Куорат киинигэр турбут дьиэни көтүрэллэр
Балаҕан ыйын 21 күнүгэр Лермонтов уулуссатын 76-гар турбут 12 кыбартыыралаах олорор дьиэни, 1948 сыллаах тутууну көтүрүү үлэтэ саҕаланна. Уопсай иэнэ – 329, 8 кв. миэтэрэ.
Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларын департаменын дириэктэрэ Александр Новолоков иһитиннэрбитинэн, элбэх кыбартыыралаах дьиэ “2019-2025 сылларга хаарбах туруктаах дьиэлэртэн олохтоохтору көһөрүү” бырагыраама чэрчитинэн көһөрүллэр.
“Дьиэ аҥаарыгар дьон олорбута, сорох кыбартыыралар кураанах турбуттара ыраатта. Олорор усулуобуйа, биллэн турар, уустук этэ: оттуллар оһохтоох уонна туох да хааччыллыыта суох. Олохтоохтор бары көһөрүлүннүлэр. Көтүрүү үлэтэ бүттэҕинэ, учаастакка кумах кутуллуоҕа. Быйыл куорат Промышленнай, Сайсары уокуруктарыгар хаарбах туруктаах элбэх дьиэ көтүрүлүннэ. Оттон бу дьиэ Дьокуускай килбэйэр киинигэр турбута. Аттыгар турар Лермонтов уул., 80/2, 4 кыбартыыралаах дьиэҕэ билигин өссө да олороллор. Эһиил көһөрүллүөхтээх”, – диэн бэлиэтээтэ Александр Новолоков.
Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларын департаменын дириэктэрэ эппитинэн, көтүрүллүбүт дьиэ оннугар сквер, социальнай эбийиэк эбэтэр куорат олохтоохторугар аналлаах спорт балаһааккатын тутуохха сөп.
“2019 сыллаахха сокуоҥҥа уларыйыы киирбитинэн, көтүрүллүбүт дьиэлэр сирдэрэ коммерческай сыалга туттуллубаттар”, – диэтэ Александр Владимирович.
Манна элбэх мэндиэмэннээх дьиэ тутуллара көҥүллэммэт, ЛЭП линията ааһар диэн тоһоҕолоон эттэ.