Куорат паарката кэҥиир уонна тупсар кэскиллээх
Киин куораттааҕы Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар спортивнай-чэбдигирдэр комплекс тэриллэр.
Куорат баһылыга Евгений Григорьев иһитиннэрбитинэн, бырайыак Култуура уонна сынньалаҥ пааркатын кэҥэтии быһыытынан олоххо киллэриллэр. Манна спорт, оҕо оонньуур балаһааккалара, чэбдигирдэр, патриотическай комплекстар, аһыыр сирдэр, скейт-паарка баар буолуохтара. Ону таһынан «Этно-дэриэбинэ» диэн зонаҕа Саха сирин айылҕатын, Дьокуускай историятын кэпсиир мультимедийнай быыстапкалар баар буолуохтара. Оттон Комсомуол болуоссатыгар куорат маассабай бырааһынньыктарын, норуот күүлэйин ыытар миэстэ тэриллэрэ сабаҕаланар.
Саҥа спортивнай-чэбдигирдэр комплексы тэрийиигэ 27 гектар кэриҥэ иэннээх сир тыырыллыбыт.
«Бу бырайыак куорат маастар-былааныгар киирбитэ. Иккис маныаха майгынныыр бырайыак Тюмень куорат пааркатыгар олоххо киириэхтээҕэ биллэр», - диэн бэлиэтиир Евгений Григорьев.
«Уопсастыбаннай туоналары салайар киин» МАУ салайааччыта Виктор Обутов иһитиннэрбитинэн, комплексы үлэҕэ киллэрии кыраты суох үбү эрэйэр -- уунан хааччыйыы, киин ититэр ситимҥэ холбонуу о.д.а.