12.03.2024 | 12:00

Куорат олохтоохторо Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын отчуотун үчүгэйинэн сыаналаатылар

Куорат олохтоохторо Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын отчуотун үчүгэйинэн сыаналаатылар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат олохтоохторун иннигэр Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбытан 2023 сыллааҕы отчуотун Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков кулун тутар 5 күнүгэр Гагарин аатынан Аныгы култуура уонна искусство киинигэр оҥордо

«Ааспыт сыл федеральнай таһымҥа ылыллар дьаһаллар сөптөөх хайысханан баран иһиллэрин арылхайдфк көрдөрдө. Кытаанах экономическэй санкциялар уонна анал баһыайыаннай дьайыы усулуобуйатыгар түмсүүлээх буолуу – ситиһии сүрүн тирэҕэ буолара билиннэ. Дойдуга бүттүүнүгэр ыарахан кэмҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтэ туох баар күүһүн барытын ууран, дойду салалтатын болҕомтотугар киирдэ, ону кытта Дьокуускай куорат сайдыытыгар улахан кыах бэрилиннэ», – диэтэ Кирилл Бычков.

Ол курдук, 2024 сылга СӨ Бырабыыталыстыбатын былаанынан Саха сиригэр 12 национальнай бырайыагынан 44 региональнай бырайыак олоххо киллэриллэр, ол иһигэр 76 социальнай эбийиэк, 3 муоста. Арассыыйаҕа буола турар Дьиэ кэргэн сылынан дьиэ кэргэн духуобунай сыаннастарын харыстааһыҥҥа уонна дьиэ кэргэн институтун бөҕөргүтүүгэ үгүс үлэ ыытыллыаҕа. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр буола турар Оҕо саас сылынан «Дьиэ кэргэн» хапыталал суумата 300 тыһ. солк. диэри улаатар, «Карта юного жителя Якутии» суумата – 5 тыһ. солк. диэри. Маны сэргэ оҕо сайыҥҥы сынньалаҥар дьоһун болҕомто ууруллара былааннанар.

Отчуокка мустубут дьон Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин иннигэр МРОТ үрдээбитинэн сибээстээн оскуола иннинээҕи тэрилтэлэр педүлэһиттэрин хамнаһын үрдэтии, пилоттары бэлэмниир училищены тутуу, Гагарин уокуругар МФЦ дьиэтин тутуу, 34 №-дээх анал коррекционнай оскуола-интэринээт саҥа дьиэтин тутуу болдьоҕун, социальнай гаастааһын, Петр Алексеев уулуссатыгар «быраҕыллыбыт тутуу» дьылҕатын, «Горпечать» киоскаларын, Сайсары күөл түгэҕин ыраастааһын туһунан ыйытыылары биэрдилэр.

Бырабыыталыстыба отчуотугар куорат баһылыга Евгений Григорьев бэлитээбитинэн, тохсунньу 24 күнүттэн кулун тутар 4 күнүгэр диэри буолан ааспыт Олохтоох дьаһалта 2023 сыллааҕы үлэтинэн 43 отчуот ыытыллыбытын, манна 5200 тахса куорат олохтооҕо кэлэн кыттыбытын, оттон 31 тыһыынчаттан тахса киһи социальнай ситимнэр нөҥүө тэйиччиттэн көрбүтүн-истибитин бэлиэтээтэ.

«Былырыыҥҥытааҕар икки төгүл элбэх киһи кытынна. 727 араас ыйытыы киирдэ. Бу барыта нэһилиэнньэ олорор куоратын сайдыытынан интэриэһиргиирин, үөскүүр кыһалҕалары быһаарарга дьулуһарын көрдөрөр», – диэтэ Евгений Григорьев.

Түмүккэ өрөспүүбүлүкэ киин куоратын олохтоохторо Бырабыыталыстыба 2023 сыллааҕы үлэтин үчүгэйинэн сыаналаатылар, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....