, көҕөрдүү уонна да атын саҥардыы үлэлэрэ.

— Ханнык орто, үрдүк үөрэх кыһаларыгар устудьуоннар этэрээттэрэ баарый?

— Биллэн турар, саамай элбэх ахсааннаах этэрээт Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка баар, ону кытары орто анал үөрэх кыһалара үөрэтэр хайысхаларынан бэйэлэрэ этэрээттээхтэр. Холобура, Сибээс колледжын “Связист” диэн этэрээтэ хаһыс да сылын волоконнай-оптическай сибээс тардыытыгар бэркэ үлэлии сылдьар. Тырааныспар техникумун устудьуоннара “Железные дороги Якутии” хампаанньаҕа сылын аайы үлэлииллэр. Итинник этэрээт элбэх, саҥалар да тэриллэ тураллар.

— Оскуола оҕолоро этэрээттэргэ киириэхтэрин сөп дуо?

— Биһиги үһүс сылбытын “Трудовые отряды подростков” бырайыагы сайыннара сылдьабыт. Бу бырайыак чэрчитинэн 14 саастарын туолбут оскуола оҕолорун үлэнэн хааччыйабыт.  Иллэрээ сыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 40 оҕо, былырыын 200-тэн тахса эрдэҕэс оҕо үлэлээбит буоллахтарына, быйыл кыттааччы ахсаана 1000-тан тахсыахтаах. Ону кытары биһиги Ил Дархан граныгар сайаапка биэрбиппит, онно үп-харчы көрүллэр түгэнигэр, 100 оҕону үлэнэн хааччыйыахтаахпыт. Ааспыт сыллары көрдөххө, бу хайысханы оҕолор сэҥээрбиттэрэ; этэрээтинэн бииргэ үлэлииллэр, кинилэри баһаатайдар ыйан-кэрдэн биэрэллэр, туох баар усулуобуйа барыта тэриллэр. Ону таһынан быйылгыттан Дьарыктаах буолуу киинин кытта үлэлээн саҕалаатыбыт. Оҕолор Кииҥҥэ кэлэн үлэ булуохтарын баҕарар буоллахтарына, биһиги этэрээппитигэр киирэн үлэлиэхтэрин сөп. Ол эрээри үлэ булан биэрэрдээҕэр оҕону үлэҕэ үөрэтии быдан суолталаах, уустук. Онон сүрүн сыалбыт ыччаты, оҕону үлэҕэ сыһыарыы буолар.

— Этэрээккэ киирэргэ сүүмэрдээһин баар дуо?

— Бастатан туран, устудьуон баҕаран туран үлэлиэхтээх. Ону таһынан доруобуйатын, туругун учуоттаан, үлэ хайысхатын талыан наада. Ол да буоллар сорох үлэ син биир бэйэтэ ирдэбиллэрдээх буолар, онон сүүмэрдээһин баар. Ол иһин биһиги “Профессиональнай үөрэх” диэн бырагырааманы ыытабыт. Бу бырагыраама көмөтүнэн этэрээккэ киирбит устудьуоннарга баҕарбыт идэлэригэр эбии үөрэнэллэригэр кыах бэриллэр. Үөрэх кыһалара субсидия ыланнар, устудьуоннары бохсо үөрэтэллэр: сварщик, штукатур, баһаатай, монтажник уо.д.а. Бу идэлэргэ устудьуон саас-күһүн устата үөрэнэн, сайыҥҥы бириэмэҕэ үлэлиэн сөп.

— Оҕолор ордук ханна үлэлиэхтэрин баҕаралларый?

— Биһиги сүрүннээн үлэ биэрээччилэртэн тутулуктаахпыт, кинилэр төһөнөн элбэх үлэ миэстэтин тэрийэллэр да, оччо элбэх устудьуону ылабыт. Билигин тутуу, промышленнас эйгэлэрин үлэ биэрээччилэрэ элбэх үлэһити ирдииллэр.

— Инникигэ ханнык саҥа хайысхалар киириэхтэрин сөбүй?

— Баҕа санаа диэн элбэх буоллаҕа. Холобура, 20 сыл анараа өттүгэр устудьуоннар этэрээттэрэ рестораннарга, гостиницаларга үлэлиэхтэрэ диэн санаан да көрбөт этилэр, онтон бу билигин сүрүн хайысхалартан биирдэстэрэ. Онон араас идэни барытын киллэриэхпитин сөп эрээри, ол барыта үлэ миэстэтин ахсааныттан тутулуктаах. Быйыл беспилотник операторын идэтин киллэрэргэ толкуйдаабыппыт даҕаны, бу хайысхаҕа үлэ миэстэтин булбатахпыт, оҕолор бэйэлэрэ интэриэһиргээбиттэрин да үрдүнэн. Уопсайынан, бэйэм көрүүбүнэн, үлэ хайысхалара элбээтэр-элбээн иһэр, ким баҕалаах сөбүлээбит үлэтин талан Саха сиригэр эбэтэр атын региоҥҥа  үлэлиир кыахтаах.

— Туох ыарахаттары көрсөҕүт?

— Устудьуоннар үлэлииллэригэр ыарахаттар куруутун баар буоллахтара, ол эрээри барыта үлэ тэтиминэн быһаарыллар. Оттон бу үлэни тэрийэргэ, үлэ биэрээччилэр, устудьуоннар эрдэттэн кэлэллэрэ бииргэ үлэлиирбитин чэпчэтиэ этэ. Холобура, тэрилтэлэр кыһын, саас устата: “Толкуйдуу сылдьабыт”,— дииллэр, онтон сайын биһиги барыларын үлэҕэ ыыппыппытын кэннэ: “Сарсын 20 үлэһит наада”,— диэн ирдииллэр. Төһө да сэрэппиппитин үрдүнэн, сылын аайы итинник хартыына. Устудьуон эмиэ ханна тугу гыныахтааҕын эрдэттэн билсиэхтээх, былааннаныахтаах буоллаҕа. Онон үлэ биэрээччилэргэ эрдэттэн сайаапка биэрэллэрин көрдөһөбүт.

Оттон билигин үлэбитигэр кэтэхтэн үөрэххэ көһүү мэһэйдиир. Устудьуоннар дьиэлэригэр бараннар, кинилэри кытта сибээстэһэргэ, түмсэргэ ыарахаттары үөскэтэр.

— Инникигэ тугу былаанныыгытый?

— Арассыыйатааҕы устудьуоннар этэрээттэрэ дойду үрдүнэн үлэлээбиттэрэ быйыл 65 сыла буолар, оттон аныгы устудьуоннар этэрээттэрин хамсааһына 20 сылын туолар. Онон бу биһиэхэ улахан суолталаах сыл, былааммыт киэҥ. Былырыын 2711 устудьуону үлэнэн хааччыйбыт буоллахпытына, быйыл 5000 киһиэхэ тиэрдэри былаанныыбыт. Билиҥҥи туругунан 4500 тиийэн турабыт. Бу күһүн үбүлүөйгэ анаан араас тэрээһиннэри, бэстибээллэри ыытыахпыт.

— Оттон эһиги кэккэҕитигэр киириэн баҕалаахтарга тугу сүбэлиэҥ этэй?

— Этэрээттэргэ киириэн баҕалаахтар наар бааллар, арай бэлиэтээн көрөрбүнэн, кыыс аймах эрдэттэн суруйтарар, оттон уолаттар үлэ оргуйбутун кэннэ биирдэ, хойутаан кэлэллэр. Ол иһин өр толкуйдаамаҥ, сайынын тугу эмэ гыныаххытын, харчылаһыаххытын, саҥа идэлэри баһылыаххытын, саҥа доҕоттордонуоххутун баҕарар буоллаххытына, суруйтарыҥ. Этэрээт бэтэрээннэрэ этэллэрин курдук, “Устудьуоннар этэрээттэрэ — олох оскуолата”. Мин санаабар, бу оскуоланы хас биирдии устудьуон ааһыан наада.

— Ханна суруйтаралларый?

— Каландарашвили уул., 21 дьиэтигэр “СО Здание” мультиформатнай пространствоҕа кэлэн сайаапка хаалларыаххытын эбэтэр “Студенческие отряды Якутии” диэн Телеграм, ВК бөлөхтөргө ыйыталаһыаххытын сөп. Ону таһынан “ТрудКрут.рф” саайтка сайаапка суруйуоххутун сөп. Баҕалаах устудьуоннары барыларын ыҥырабыт!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...