18.04.2024 | 11:59

Куорат таһыгар айылҕаҕа сынньанарга икки миэстэ быһаарылынна

Куорат таһыгар айылҕаҕа сынньанарга икки миэстэ быһаарылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олохтоох дьаһалта Гражданскай оборонаҕа, ыксаллаах быһыыга-майгыга управлениета иһитиннэрэринэн, Дьокуускай куорат территориятыгар айылҕаҕа сынньанар миэстэлэр чопчуланнылар.
Ол курдук, баһаартан сэрэхтээх буолууну хааччыйар сыалтан куорат олохтоохторо быйыл икки сиргэ сынньанар кыахтаахтар:
1. Кангалаас бөһүөлэгэ, чох тиэйэр причал таһынан;
2. Хатас бөһүөлэгэ, Покровскайдыыр суол 20 км уҥа өттө.
Бэлиэтээн эттэххэ, урукку сылларга Дьокуускай куорат олохтоохторо Кангалаас тумулун уонна Хатас диэки сиртэн ураты Покровскайдыыр суол 25 км Табаҕа сэлиэнньэтин туһаайыытынан итиэннэ Намныыр тракт 22 км суол хаҥас өттүгэр сынньаналлара көҥүллэнэр этэ. Үөһээ этиллибитин курдук, быйыл икки эрэ миэстэ көҥүллэннэ.
Бу икки миэстэҕэ төһө баҕар сылдьыахха сөп эрээри, кутаа оттор бобуллар, чоҕунан оттуллар бэлэм мангааллар бааллар. Оттон гражданнар баһаартан сэрэхтээх буолуу миэрэлэрин тутуһар эбээһинэстээхтэр, мангаал анныгар умайбат матырыйаалы ууруллуохтаах, уоту умуорар тэрилинэн хааччыныахтаахтар. 
РФ КоАП 20.4 ыстатыйатынан, баһаартан сэрэхтээх буолуу быраабылатын кэһии иһин:
- гражданнарга 5000 солкуобайтан 15000 солкуобайга диэри ыстараап көрүллэр;
- дуоһунастаах сирэйдэргэ - 20000 солкуобайтан 30000 солкуобайга диэри;
- тэрилтэлэргэ - 300 000 солкуобайтан 400 000 солкуобайга диэри.
2024 сыл муус устар 27 күнүттэн сынньанар сирдэринэн эриэйдэлэр саҕаланыахтара.
Ойуур баһаарын биллэрэр төлөпүөннэр:
- баһаарынай сулууспа- «101»;
- быыһыыр сулууспа - «112»;
- Биир кэлим дьуһуурунай-диспетчерскэй сулууспа - 44-45-64.
Бэйэҕитин уонна чугас дьоҥҥутун харыстааҥ, диэн ыҥырар Дьокуускай куорат Гражданскай оборонаҕа уонна ыксаллаах быһыыга-майгыга управлениета.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....