25.05.2023 | 17:55

Куорат дууматын 49-с уочарата суох сессията наҕараадалары анаата уонна биир дьокутаат боломуочуйатын устуммутун ылынна

Куорат дууматын 49-с уочарата суох сессията наҕараадалары анаата уонна биир дьокутаат боломуочуйатын устуммутун ылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат дууматын уочарата суох 49-с сессията уопсайа түөрт боппуруоһу көрдө. Бастакынан Ленин проспегын 22/1 дьиэтин истиэнэтигэр тэхиньиичэскэй наука доктара, профессор, РНА чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, Ил Түмэн иккис, үһүс ыҥырыыларын дьокутаата Василий Филипповка мемориальнай дуосканы туруорар туһунан быһаарыыны ылыннылар. 

Иккис боппуруоһунан «Дьокуускай иннигэр үтүөлэрин иһин» анал бэлиэнэн наҕараадаланар кандидатуралары көрдүлэр: 72 №-дээх «Кэнчээри» оҕо саадын музыкальнай салайааччыта Ирина Арбатская, Тулагы-Киллэм нэһилиэгин дьаһалтатын ОДьХ боппуруостарыгар сүрүннүүр исписэлииһэ Любовь Баишева уонна «Көмүс күһүн» тыыл уонна үлэ бэтэрээннэрин үҥкүү ансаамбылын уус-уран салайааччыта Августина Москвитина.
Маны сэргэ Дьокуускай куораттааҕы социальнай харалта управлениетын инбэлииттэр дьыалаларыгар салаатын начаалынньыга Анна Сыромятникованы «Дьокуускай куорат нэһилиэнньэтин социальнай харалтатыгар кылаатын иһин» бэлиэнэн наҕараадалыыр туһунан быһаарыыны ылыннылар. 
Салгыы дьокутаат Ольга Саргыдаева бэйэтин баҕатынан боломуочуйатын тохтоторун туһунан боппуруос көрүлүннэ. Куорат дууматын бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов уонна куорат баһылыга Евгений Григорьев Ольга Николаевнаҕа таһаарыылаах үлэтин иһин махталларын биллэрдилэр. Бэлиэтээн эттэххэ, Ольга Саргыдаева Куорат дууматыгар Баайга-дуолга уонна сир сыһыаннаһыыларыгар сис кэмитиэт салайааччыта этэ, Куорат дууматын үһүс уонна төрдүс ыҥырыыларын дьокутаата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...