12.03.2020 | 09:12

Куоратчыт мэтириэтэ

Куоратчыт мэтириэтэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

       Историческай суолталаах скульптуралары элбэтиэххэ

Мария Семеновна Афанасьева, Сунтаар улууһа:

– Куорат диэ... Тыа киһитэ буоларым быһыытынан, куоракка дөрүн-дөрүн кэллэхпинэ, барытын саҥаттан сонургуу көрөбүн. Урут сылдьыбыт сирдэргэр хайаан да киһи хараҕар быраҕыллар уларыйыылар баар буолаллар. Ол барыта Сахабыт сирин киин куората тупсарыгар үгүс үлэ ыытылларын туоһута. Ол эрэн хараххынан сонурҕуу көрбүтүҥ тута ааһан, итэҕэстэри-быһаҕастары бэлиэтии көрөр буолаҕын. Куорат киин миэстэлэригэр арыгы атыылыыр алкомаркет, киоска элбэҕэ киһини хомотор. Ол тухары иһэр-аһыыр дьон киһи хараҕар үгүстүк быраҕыллар буолла.  Куорат килбэйэр киинигэр кир-хох сатаан дьаһаллыбата, аһара баран куорат ортотугар, дьон сатыы сылдьар сиригэр бөх-сыыс ыһыллан сытар буолар. Киһи хараҕын аалар атыы-эргиэн рекламатын оннугар уулуссаларга ыраас буолуу, духуобунас, кэрэни кэрэхсии көрөр тыллардаах суруктар бааллара буоллар. Ханнык баҕарар куорат бэйэтин култууратынан, үгэһинэн уратылаах буолар. Ол иһин оннук истииллээх скульптурнай оҥоһуктар, аллеялар эбиллэллэрэ буоллар, сонун көстүү буолуо этэ. Холобур, омук сирин үтүктэн оҥорбокко, бэйэбит култуурабытыттан, итэҕэлбититтэн да ылан көрүөххэ сөп. Ити Орджоникидзе болуоссатын фонтана сайын – атын, кыһын сахалыы оһуорунан умайан турара көрөргө олус үчүгэй. Итинник ураты, историческай суолталаах миэстэлэргэ скульптуралар бааллара буоллар, куораппыт атын көстүүтүнэн кэлбит ыалдьыттары сонурҕатыа буолуо. Кэлиҥҥи кэмҥэ Дьокуускай куораппыт атыы-эргиэн киинин курдук көстөр буолла. Хайа да диэки хайыс, эргиччи маҕаһыын. Аны туран, автовокзалга сылдьар “хаамаайы” дьону көрөн киһи кыбыстар. Ордук сайыҥҥы кэмҥэ элбэх буолаллар. Күүлэйдии кэлбит тыа киһитэ ол сиргэ оҕону, сиэни илдьэ сылдьыан кыбыстар. Киһи хомойуох, ол дьоммут бу биһиги курдук тыаттан төрүттээхтэр эбээт. Тоҕо ким да болҕомтоҕо ылбатын дьиктиргиибин. Кинилэр эмиэ ким эрэ аҕата, убайа, быраата, эдьиийэ, балтыта дьон олох очуругар оҕустаран сылдьаллара буолуо...

Бөх тоҕор дьааһык тупсубут

Николай Ефимович Алексеев, Ньурба улууһа:

– Дьокуускай куораппытыгар сыллата саҥа тутуулар бөҕө киирэн иһэллэрэ кэрэхсэбиллээх. Кэлиҥҥи кэмҥэ сахалыы колориттаах дьиэлэри син тутар буолан эрэллэр диэн биир бэйэм бэлиэтии көрөбүн. Кырдьык да, манна сахалар олороллор эбит диэн кэлбит ыалдьыкка өйдөбүл үөскүүр. Дьэ, күүтүүлээх сааспыт салаллан кэллэ диэххэ. Ону кытта тэҥҥэ суолбут соторунан халтараан буолуох чинчилээх. Хаар уулларын саҕана сотору били “помоябыт”, кирбит-хохпут тэҥҥэ тахсан кэлиэ турдаҕа. Хас биирдии ыал бэйэтин бөҕүн чөкөччү мунньан, анал дьааһыктарга быраҕан иһэрэ буоллар... Билигин чааһынай сектордарга уонна уопсай дьиэлэр аттыларыгар “Якутскэкосети” диэн суруктаах саҥа, сонун дьааһыктары уурбуттарын бэлиэтии көрдүм. Хата, бэркэ толкуйдаабыттар. Ыт кыайан хатаастан тахсыбат дьааһыктара ууруллубуттар. Куорат кытыы өттүгэр хаарбах, самнайбыт дьиэлэр билигин да тураахтыыллар. Көрөргө курус хартыына. Мин сотору-сотору куоракка тиэстэр буоламмын, балаһыанньаны билэбин. Дьыл ханнык да кэмигэр киирдэрбин, куоратым барахсаны сыныйан көрөбүн ээ. Сайын куораппыт киинигэр уонна хас биирдии тэрилтэ тэлгэһэтигэр сибэкки арааһын олордор буолбуттара киһи хараҕын сылаанньытар, дууһатын манньытар. Киһи сүргэтэ көтөҕүллэр. Дьон-сэргэ сынньанар сирэ элбии турара наһаа үчүгэй. Сахабыт сирин киин куората Дьокуускай өссө да тупсан, сайдан, киэркэйэн, Арассыыйа ыраас куораттарын ахсааныгар киирэригэр бары кыһаллыаҕыҥ диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.

Куорат ортотугар аттар мэнээктээтилэр

Анна Козлова, Дьокуускай куорат:

Ыалым дьахтар бөх тоҕо тахсан баран, бөҕүн төттөрү көтөҕөн киирдэ. Сылгы үөрэ кэлэн, контейнердаах бөҕү хаһа, оруу, түөрэ тураллар үһү. Биир толуу-мааны маҥан сылгы хойуу сиэл быыһынан кини диэки көрөн баран, тииһин ырдьыгынатан, модьу атаҕынан табыйбытыттан куттаммыт. Аны ыттарбыт ыраахтан чуҥнаан, бу үрдүк, мааны, дырайбыт аттар хаһан баралларын, кинилэр уһун моойдорун уган ытыран таһааран ыскайдаабыт астарыттан тииһинээри, кэтэһэн олороллор үһү. Сылгылаахтар ороскуокка киириэхпит, хара көлөһүммүт таах хаалыа диэн, сэрэммэттэрин сөҕөбүн. Куорат диэки кыйдаабыт баайдара бөҕү хаһан аһаан, тыыллан хаалыахтарын эмиэ сөп курдук. Сылгы үөрдээхтэр утары саҥарар, үөхсэр тыллара төһө да бэлэмин иһин, куораты киртитэбит, дьону-сэргэни мэһэйдиибит диэн толкуйдаабаттар эбит. Эмис-тала, өй-дьүһүн мааны, сууммут-тарааммыт сылгылар дуоспуруннаахтык хааман ласпалдьыһан кэлэн, олбуор иһин биир гына бөхпүтүн ыһаллар. Эбиэһинэн, бурдугунан, иҥэмтиэлээх отунан аһыыр, хас хаамтахтарын аайы күн уотугар кылбачыйар, толбоннуран олорор түүлээх-өҥнөөх сылгыларбыт чөмчөччү олордон кэбиспит саахтара олбуор иһин харбыыр үлэһиттэргэ эбии үлэ буолбута олус абалаах. Дьөһөгөй оҕолоро куоракка киирэн, уоттаах-күөстээх, тыастаах-уустаах, элбэх дьонноох сырдык сирдэринэн дуоһуйа күүлэйдээн, сонун аһы аһаан киэһэлик далларын булан эрдэхтэрэ. Дьокуускай куорат арҕаа, хоту баһын олохтоохторо кыыһыран-абаран, киҥнэнэн, итии хааммыт хойдон, көхсүбүт буһан олоробут. Куорат дьаһалтата хайдах кыайбатый? Көҥүл айбардыы сылдьар сылгылар хаһаайыттарын уодьуганныыры.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...