Куорат маастар-былаана көрүлүннэ
Маастар-былаан чэрчитинэн, 90 эбийиэк тутуллара былааннанна, ол иһигэр Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста, үрдүк үөрэх кыһаларын кампуһа, кинопавильон, гостиницалар, аэропорт норуоттар икки ардыларынааҕы терминала, куорат хаһаайыстыбатын эбийиэктэрэ.
«Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан, 2030 сылга диэри хаарбах дьиэ барыта көтүрүллүөҕэ», — диэтэ Куораты тутуу департаменын начаалынньыга Иван Гуляев.
Дьокутааттар Олохтоох дьаһалта сотрудниктарыгар оҕо уһуйааннарын уонна оскуолалары тутуу туһунан элбэх ыйытыылары биэрдилэр. Иван Гуляев бэлиэтээбитинэн, уһуйааннар уонна оскуолалар маастар-былааны үбүлээһин суотугар эрэ буолбакка, атын федеральнай уонна регионнааҕы бырагыраамалар чэрчилэринэн эмиэ тутуллуохтара.
Дьокутааттар куорат олохтоохторун социальнай, сынньанар, рекреационнай, тырааныспар инфраструктуратынан хааччыйар тутуулары ыытарга биир кэлим хамсааһын наадатын ыйдылар.
Итини сэргэ, куорат эйгэтигэр күөх зоналары хаалларыы, көҕөрдүү территорияларын харыстааһын туһунан боппуруостары дьүүллэстилэр. Итиэннэ дьокутааттар эбийиэктэри тутуу саҥа болдьохторун туһунан уураахтарга олоҕуран, маастар-былааҥҥа уларытыылары киллэрэргэ сүбэлээтилэр.
Куорат уокуругун генеральнай былаанын көрүү Дуума 2023 сыл сэтинньи 24 күнүнээҕи сессиятыгар ыытыллара былааннанна.