Куорат фермерэ Наталья Дмитриева
Дьокуускай Табаҕатыгар баар Наталья Дмитриева сибиинньэ иитэр фермата куорат биир улахан хаһаайыстыбатынан биллэр. Наталья быйыл хаһаайыстыбатын сайыннарар сыалтан, ынах сүөһү ылан кэҥэтэргэ быһаарыммыт. “Куорат олоҕо” рубрика бүгүҥҥү таһаарыытыгар Натальяны кытта бу элбэх бириэмэни уонна тулууру эрэйэр үлэ туһунан кэпсэттибит.
— Бэйэ дьыалатын саҕалаабытыҥ төһө өр буолла?
— Сибиинньэ ферматын ийэм саҕалаабыта, онтон 2021 сыллаахха күн сириттэн күрэнэн, салгыы мин үлэлии сылдьабын. Биһиги сүрүн хайысхабыт чооскулары атыылааһын этэ. Сибиинньэ этин атыылаабаппын, тоҕо диэтэххэ убойнай пуунум суох.
— Төһө сибиинньэлээххиний? Ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, хайдаҕый?
— Барыта 50 ийэ сибиинньэлээхпин, олортон 45 быйыл төрөөн, саас 400-кэ чооскуну атыылаабытым. Ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, көрдөрүү араа-бараа; былырыын эмиэ үчүгэйдик ылбытым. Урут, кыра, эргэ хотоҥҥо турар эрдэхпитинэ, төрүөхпүт аҕыйах этэ. Ийэм баар эрдэҕинэ 3 мөл. солкуобай кээмэйдээх “Агростартап” гранын сүүйэн Табаҕаҕа 1 гектар иэннээх сири ылан, киэҥ арочнай хотон туттан саҕалаабыта. Өлбүтүн кэннэ мин ону ситэрэн, саҥа хотоҥҥо киирбиппит быйыл үһүс сыла. Бу икки кэлиҥҥи сылга тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин көмөтүнэн саҥа, үчүгэй чооскулары ылан, сибиинньэлэрбин бүтүннүүтүн уларыттым. Ол иһин, племенной свиноматкалар буолан, төрүөхпүт үчүгэй.
Быйыл эмиэ министиэристибэ көмөтүнэн 53 төбө ынаҕы ыллым: 22 — ыанар ынах, 15 — быйылгы ньирэй, 16 — былырыыҥҥы субайдар. Ити иннинэ бэйэм 10 сүөһүнү көрөр этим. Онон ынахтарбар улахан хотон бырайыагын оҥорторо сылдьабын.
— Куорат таһыгар тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарга туох кыһалҕалары көрсөҕүтүй?
— Мин сүрүн кыһалҕам диэн — сирим кыра. Ынах ииттэргэ бу биир эрэ гектар тиийбэт. Сирбин кэҥэттиэхпин баҕарабын диэн сайабылыанньа биэрбиппин, билиҥҥи сирбин арендалыыр буоламмын, аккаастаабыттара. Дьокуускай куорат дьаһалтатыгар эмиэ сайабылыанньа биэрэ сылдьыбыппын, кый ыраах Маҕаҥҥа биэрбиттэрэ. Ону хайдах бүтүн икки хотонноох бөдөҥ хаһаайыстыбабын, ыллым да, “Лего” конструктор курдук, ыһа, хомуйа охсон, көһөрөн илдьиэхпиний?! Оннук табыллыбат буоллаҕа! Төһөлөөх харчыны, сырабын бу үлэҕэ ууран кэлбиппин да санаатахпына, өйбөр баппат. Дьиҥэр, аттыбытыгар сир бөҕөтө баар ээ. Ону тоҕо чугас биэрбэттэрин билбэппин.
— Хас үлэһиттээххиний? Дьон тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиэн баҕарар дуо?
— Былырыын, сибиинньэ эрэ иитэр эрдэхпинэ, икки үлэһиттээх этим. Билигин, ынахтаммытым кэннэ, түөрт үлэһити тутуохпун наада. Үлэһит боппуруоһа, биллэн турар, уустук; тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиэн баҕалаах киһи суоҕун кэриэтэ. Бу Табаҕаҕа төгүрүк суукканан үлэлиир маҕаһыын таһыгар: “Симиэнэҕэ 4000 солк. төлүүбүт”,—диэн биллэрии куруук тахсар. Ыраас, сылаас маҕаһыыҥҥа да үлэһит көстүбэт буоллаҕына, мин хотоммор ким үлэлиэҕэй? Суох буоллаҕа. Тыа хаһаайыстыбатын үлэтин өйдүүр, сатыыр көлүөнэ сааһырда, орто, эдэр саастаахтар, мин көрдөхпүнэ, оҕо бөҕөнү төрөтөн, Ийэ хапытаалын ылан баран, оҕо харчытыгар олороллор. Ол иһин бу биһиги курдук сүөһү иитиитинэн дьарыктанар дьон үлэһиттэри өрөспүүбүлүкэни биир гына көрдөөн, этэргэ дылы, арыгыһыттары, ускул-тэскил сылдьар дьону эрэ үлэлэтэргэ күһэллэллэрэ кистэл буолбатах. Биллэн турар, оннук үлэһиттэртэн туох эппиэтинэһи эрэйиэҥий, хамнастарын ыллылар да, ол күн арыгылыы бардахтарына да көҥүл, ону ким да туппат. Кыылы, сүөһүнү кытта дьоһуннаах киһи үлэлиэхтээх. Онон бу кыһалҕаттан кэлии омук дьонун кытта дуогабардаһан үлэлиири толкуйдуу сылдьабын.
— Сириҥ суох буоллаҕына, ынахтаргар кыстык от боппуруоһун хайдах быһааран эрэҕин?
— Ынахтарбын эмискэ кэриэтэ ылбыт буоламмын, быйыл кыстык от боппуруоһа сытыытык турар. Эппитим курдук, сир ылары аккаастаатылар, биир гектар сиртэн төһө бэйэлээх оту ылыаҥый? Ол эрээри оттуур сир боппуруоһун Дьокуускай куорат тыатын хаһаайыстыбатын управлениета быһаарыах буолан эрэннэрбитэ. “Докумуоҥҥар билиҥҥиттэн саҕалаан сүүр, оттуур сири биэриэхпит”,— диэн буолбута. Оттуур тиэхиньикэ боппуруоһун эһиилгиттэн сыыйа-баайа быһааран, окко тахсыам этэ. Оттон быйылгы кыстыгы оппун атыылаһан туоруурга суоттанабын.
— Үүтү туттаран эрэҕин дуо?
— Туттаран, бэс ыйын 5 күнүттэн 15 ынаҕы ыы олоробун. Биир ыйга уопсайа 5,2 туонна буолла. Үчүгэй үүттээх ынахтары биэрэннэр, мэччирэҥ мөлтөх да буоллар, үүт бөҕөтүн туттардым. Бу сайын ардах суох буолан, оппут хатан хаалла. Үчүгэй мэччирэҥнээх сиргэ өссө элбэх үүтү биэрэр сүөһүлэр эбит.
— Судаарыстыбаттан оҥоһуллар көмөнү туох дии саныыгын?
— Дьиҥэр, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, Дьокуускай куорат тыатын хаһаайыстыбатын управлениета барытыгар көмөлөһө олороллор. Онон судааарыстыба тыа хаһаайыстыбатын хайысхата саамай ыарахан, сылы-сылынан өрөбүлэ суох үлэни, болҕомтону, өйөбүлү ирдиир салаа буоларын өйдүүр диэн санаалаахпын. Кинилэр көмөлөһөр буоланнар, өссө күүскэ үлэлиэх санаа киирэр.
Сибиинньэ аһыгар сыл аайы субсидия ылабын. Ынахтарбын саҥа ылбыт буоламмын, балаһыанньатын үчүгэйдик билбэппин. Арай үүт субсидията диэн баарын билэбин, ол онно анаан үүппүн туттара сылдьабын быһыылаах. Үүппүн туттарбыт харчыбар төһөтө эрэ эбиллэр.
— Инникигэ туох былааннааххын?
— Кыылларбын-сүөллэрбин иитэммин, 1,5-2 сылынан атахпар туруом этэ. Сибиинньэлэри саас эрэ атыылыыр кыахтаахпын, сылы мэлдьи дохуоту аҕалбат. Ол иһин ыанар ынах ылан тутары толкуйдаабытым ыраатта. Бачча улахан хаһаайыстыбаны көрөргө-истэргэ, куруук харчылаах буолуоххун наада. Сибиинньэм дохуота диэн, чооскуларбын атыылаан иэстэрбин төлөһөбүн, онон бүтэр. Салгыы бэйэм сиэппиттэн харчы ылан үлэлиэхпин-хамныахпын наада. Кыыл-сүөл күн аайы харчыны ирдиир буоллаҕа: аһа, эмэ, туттар тэрилэ, олорор сирэ уонна да атын. Онон быйылгы ынахтарым этэҥҥэ кыстаатахтарына, баҕар, өссө ынах ылыам.
— Кэпсээниҥ иһин махтал! Кырдьык, тыа хаһаайыстыбата төһө да наадалааҕын үрдүнэн, дьарыктаныан баҕарар киһи аҕыйах курдук. Онон эйиэхэ бу үлэни, өбүгэ үгэһин, төрүт дьарыгын илдьэ сылдьарыҥ иһин улахан махтал уонна инникигэ ситиһиилэри баҕарабыт!
Хаартыскалар: Наталья Дмитриева тус архыыбыттан
Куорат хаһаайыстыбаларын билиҥҥи туругун туһунан Дьокуускай куорат тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Марат Данилов билиһиннэрдэ:
— Дьокуускай куорат уокуругар тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар 118 тэрилтэ баар, ол иһигэр: 85 — бааһынай, 33 — кыылы иитэр хаһаайыстыбалар.
342 гектар иэннээх сиргэ туораахтаах култуура ыһылынна, 1206 га —хортуопуй олордулунна уонна 425 га — атын оҕуруот аһа. Ону таһынан 162 тыһ. м2 сабыылаах тэпилииссэлэр, 1368 га сиргэ өр сыллаах уонна биир сыллаах от ыһыллан тураллар. Онон ыһыы былаана туолла.
Быйыл сүөһү ахсаана 3220 төбөҕө тэҥнэһэр, ол иһигэр: 1521 — ыанар ынах, 3622 — сылгы, 9360 — сибиинньэ, 400 тыһ. — куруусса. Ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, ынах сүөһү ахсаана 23 төбөнөн элбээтэ, сылгы ахсаана оннунан турар, оттон сибиинньэ ахсаана аччаата. Ол төрүөтүнэн Хатастааҕы сибиинньэ комплекса саҥа хотонун туттар кэмигэр сабыллан, сибиинньэтин сороҕун эт оҥорон, сороҕун атын хаһаайыстыбаларга атыылаан эһиэхтээх. Хотонноро саахалланар туруктааҕынан, саҥа хотоҥҥо киирдэхтэринэ эрэ хаһаайыстыбаларын сөргүтүөхтэрэ.
Үүтү туттарыы былаана 2626 туонна буоллаҕына, билигин 1945 туоннаҕа тиэрдэн, былаан 74% туолла. Ол эбэтэр ааспыт сылтан 328 туоннанан элбэҕи ыан олоробут.
Бу күннэргэ от үлэтин үгэнэ. Быйыл сайын 10 850 туонна от оттонуохтаах уонна 1400 туонна сиилэс бэлэмнэниллиэхтээх. Барыллаан ааҕыынан сезон устата 8500 туоннаны ситиһиэхпит диэн сабаҕалыыбыт. Бүгүҥҥү туругунан 729 туонна оттонно.
Бэлиэтээн эттэххэ, быйыл хаһаайыстыбаларга анаан субвенцияҕа 282 мөл. солк. уонна олохтоох бүддьүөттэн 29 мөл. солк. көрүллэн турар.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, быйыл сыллааҕы субвенция кээмэйин 68%-на, ол эбэтэр 2430,217 мөл. солк. муниципальнай тэриллиилэргэ тиксэрилиннэ.
Үүт туттарааччыларга субсидия харчыта толору кээмэйинэн тиэрдилиннэ.
Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан быйыл 1 лиитирэ үүт субсидията 60-тан 65 солк. диэри үрдээтэ. Онон үүтү атыылаһыы сыаната 80 солк. буолла, мантан 15 солк. фермердэргэ соҕотуопкалыыр тэрилтэ төлүүр.