30.01.2020 | 09:55

Куорат тэтимэ түргэн

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куоратчыт мэтириэтэ:

Домна Егоровна Иванова, Ньурба куората:

- Куорат түргэн тэтимнээх. Налыйан хаалан, дьыалаҕын ситиһиэ суоххун сөп. Ол иһин сарсыарда эрдэттэн күҥҥүн былааннанан, бүгүн ханна сылдьаргын, кимниин көрсөргүн блокнокка бэлиэтэнэн сырыттахха сатанар. Куоракка үлэ буларга судургу. Чааһынай тэрилтэ элбэх. Киин сиргэ ыччат дьон, саастаах да өттө сайдыы тэтимигэр сөп түбэһэн, бэйэ ис туругун түргэнник арыйан, талааннара сайдар дии саныыбын. Ол да иһин буолуо, эдэрдиин-эмэнниин бары куоракка талаһаллар. Биллэн турар, куоракка олорор, үлэлиир үчүгэй. Онтон тыа сирэ дууһалыын, өй-санаа өттүнэн сынньанарга табыгастаах. Куоракка сылдьан көрдөххө, сахалыы дьүһүйэн уруһуйдаммыт таас дьиэлэр тастарын киһи сэргии, умсугуйа көрөр. Дьокуускайга сайын уоппускабар бара сылдьан музей арааһын, “Орто дойду” араас кыылын көрөммүн, маны таһынан “Булуус”, Туруук хайа, Күрүлүүр кэрэ көстүүлэрин көрөн олус астынан кэлбитим. Кыһын куорат өссө уһуктара буолуо дии саныыбын. Култуурунай тэрээһинэ элбэҕэ, театрдарга араас испэктээкил, сонун кэнсиэр, киинэ буолара, дьон-сэргэ  духуобунай өттүнэн сайдара саарбахтаммат. Олоххо актыыбынай позициялаах дьон кыһын тымныытын аахсыбакка, интэриэстэринэн араас хамсааһыннарга, уопсастыбаннай үлэлэргэ кытталлара билиҥҥи олох ирдэбилэ буолуо дии саныыбын. Онтон куоракка олохсуйар дьон тыастан-уустан тэйиччи, куорат таһыгар чааһынай диэҕэ олороллоро ордук.

                                

     Тыа сиригэр олорор ордук

Светлана Егорова, Сунтаар улууһа:  

- Куоракка үлэлии барар буоллаххына, хайаан да бастаан олорор сиргин быһаарсыаххын наада. Билигин дьиэ куортама куоракка өссө үрдээбит буолуохтаах. Холобура, биир хостоох таас дьиэ сыаната 25-28 тыһыынчаҕа тэҥнэһэр, оттон уулаах-хаардаах мас дьиэҕэ куортам сыаната 15-20 тыһыынча буолар. Ол аата эдэр Специалист 25 тыһыынча хамнастаах маҕаһыын атыыһытынан үлэлээтэҕинэ, ыйдааҕы хамнаһа аҥаардас куортамыгар эрэ бара туруо. Холобура, мин оҕолоохпун, онон оҕобун ахтаммын дойдубар таксинан айаннаатахпына, эбиитин ыйдааҕы аһым-үөлүм, туттар тэрилим, бырайыаһым сыанатын эбэн кэбиһиҥ. Ол аата киһи куоракка үлэлээн, аҥаардас куортамын эрэ төлөнүөн сөп курдук буолан тахсар. Ол оннугар тыа сиригэр бэйэҥ дьиэҕэр олорон эрэ үлэлиир ордук дии саныыбын. Тыаҕа бэйэҥ кэтэх хаһаайыстыбалаах буоллаххына, олорорго, үлэлииргэ чэпчэки диибин. Кылаабынайа сүрэхтээх, тулуурдаах уонна дьулуурдаах буолуохха наада.

Бүгүҥҥү сыана

“Илин эҥэр” маҕаһыын

Дьокуускай куорат “Илин эҥэр” маҕаһыыныгар атыыланар олохтоох бородууксуйа сыаната:

“Саха булт”

  • Хотугулуу моһуоннаах этэрбэс – 45-50.000 солк.;
  • “Эксклюзив” этэрбэс (биирдии устууканан тигиллибит) – 35 тыһыынча солк.

Биирдиилээн оҥорон таһаарааччылар табаардара:

  • Дэйбиир – 2.600 – 4.550 солк.;
  • Дьахтар этэрбэьэ – 30.000 солкуобайтан саҕалаан;
  • Сахалыы оһуордаах дьахтар үтүлүгэ – 1.000 - 5.000 солк;
  • Сахалыы суумка - 2.100 - 2.700 солк.;
  • Саха быһа5а -  9.000 – 11. 600 солк.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...