12.06.2020 | 21:06

Куораттар, тыаҕа кэлимэҥ!

Куораттар, тыаҕа кэлимэҥ!
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу тыллартан саҕаланар биллэриилэр билигин улуус аайы бассаап ситимин нөҥүө кэлэр буоллулар. Урут куораттан аймахтаргын кэтэһии, сайыны быһа тэҥҥэ эн-мин дэсиһэн сайылаан олоруу сыл аайы хатыланар кэрэ да кэмнэр этилэр.

Оттон быйыл? Бу киһи үөйбэтэх-ахтыбатах, тымтыктанан да көрбөтөх ыарыыта буулаан, дойдулаах киһи төрөөбүт түөлбэтигэр сайылыы тахсара  сорох-сорох сирдэргэ күөмчүлэниэх да курдук буолла. Баар даҕаны диэххэ сөп. Кыраныыссаларын саппыттар, ГАИ-лар тураллар, ким да ааспат гына бүөлээбиттэр үһү диэн сурах-садьык тарҕанар. Ама, бу биһиги билиҥҥи олохпут  дуо, ама утуйа сыппаппыт, түһээн көрөбүт дуо? Суох, бу барыта илэ, сибилигин буола турар быһыы-майгы.

Куораттар, ыарыыны аҕалымаҥ, баһаалыста, кэлимэҥ дииллэр. Тиийдэхпитинэ, 14 күн дьиэттэн тахсыбакка олоробут, аспытын-үөлбүтүн маҕаһыын үлэһиттэрэ эбэтэр волонтердар аҕалан биэрэллэр. Сайылыы барбыт дьон тута балыыһаҕа, администрацияҕа учуокка турар үһүбүт. Саатар эрэ, дойдубутугар эрэ киллэрдиннэр. 14 күн ахтыбыт, тапталлаах тэлгэһэбэр төһөнү баҕарар сылдьарга бэлэммин. Эчи, дэриэбинэҕэ кэрийиэх да сир ахсааннаах. Онон ол 14 күн хаайыллыы диэнтэн тус бэйэм олох куттаммаппын, кыһаммаппын. Саамай баҕарар баҕа санаам –  дойдубар, төрөөбүт өтөхпөр, кырдьаҕас дьиэбэр баран сытыы, сынньаныы, куорат дьалхааныттан куотуу.

Бэлэм олоробут

Кыра нэһилиэк кылаабынай бырааһа:

– Биһиги улууспутугар оптимизация түмүгэр уруккута учаастактааҕы балыыһалар бары врачебнай амбулатория диэн буолбуттара. Урут ньиргиһэн үлэлии олорбут балыыһалар билигин санитаркалара суох хааллылар, мин икки сиэстэрэбиттэн биир миэстэтин сарбыйбыттара. Санитарка үлэтин онон сиэстэрэ толорор буолла. Стационардары киин балыыһа иһинэн диэн хааллардылар, онон аҕыйах куойкаҕа ыарыһах сытар гына оҥордулар. Мин кыра нэһилиэк кылаабынай бырааһабын. Куойка, сытар миэстэ суох. Дьоммут ыарыйдаҕына атын балыыһаларга ыытабыт. Кииҥҥэ миэстэ суох буоллаҕына.

Нэһилиэкпитигэр куораттар кэлитэлээн эрэллэр. Ааспыт нэдиэлэтээҕи отчуот көрдөрөрүнэн, 54 киһи кэлбит. Сайылыы кэлээччилэр, бастатан туран, администрацияҕа учуокка тураллар. Онтон дьаһалта суһал штабка биллэрэр, отчуоттуур. Ол кэннэ 14 күн дьиэттэн тахсыбакка олоруохтаахтар.

Коронавирус дьаҥын утары нэһилиэнньэҕэ төлөпүөнүнэн, бассаап нөҥүө үлэ ыытабыт. Самоизоляцияҕа олоруҥ, сайыны ыарыыта суох туоруохха диэн күн аайы биллэриилэри, көрдөһүүлэри суруйабыт. Маны таһынан профилактика туһунан кэпсиибит, холобур, суунуу-тарааныы, бэйэни көрүнүү. Бэйэм кырдьаҕастарга дьиэни кэрийэ сылдьан үлэ ыытабын. Маҕаһыыҥҥа бу дьаҥ туһунан брошюра ыйаммыта, дистанцияны тутуһуу, маасканы кэтии эҥин туһунан. Мааската суох дьону киллэрбэттэр. Атыыга барыта баар. Маҕаһыын хаһаайката биһиэхэ наһаа көмөлөһөр. Дьон үксэ онно сылдьар. Онон атыыһыт куораттан кэлбит туора дьону администрацияҕа биллэрэр, сорохтор учуокка турбатах эҥин буолаллар.

Администрация эмиэ бассаап нөҥүө үлэлиир, кэлбит дьоҥҥо дьиэҕитигэр олоруҥ диэн төлөпүөннүүллэр. Кэлии дьон, хата, олороллор, истэллэр. Ол оннугар бэйэбит дьоммут истибэттэр. Куоракка киирии-тахсыы бөҕөлөрө, биир такси кистээн куоракка сылдьар дииллэр.

Дьиэҕэ олоруҥ диэбит дьоммутугар волонтердар нүөмэрдэрин ыытабыт, эми-тому, аһы тиэрдэн биэрэллэр. Улахан дэриэбинэлэргэ кэлии-барыы улаханнык хонтуруолламмат, волонтер үлэтэ эмиэ мөлтөх дииллэр. Кэлбит дьон астарын бэйэлэрэ ыла тиийэллэр үһү.

Биһиги улууспутугар билиҥҥитэ бу ыарыы кэлэ илик. Ол да буоллар, син биир бэлэм олоруҥ дииллэр. Биһигини эрэ тумнубат ыарыы буолуохтаах диэн. Онон барытыгар бэлэммит. Баһылыкпыт бэйэтинэн спонсордаан противочумнай көстүүммүт эҥин баар. Олус кутталлаах ыарыы диэн быраас киһи быһыытынан этэбин. Хайдах эмтэниллэрэ үөрэтиллэ илик, билигин сэттис версиянан эмтээн эрэллэр, хайдах тарҕанара, эмэ-томо барыта уларыйа турар, өссө доруобуйаҕар туох охсууну хаалларара эмиэ биллибэт. Схемаларын көрдөххө, малярия утары наһаа күүстээх икки бүк эмтэринэн эмтииллэр эбит. Ол аата ударнай доза диэн. Биһиги улуустан Ленскэйгэ барбыт быраас ыалдьан кэлэн, эмтэнэ сылдьар. Мантан төрүттээх кырдьаҕас куоракка бу ыарыыга хаптаран сытар. Миэхэ эрийээхтиир, олох өрүттүмээри гынным диир. Араастаан киирэр эбит, анаалыһыҥ суох диэн көрдөрөр, онтон КТ түстэххэ аны баар диир, положительнай буолар. Тута тыҥаҕар түһэр. Мөлтөх доруобуйалаах дьоҥҥо кутталлаах. Пневмониялаан баран тыҥаҕар чэр курдук хаалан хаалар.

Куоракка баар быраас кыргыттарым чыпчаала өссө кэлиэ дииллэр. Оннук буолар түгэҥҥэ быраас да, балыыһа да тиийэрэ саарбах.

Сайдыы икки өрүттээх

Мария, Үөһээ Бүлүү олохтооҕо:

Аныгы үйэ дьоно тус доруобуйатын көрүнэр буолла. Ким сүүрэр, ким фитнескэ, ким спортзалга сылдьар. Тыа нэһилиэктэригэр да онно сөптөөх аныгылыы тутуулаах сырдык, улахан саалалар тутуллан  эрэллэр. Быраастарбыт хамнастара үрдүүр, аптека элбиир, ол эрээри ыарыыттан үтүөрбүппүт көстүбэт, хата, ыарыы арааһа олохсуйан иһэр курдук. Сүрэх ыарыыта, онко, тымыр, куртах. Ас-үөл туругуттан доруобуйабыт мөлтүүр диэн быраастар быһаараллар. Кэнники кэмҥэ кырдьаҕас ыарыһахтар медицина амбулаторнай өҥөтүн сирэн эрэллэр. Тоҕо? Көрдөрө киирдэххэ, дабылыанньаны эрэ мээрэйдээн баран, илиитинэн да таарыйбакка, көмпүүтэргэ хам хатанан олорон, аҕыйахта тыл бырахсан кэпсэтэр быраастар, ыарыһах туругун үрдүнэн-аннынан сураһан баран ыыталлар. Ол курдук, бу үлэҕэ отчуот ордук суолталаах буолла. Аны туран, оптимизация диэн хайысханы киллэрэннэр тыа сирдэрин иэдэттилэр. Сайдыы биир сүҥкэн күүстээх үчүгэй көрүҥэ диэн быһаарбыттара эрээри, олоххо көрдөххө, атын хартыына тахсан кэлэр. Дьэ, бу оптимизация хас да араас көрүҥнээх эбит.  Икки-үс сылтан бэттэх быраас көмөтө тиийбэт сирдэригэр “подушевой норматив стационаров” диэн киллэрбиттэрэ. Ол аата, сахалыы судургутук быһаардахха, биир киһини эмтээһиҥҥэ ортотунан төһө үп тиксэрин көрдөрүү үһү. Итини таһынан “облачнай поликлиника” диэн киирэн эрэр. Манна быраас уонна ыарыһах олорор сирдэриттэн тутулуга суох виртуально алтыһаллар үһү. Бу бырайыагынан сотору кэминэн оһоҕостоох дьахталлар,  оҕолор уонна саастаах дьон көрдөрүнүөхтээхтэр. Өскөтүн биэлсэр пууннарыгар эбэтэр быраас амбулаторияларыгар суһаллык эвакуацияланар кыаҕа суох ыарахан ыарыһахтар баар буоллахтарына, суһал куойкалар тэриллиэхтээхтэр эбит.  Хайа да балаһыанньаҕа мэтээл икки өрүттээҕин курдук, медицинабыт да сайдыыта икки өрүттээх. Бу саҥа бырайыактар өҥөлөрө кыра нэһилиэнньэҕэ сатамньыта суохтар дии саныыбын.

Сайдыыбыт атын буолан таҕыста

Сахая Степановна, Үөһээ Бүлүү олохтооҕо:

– Биһиги улууспутугар бу оптимизация диэн иллэрээ сылтан киирбитэ. Бу сайдыы биир көрүҥэ диэн олохтоохтору үөрдүбүттэрэ. Онтубут атын буолан таҕыста, холобура, урут олохтоох балыыһабыт үгүс куойкалаах эбит буоллаҕына,  уонча куойкаҕа тиийэ аччаппыттара, онтукабыт да билигин суох буолла. Ол түмүгэр, бастатан туран, нэһилиэнньэ кырдьаҕас өттө охсуу ылла диэн көрөбүн. Урукку бэйэлэрин кэмнэригэр эдэр-сэнэх дьон, өр кэмҥэ ыанньыксыттаабыт, бостууктаабыт, сылгыһыттаабыт тыа дьоно дьэ, эмтэнээри, сынньанаары, доруобуйаларын көрүнээри гыммыттара, балыыһа диэн суох буолла. Билигин биһиэхэ тастан эрэ кэлэн эмтэнэргэ амбулатория тутуллан эрэр. Оптимизация түмүгэр балыыһа үгүс үлэһиттэрэ сарбыйыыга түбэстилэр, биир быраас, биир акушерка, биир медбрат, биир санитарка буолан хааллылар. Суһал көмө массыыналаах этибит, ону эмиэ суох гыннылар. Ол түмүгэр өр кэмҥэ үлэлээбит дьоммут үлэтэ суох хааланнар, атын нэһилиэктэргэ үлэ көрдөнөргө күһэллибиттэрэ.  Инньэ гынан билигин биир эрэ быраастаахпыт. Икки нэһилиэк, ол эбэтэр Харбалаах, Тамалакаан ыарыһахтарын көрөр. Суһал көмө массыыната суох буолан, ыарахан туруктаахтар, эчэйбиттэр кэккэ ыарахаттары көрсөллөр.

Уруккубутун суохтуубут

Нина Романовна, Уус Алдан:

Оптимизациянан ким эрэ сайынныбыт диир, ким эрэ астыммат. Киһи-киһи санаата араас. Кэтээн көрдөхпүнэ, эмчиттэрбит ардыгар үрдүнэн-аннынан эрэ көрөллөр, өрүү ыксыы сылдьаллар, наһаа ньиэрбинэй буолбуттар. Оттон, буолумуна, биир хоско хааллан олорон сүүс араас киһини кытта быһаарсыах диэтэххэ. Бээ, ол эрээри хамнастара эмиэ да үрдээтэ, араас аныгылыы аппарат элбээтэ дииллэр да, ыарыһахпыт өссө элбээбит курдук. Биһиэхэ саҥа поликлиника дьиэтэ тутуллан дьэндэйбитэ. Ол эрээри үлэһиттэри аччаттылар, сыл ахсын каадыр кэлиитэ уустук. Урукку быраастарбытын суохтуубут, барахсаттар, урут олус да кичэйэн көрөллөр этэ. Кыһамньыларын оҕото сыттаҕа.

         Дьэ, тыа дьоно итинник олороллор. Үчүгэй өттүн ылан көрдөххө, нэһилиэктэргэ да саҥа амбулатория тутуулара барар. Холобур, Горнай улууһугар быраас саҥа амбулаторията арыллыбыта. Манна уратыта диэн аныгы, бары өттүнэн куттала суох матырыйаалларынан ыарыһахтарга табыгастаах гына туппуттар, өссө биир саамай уратыта туспа телемедицина туочукалаах эбит.

      Сэбиэскэй кэмҥэ быраас идэтэ таҥараҕа тэҥнээх курдуга. Оччотооҕу медицина кытаанах ирдэбиллээх, барытын суобастаахтык, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан, дьон туһугар, үлэһит киһи туһугар диэн буолара. Билигин кистэл буолбатах, барыта үп-харчы эккирэтиһиитэ, күннээҕи аспыт-таҥаспыт айдаана, киһи барыта кирэдьииттээх. Үлэлиир киһи өссө элбэх хабалаҕа киирэр курдук.

Араас ыарыыны кыайарга айыллар саҥа технологиялаах медтехника быраастар сылаалаах үлэлэрин чэпчэтэргэ ананар. Урукку кэм курдук атынан, сатыы билигин суһал көмөҕө ким да барбат. Көлүөһэлээх тиэхиньикэни баһыйар түргэн мобильнай быраастар, өҥөлөр баар буолуохтара диэн, медицинаны төрдүттэн уларытыылар киирээри тураллар.

Билиҥҥи медицинабытыгар туох ирдэбиллэр туралларый? Хамнаһы үрдэтии, кэҥэтиллибит иккис таһымнаах балыыһалар уонна санитарнай авиация үлэлэрин саҥа стандартынан былааннааһын, клиническэй боротокуоллары, ол аата туһааннаах ыарыһахха көмө ирдэбиллэри чопчулуур нуорма докумуонун киэҥник киллэрии. Стоматология боппуруоһа нэһилиэктэргэ сытыытык турар. Бу көмөнү саҥалыы тэрийии, ревматология сулууспатын атын көрүҥнээн тэрийии, күүстээх каадырдарынан хааччыйыы ирдэбиллэрэ эмчиттэр сийиэстэригэр этиллибитэ.

Төһөтө нэһилиэктэргэ тиийиэй уонна туолуой? Тыа дьоно барахсаттар кэтэһэллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...