05.08.2022 | 16:00

Куорат дьокутааттара оскуолалар өрөмүөннэрин бэрэбиэркэлээтилэр

Дьокуускай куораттааҕы Дуума Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Евдокия Евсикова уонна социальнай бэлиитикэҕэ сис хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Айаан Васильев Үөрэҕирии управлениетын кытта хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар куорат оскуолаларыгар сырыттылар диэн иһитиннэрдэ Дуума пресс-сулууспата.
Куорат дьокутааттара оскуолалар өрөмүөннэрин бэрэбиэркэлээтилэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Санатар буоллахха, 2022 сылга «Модернизация школьных систем образования» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн киин куорат 11 оскуолатыгар хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар. Ити сыалга федеральнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна муниципальнай бүддьүөттэртэн 809 мөл. солкуобай көрүллүбүтэ.

Дьокутааттар биэс оскуолаҕа – 27-с, 10-с, 21-с, 31-с №-дээх орто оскуолаларга уонна Саха политехническэй лицейга сылдьан өрөмүөн хаачыстыбатын бэрэбиэркэлээтилэр. Кинилэр өрөмүөн үлэтэ киэҥ хабааннааҕын бэлиэтээтилэр. «Үгүс оскуолаларга иһинээҕи үлэни сэргэ эбийиэк иннин, үрдүн, канализациятын өрөмүөннүүллэр, уот ситимин, түннүктэри уларыталлар. Итинник киэҥ хабааннаах үлэ куорат оскуолаларыгар урукку өттүгэр ыытылла илик», - диэн бэлиэтээтэ Айаан Васильев.

 «Кырдьык, график быһыытынан наһаа элбэх үлэ ыытыллар. Үөрэх дьыла саҕаланыан иннинэ өрөмүөн үлэтэ түмүктэнэрэ былааннанар, балаҕан ыйыгар оҕолор өрөмүөннэммит оскуолаларга кэлиэхтэрэ», - диэн эбэн эттэ Евдокия Евсикова.

Кини бэлиэтээбитинэн, кэлэр сылга «Модернизация школьных систем образования» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн куорат уокуругун 12 оскуолатын хапытаалынай өрөмүөнэ былааннаммыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...