18.05.2021 | 13:20

Куорат салалтата көҥүлэ суох тутуулары хонтуруоллуур

Куораты тутуу уонна тырааныспар инфраструктуратын департамена иһитиннэрэринэн, Дьокуускай куоракка көҥүлэ суох тутуллубут 274 кэриҥэ эбийиэк баар. Бу туһунан куорат баһылыга Евгений Григорьев ыыппыт мунньаҕар этилиннэ.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

СӨ Тутууга уонна дьиэҕэ-уокка судаарыстыбаннай хонтуруолга управлениетын салайааччыта Павел Аргунов өр кэмҥэ ситэ тутуллубакка турар эбийиэктэргэ болҕомто уурарын биллэрдэ: “Күрүөлэрэ суох, ким да харабыллаабат, онон кутталы үөскэтэллэр, чуолаан обургу оҕолорго уонна ыччакка”, – диэтэ. Кини Лермонтов уул., 77, Киров уул., 31/5А, Ленин пр., 55/1 аадырыстарга ситэтэ суох, быраҕыллан турар тутуулары ааттаталаата.  

Куораты тутуу уонна тырааныспар инфраструктуратын департаменын начаалынньыгын солбуйааччы Ньургун Пахомов бу аадырыстарга хамыыһыйа тиийэн көрбүтүн, үлэ ыытыллыбытын кэпсээтэ.

«Сир сыһыаннаһыыларын агентствота» муниципальнай хааһына тэрилтэтин салайааччыта Акулина Друзьянова Лермонтов уул. 77-гэр турар сир учаастага быраабы олохтуур докумуона суоҕун бэлиэтээтэ, тутааччыны кытта дуогабар түһэрсиллибэтэҕин кэпсээтэ.   

«Көҥүлэ суох тутууларга миэрэни кытаатыннарыахха наада. Дьокуускай куорат сиригэр-уотугар көҥүлэ суох тутуллубут, дьон олорбот эбийиэктэрин көтүрэри түргэтэтэр санаалаахпыт», — диэтэ Евгений Григорьев.

Түмүккэ киин куоракка көҥүлэ суох тутуу ахсаанын ааҕарга быһаарыныы ылылынна, маныаха олохтоох салайыныы уорганнарын кытыарыахтара. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....