Куорат саҥа күрэҕи биллэрдэ
Быйыл Дьокуускай куорат территориятыгар бастыҥ көҕөрдүү, сибэккилэринэн киэргэтии, көрүү-истии куонкуруһа ыытыллар. Ол курдук, ыам ыйын 4 күнүгэр куорат баһылыга Евгений Григорьев «Киин куорат күөх кубога» («Зеленый кубок столицы») бастыҥ көҕөрдүү куонкуруһун биллэрдэ.
«Куораты киэргэтиигэ тэрилтэлэри, оскуолалары, көхтөөх гражданнары, куорат олохтоохторун кыттыһыннарыыбыт үтүө үгэскэ кубулуйда. Быйыл ити үгэспит атын пуорманан ыытыллыаҕа. Ол курдук, «Киин куорат күөх кубога» куонкуруһу тэрийэбит. Куонкуруска ким баҕалаах барыта кыттар. Үбүлүөйдээх сылбытыгар Дьокуускай куорат сибэккигэ сууланыахтаах!» - диэтэ Евгений Григорьев.
Ити иннинэ, муус устар ый саҥатыгар, Олохтоох дьаһалтаҕа «Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МХТ салайааччыта Владимир Аммосов бэрэссэдээтэллээх куорат уокуругун тупсаран оҥорууга уонна көҕөрдүүгэ штабын мунньаҕа ыытыллыбыта. Мунньахха структурнай салаалар, уокуруктар, куорат кытыытынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннар салайааччылара кыттыбыттара. Итиэннэ өрөспүүбүлүкэ 100 сылын бэлиэтээһинин чэрчитинэн Дьокуускайдааҕы уу тырааныспарын института уонна «Тугун як» Татаар омук култуурунай киинэ көҕөрдүү үлэтигэр бэйэлэрин санааларын үллэстибиттэрэ.
Территориальнай уорганнар салайааччыларыгар 2022 сыл муус устар 7 күнүгэр диэри уокуруктары көҕөрдүү, сибэккилэри, мастары уонна сэппэрээктэри олордуу былааннарын бигэргэтэллэригэр сорудахтаммыта. Сквердэр, болуоссаттар, уулуссалар уонна кыбаарталлар тиэргэннэрэ административнай территорияларга сыһыарыллыбыттара.
«Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МХТ салайааччыта Владимир Аммосов бэлиэтээбитинэн, Баһылык Евгений Григорьев сорудаҕынан ураты болҕомто сквердэри уонна болуоссаттары киэргэтиигэ эрэ буолбакка, мастар уонна сэппэрээктэр биһиги усулуобуйабытыгар төһө тулуйан үүнэллэригэр эмиэ ууруллуоҕа.
Владимир Владимировичтан быйылгы көҕөрдүү үлэтин туһунан билиһиннэрэригэр көрдөстүм.
Владимир Аммосов, «Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МХТ салайааччыта:
— Бу иннинэ сөптөөх олордуу, көрүү-харайыы методикалара оҥоһуллубуттара, онон быйыл биһиги тыйыс усулуобуйабытыгар сөп түбэһэр мастары уонна сэппэрээктэри олордуохпут. Сыл устата куорат территориятыгар баар мастар, сэппэрээктэр инвентаризацияларын ыытыахпыт, төһө тулуйалларын көрөн анаалыстыахпыт.
Быйыл муниципальнай сулууспалар күүстэринэн 5000 кэриҥэ мас олордуллара былааннанна, итиэннэ өрөспүүбүлүкэбит үбүлүөйүнэн куорат тэрилтэлэрэ, тэриллииллэрэ уонна уоспастыбанньыктар кыттыылаах көҕөрдүү үлэтинэн аахсыйалар, субуотунньуктар буолуохтара. Уопсайа 10 000 маһы уонна сэппэрээктэри олордору былаанныыбыт. Мас олордуутугар сүрүн маассабай субуотунньуктар «Ворота Якутска» болуоссакка, Гагарин уонна Кыайыы сквердэригэр ыытыллыахтара.
Уопсастыбаннай туоналары уонна сквердэри сибэккинэн киэргэтии Ийэ сылыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин 100 уонна Дьокуускай куорат 390 сылларыгар ананна, олордуллар сибэкки ахсаанын 2 мөлүйүөҥҥэ тиэрдэр былаан баар. Кохия диэн үүнээйини олордо сатыахпыт, үчүгэйдик кырыйыллар буолан, араас интэриэһинэй композициялары оҥоруохха сөп.
Территориальнай управлениелар уонна куорат кытыыта уокуруктары көҕөрдүүгэ бэйэлэрин концепцияларын көмүскээтилэр – элбэх ураты түгэннэр бааллар, хас биирдиилэрэ туспа тиэмэлээхтэр, ким эрэ үбүлүөйдээх дааталары талла, ким эрэ – патриотическай хайысханы.
Итини таһынан «Киин куорат күөх кубога» диэн саҥа, сылын аайы ыытыллыахтаах куонкуруһу тэрийэбит. Итиннэ болҕомто бастыҥ көҕөрдүүгэ, сибэккилэринэн киэргэтиигэ, көрүүгэ-харайыыга ууруллар. Куонкурус номинацията элбэх – «Цветущий город», «Цветущий двор», «Цветущий сад», «Цвет знаний», «КохиМания», «Зеленый кубок столицы», итиннэ ким баҕалаах кыттыан сөп.
«Киин куорат күөх кубога» сыл аайы ыытыллар куонкурус балаһыанньатын куорат баһылыга Евгений Григорьев 2022 сыл муус устар 29 күнүнээҕи 107п №-дээх уурааҕынан бигэргэттэ. Балаһыанньаҕа этиллэринэн, куонкуруска бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох бары тэрилтэлэр, министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр, уопсай үөрэхтээһин уонна оскуола иннинээҕи үөрэх тэрилтэлэрэ, орто уонна үрдүк үөрэх кыһалара, кэмиэрсийэтэ суох тэриллиилэр, атыы-эргиэн уонна өҥөнү оҥорор эбийиэктэр, территориальнай уопсастыбаннай бэйэни салайыныы уорганнара, ТСЖ, салайар хампаанньалар уонна элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр олохтоохторо кытталлар.
Куонкурус сүрүн сыала-соруга – пуормаларыттан тутулуга суох бары тэрилтэлэр территорияларыгар көҕөрдүү эбийиэктэрин уонна тупсаран оҥоруу хаачыстыбатын үрдэтэллэрин ситиһии, тупсаран оҥоруу эбийиэктэрин эстетическэй өттүнэн киэргэтиигэ уонна көҕөрдүүгэ уопуттарын тарҕатыы, ити өттүнэн үлэни пропагандалааһын, саҥа «новаторскай» идиэйэлэри киллэрии, көҕөрдүүгэ аныгы хайысхалары көрдөрүү, куорат уокуругар тупсарыы үлэтин тэтимирдии. Тэрээһин хаамыытын анал хамыыһыйа хонтуруоллуур.
Куонкурус араас номинацияларга араарыллан ыытыллар, куорат олохтоохторо итинтэн көрөн бэйэлэрэ талаллар. Номинацияларга кимнээх кытталларын көрүөххэ:
«Цветущий город» – бу номинация бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох бары тэрилтэлэргэ, министиэристибэлэргэ, биэдэмистибэлэргэ, атыы-эргиэн уонна өҥөнү оҥорор эбийиэктэргэ аналлаах.
«Цветущий двор» – бу номинацияҕа территориальнай уопсастыбаннай бэйэни салайыныы уорганнара, ТСЖ, салайар хампаанньалар уонна элбэх кыбартыыралаах уонна чааһынай дьиэлэр олохтоохторо кытталлар.
«Цветущий сад» – оскуола иннинээҕи үөрэх тэрилтэлэрин номинацията.
«Цвет знаний» – уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэрин, орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларын ортотугар ыытыллар.
«Эколидер» – кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэлэр – уопсастыбаннай тэриллиилэр, уопсастыбаннай хамсааһыннар, ассоциациялар уонна сойуустар, уопсастыбалар, общиналар, биир дойдулаахтар түмсүүлэрэ, баартыйалар уо.д.а. кыттар номинациялара.
«КохиМания» – новаторскай саҕалааһыннар уонна сонун идиэйэлэр, сэппэрээктэринэн көҕөрдүүгэ аныгы хайысхалары көрдөрүү, кохияттан «композициялары» оҥоруу (Ко́хия, эбэтэр Прутня́к, Изень (лат. Kóchia) — биир эбэтэр элбэх сыл үүнэр сэппэрээк аҥардаах «амарантовай» (Amaranthaceae) үүнээйи. Кохия диэн ньиэмэс ботанига Вильгельм Даниель Йозеф Кох аатынан ааттаммыт – википедияттан). Бу номинацияҕа бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох бары тэрилтэлэр, министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр, уопсай үөрэхтээһин уонна оскуола иннинээҕи үөрэх тэрилтэлэрэ, орто уонна үрдүк үөрэх кыһалара, кэмиэрсийэтэ суох тэриллиилэр, атыы-эргиэн уонна өҥөнү оҥорор эбийиэктэр, уопсастыбаннай тэриллиилэр, территориальнай уопсастыбаннай бэйэни салайыныы уорганнара, ТСЖ, салайар хампаанньалар уонна элбэх кыбартыыралаах уонна чааһынай дьиэлэр, итиэннэ куорат кытыытынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннар олохтоохторо кытталлар.
«Киин куорат күөх кубога» куонкуруска кыттыы сайаапкаларын 2022 сыл атырдьах ыйын 1 күнүгэр диэри туталлар. Күрэх икки түһүмэҕинэн ыытыллар.
Бастакы түһүмэх – территориальнай, 2022 сыл атырдьах ыйын 2 күнүттэн 13 күнүгэр диэри ыытыллар. Сүүмэрдиир көрүүнү, номинацияларынан түмүктэри салалта территориальнай уорганнарын, куорат кытыытынааҕы дьаһалталарын хамыыһыйалара ыыталлар.
Иккис түһүмэх – куорат таһымыгар, 2022 сыл атырдьах ыйын 18 күнүттэн 29 күнүгэр диэри ыытыллар. Номинацияларынан түмүктэри бастакы түһүмэх кыайыылаахтарын ортотугар куонкурус хамыыһыйата таһаарар.
Икки түһүмэх кыттыылаахтарын үлэлэрэ OneClick https:// yakutia.click/ портаалга тахсан, үс күн иһигэр уопсастыбаннай куоластааһыны ааһыахтара.
Кыайыылаахтары наҕараадалааһын Куорат күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр чэрчилэринэн ыытыллыаҕа.