12.10.2021 | 17:20

Куорат сулууспалара уулуссаҕа былааннаммыт үлэлэри ыыталлар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Алтынньы 12 күнэ үүнэр түүнүгэр куоракка хаар түһэн, «Якутдорстрой» АУо үлэһиттэрэ уонна тиэхиньикэтэ хаары күрдьэллэр уонна халтыраан буолбатын курдук кумаҕы куталлар, суолу грейдердииллэр. Бу туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 
Хаар Ленин,  Орджоникидзе, Кыайыы, Доҕордоһуу болуоссаттарын бордюрдаах өттүлэригэр, Ийэ скверигэр уонна «Туймаада Саллаата» мемориалга ыраастанна. 
Тырааныспар сылдьар суолун грейдердааһын Леваневскай, Полина Осипенко уулуссаларыгар, «Стерх» дьоҕус оройуоҥҥа ыытыллар.
Дьаамалары тэҥниир өрөмүөн кэнниттэн грейдердээһин үлэтэ Боотурусскай, Якутская, Очиченко, Кржижановскай, Бабушкин, Челюскин, Ильменскай, Винокуров, Потапов, Крупская уулуссаларыгар барар. 
Халтырааны утары оптуобус хармааннарын, быһа охсуһар уонна эргийэ барар суоллары өрүс кумаҕынан куталлар. 
Ирбит хаар уутун АСМ-нан намыһах сирдэргэ – Чехов уул., 28-30, Лонгинов уул., 9, Бекетов уул., 11, Каландаришвили уул., 39, С. Данилов уул., 3 хачайдыыллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...