08.02.2021 | 14:14

Куорат оҕолоругар олоҥхо суолтата

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Наталья Иннокентьевна Мордовская, СӨ култууратын туйгуна, эбии үөрэхтээһин үрдүкү категориялаах педагога, оҕону олоҥхоҕо уһуйуу маастара:

–Ийэ тыл күнүн бэлиэтиирбит аҕыйах хонук хаалла. Саныыр санаам, баҕарар баҕам кэрэкэ бэйэлээх, хаарыан тылбытыгар харысхаллаахтык сыһыаннаһарбыт буоллар, сыыһырдан-киртитэн, дьүдьэтэн-дьүүкүрдэн, суолталаабакка, сордообокко сөпкө саҥарарбыт, уустаан-ураннаан, кырыылаан-кылааннаан баарынан-барҕардан, кэмэ суох баайын күннэтэ өйдөөн, күлүмнэтэ сырыттарбыт төһөлөөх эрэ бэрт буолуо этэй! Тылбыт дьадайбатыгар, сүппэтигэр, чөл хааларыгар туруулаһар ньыма, биллэн турар, кэнчээри ыччаты, уһуйаан, оскуола оҕотун кыра сааһыттан төрүт култуураҕа, фольклорга сыһыарыы буолар.

Оскуолаҕа саха тылын уонна литературатын уруоктарын кытта дьүөрэлээн фольклор ыытыллар сирдэригэр туох эмэ ситиһии кэлэр. Норуот остуоруйаларыттан, таабырыннарыттан, өһүн хоһоонноруттан, чабырҕаҕыттан саҕалаан, норуот ырыаларыгар, тойугар тиийэн баран олоҥхоҕо уһуйуу кэскиллээх үлэ. Итинник үлэлээн ситиһиилэргэ кэлбитим, саха оҕолорун куорат олоҕор нуучча тылын кытта тэҥҥэ сэргэстэһиннэрэн ийэ тылынан ураннык саҥарарга олоҥхо суолтата муҥура суох улахан. Сүүрбэттэн тахса сыл ити хайысханан үлэлээн кэлбит уопутум көрдөрөрүнэн бигэтик өйдөөтүм, төрөппүттэр, оҕолор ону бигэргэтэллэр, ситиспит ситиһиилэрим, тиксибит наҕараадаларым кэпсииллэр. Ис дьиҥэ оҕо омук быһыытынан кини кимин, туох силистээҕин-мутуктааҕын, баай тыла баараҕайын, онтон сомсон киһи кэрэмэһэ, саха саарына буолан тахсыахха сөбүн өйдүүргэ, сыаналыырга тиийиитэ буолар. Саха гимназиятын, 2-с нүөмэрдээх национальнай  политехническай оскуола  бастыҥ учууталлара ону таба өйдөөн, оҕолорун Оҕо дыбарыаһын иһинэн үлэлиир "Эллээйик" фольклор устуудьуйатыгар сылтан сыл аҕалан дьарыктаппыттара, ийэ тылынан бэркэ кэпсэтэр, онтон тирэх ылан салгыы эргиччи сайдар эдэр дьон тахсыталаабыттара.

Оҕо олоҥхо ис дьиҥиттэн, философиятыттан элбэҕи анаарар, омук быһыытынан киэн тутта улаатар, ханнык да эйгэҕэ тиийдэр хаайтарбакка, ыгыллыбакка, толлубакка норуотун туһунан киэҥник кэпсиир буола сайдарыгар  ылбыт билиитэ, олоҥхотун оҥкула кутугар-сүрүгэр иҥпитэ туһалыыр буолуохтаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Күөх Моҕой уратылара: 2025 сыл биһиэхэ тугу бэлэмниирий
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 10:00
Күөх Моҕой уратылара: 2025 сыл биһиэхэ тугу бэлэмниирий
Кытай култуууратыгар 12 бэлиэ бары бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнээхтэр. Ону таһынан хас биирдии бэлиэ бэйэтигэр чугас, ханыылыы бэлиэни тардар. Дьэ, онон, Илиҥҥи гороскобунан күөх Моҕой эн төрөөбүт сылгар хайдах сабыдыаллыырын билиэхпит. Моҕой илиҥҥи үгэһинэн муударай, мындыр өйдөөх, кистэлэҥ күүстээх быһыытынан биллэр. Ол гынан баран моҕой – барытын ааҕан-суоттаан сылдьар сиэмэх кыыл,...
Сыл бастыҥнарын чиэстээһин
Спорт | 27.12.2024 | 14:00
Сыл бастыҥнарын чиэстээһин
Сахабыт сиригэр физкултуурунай-спортивнай хамсааһын уһулуччулаах салайааччыта, тэрийээччитэ Н.Н. Тарскай үбүлүөйдээх 100 сылыгар анаммыт быйылгы Чөмпүйүөннэр бааллара “Триумф” спорт уораҕайыгар үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна.   Спорка ситиһиилэрбит улахан экраҥҥа сиһилии көрдөрүлүннүлэр. Ырыаһыттар, үҥкүүһүттэр киэргэтэн-тупсаран биэрдилэр. Үөрүүлээх тэрээһин биир уратытынан аҕам саастаах спорт бэтэрээннэрэ киин подиумҥа биирдии-биирдии ыҥырылланнар, ааттара-суоллара дуораһыйан, бар дьон ортотугар спорка...
Киһи хантан күүс ыларый...  
Сонуннар | 24.12.2024 | 19:18
Киһи хантан күүс ыларый...  
Кырдьыга даҕаны, киһи хантан күүс ыларый? Киһи күүһэ туохханый... Киһи киһи быһыытынан күүһэ санаатыгар, ол күүс мунньуллан-мунньуллан таска тахсыытыгар уох, ис күүс, эньиэргийэ эбиллэн, күүстээх-уохтаах, ис-тас туруктуун биир таһымҥа тахсан, кыайыылаах-хотуулаах, ситиһиилээх суолу тэлэр.  Дьэ ол күүс-уох хантан кэлэрин дьэҥкэтик билэр СӨ норуот айымньыта сайдыытыгар кылаатын иһин бочуоттаах бэлиэ хаһаайката,...