21.10.2022 | 07:00

Куорат дьокутааттарыттан көмө

УАЗ-Патриот мааркалаах массыынаны, квадрокоптердары, ичигэс таҥаһы-сабы уонна байыаннай амуницияны байыаннай дьайыыга Саха сириттэн ыҥырыллыбыт “Боотур” этэрээт байыастарыгар Дьокуускай куораттааҕы Дуума бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов илдьэн туттарда.
Куорат дьокутааттарыттан көмө
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу көмө киин куорат Дууматын дьокутааттарын, Дуума аппараатын, хонтуруоллуур-суоттуур палаата, Бэйэни салайыныы бэрэстэбиитэллээх уорганнарын ассоциацияларын хомуйбут үптэригэр оҥоһулунна.

“Уопсай хомуллубут харчынан анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар УАЗ-Патриот массыына, ичигэс таҥастары уонна байыаннай сэби-сэбиргэли атыылаһан аҕаллыбыт. Бэйэбит дьоммутун өйүүр хайаан да наада”, - диэн уоппускатын кэмигэр байыаннай дьайыылар буола турар сирдэригэр тиийбит куорат Дууматын бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов кэпсээтэ. Маны таһынан спонсордар биэрбит үптэринэн 1 мөлүйүөн суумаҕа квадрокоптердары атыылаһан тиксэрдилэр, диэн Дьокуускай куорат Дууматын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Көмөнү Саха сириттэн бэйэлэрин баҕаларынан барбыт дьонтон турар этэрээт туохха наадыйарын, тугу көрдөспүттэрин көрөн оҥорбуттар. Маны тэҥэ чугас дьонноруттан, дьиэ кэргэттэриттэн баһыылкалары тиксэрбиттэр. Байыастарга анаммыт аммуниция, аныгы тиэхиньикэ “Барс-2” этэрээт хамандыырын солбуйааччытыгар Александр Колесовка туттарыллыбыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...