Куорат күнүгэр «Ретро-Якутск» куонкурус ыытылынна
Куорат күнүгэр Кырдьаҕас куоракка коллекционардар атыы-быыстапкалара, сэбиэскэй кэмнээҕи былыргы, ол эрэн билигин да сүүрэ сылдьар массыыналары көрдөрүү, 50-60-70 сыллардааҕы куорат олохтооҕун ураты уобараһын оҥорон көрдөрөр куонкурус ыытылыннылар, дьон улахан болҕомтотун уонна сэҥээриитин ыллылар. Куонкурус тэрийээччилэрэ – Олохтоох дьаһалта Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениета.
«Ретро-Якутск» күрэххэ кыттыан баҕалаах биирдиилээн дьонтон уонна дьоҕус кэлэктииптэртэн 40 сайаапка киирбит. Кыттааччылар бары да олус кэрэхсэбиллээх уобарастары көрдөрдүлэр. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан куонкурус кыайыылаҕынан Хатас сэлиэнньэтиттэн «Кэрэчээнэ» оҕо уһуйаанын кэлэктиибэ таҕыста (салайааччылар Вера Старкова уонна Галина Ксенофонтова). 2 миэстэҕэ – «Иэйии» үҥкүү ансаамбылын кэлэктиибэ. 3 миэстэҕэ Александра Кеулина тигистэ.
Кыайыылаахтар дипломнарынан уонна бириистэринэн наҕараадаланнылар, кыттааччыларга барыларыгар сертификат уонна өйдөбүнньүк бэлэх туттарылынна.