13.10.2023 | 17:15 | Просмотров: 430

Куорат Дууматын дьокутааттарын иккис мунньаҕа ыытылынна

Дьокуускай куораттааҕы Дуума дьокутааттара иккис мунньахха Бэрэссэдээтэл солбуйааччыларын таллылар, Президиум уонна сис хамыыһыйалар састааптарын бигэргэттилэр диэн Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн, алтынньы 13 күнүгэр,  Куорат Дууматын дьокутааттарын иккис мунньаҕар 7 боппуруос көрүлүннэ.

Бу иннинэ ылыныллыбыт сорох быһаарыыларга уларытыы киллэрилиннэ, итиэннэ дьокутааттар Бэрэссэдээтэл солбуйааччыларын таллылар.

Боппуруоһу дьүүллэһиигэ Бэрэссэдээтэл бастакы солбуйааччыта, «Биир Ньыгыл Арассыыйа» баартыйа фракциятын салайааччыта  Евдокия Евсикова икки кандидатураны туруорда – Феликс Романовы уонна Филипп Седых. Кандидаттар бэйэлэрин туһунан сырдатан тыл эппиттэрин кэннэ, дьокутааттар кандидатуралары өйөөтүлэр.

Итини таһынан, дьокутааттар биир сис хамыыһыйаларга иккини эбэр туһунан быһаарыыны ылыннылар – экономическэй уонна инвестиционнай политикаҕа, итиэннэ социальнай өйөбүлгэ уонна гражданнар доруобуйаларын харыстабылыгар.

«Хамыыһыйалар састааптарын, дьокутааттар ахсааннарыттан көрөн, табыгастаах гынан оҥордубут. Дьокутааттары уонна баартыйа бэрэстэбиитэллэрин кытта сүбэлэстибит. Санатар буоллахха, Дьокуускай куораттааҕы  Дуума хас биирдии дьокутаата сис хамыыһыйалар мунньахтарыгар кыттар уонна куоластыыр толору бырааптаах», - диэн бэлиэтээтэ Дьокуускай куораттааҕы  Дуума Бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов.

Салгыы дьокутааттар Дуума Президиумун састаабын бигэргэттилэр. Итиннэ дьокутааттар Нюргун Ефремов, Алексей Осипов, Владимир Слепцов киирдилэр.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.