04.05.2023 | 11:39

Куорат сааскы халаан этэҥҥэ ааһарыгар бэлэм

Куорат сааскы халаан этэҥҥэ ааһарыгар бэлэм
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат баһылыга Евгений Григорьев уонна прокурор Антон Николенко Дьокуускай территориятыгар сааскы халаан уутун аһардыыга бэлэмнэниини бэрэбиэркэлээтилэр.  
Куорат баһылыгын солбуйааччы Егор Кардашевскай, Кутталлаах быһыыга-майгыга управление начаалынньыга Николай Егоров, Олохтоох дьаһалта салааларын уонна тэрилтэлэр салайааччылара кыттыылаах көһө сылдьар мунньах бастакы уочарат Даркылаах түөлбэтигэр сырытта. Биллэрин курдук, I-кы уонна II-ис Пристанская уулуссалар сыл аайы кэриэтэ ууга бараллар. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн быйыл ыам ыйын ортотун эргин прокуратураҕа Даркылаах оройуонугар сир учаастактарын боппуруоһун көрөргө быһаардылар. 
Ол курдук, бастатан туран, бу сир учаастактарын хаһаайыттарыгар дьиэ-уот сертификаттара бэриллибиттэрин үрдүнэн тоҕо мантан көспөккө олороллорун быһаарарга, ууга барар территорияттан көһөллөрүн курдук үлэни ыытарга сүбэлэстилэр.
Мунньах ити кэнниттэн ВПС-4 уонна ВПС-6 ууну аһардар оборудованиелары көрдө, Намныыр суол Строд уулуссатын учаастагар Мархинка үрэх аннынан ыытыллар уу турбаларын ууруу хаамыытын билистилэр. Үлэни «Дороги Саха» бэдэрээттээх тэрилтэ оҥорор.   
Ити курдук, бүгүҥҥү күҥҥэ киин куорат сааскы халаан уутун көрсөргө бэлэм. Көһө сылдьар мунньах түмүгүнэн прокурор Антон Николенко сааскы халааҥҥа бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллыбытын бэлиэтээтэ. Оттон, уу ылар түгэнигэр, нэһилиэнньэни быстах кэмҥэ олордор пууннар тэриллэн тураллар. 
Бэлиэтээн эттэххэ, муус устар 27 күнүгэр баһылык Евгений Григорьев уонна куорат прокурора Антон Николенко куорат соҕуруу эҥэригэр сытар гидротэхиньиичэскэй тутуулары бэрэбиэркэлээбиттэрэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...