17.03.2023 | 14:00

Куорат «бааһа» хаһан оһор?

Ыт кыһалҕата намыраабат
Куорат «бааһа» хаһан оһор?
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Туох барыта бүтэр уһуктаах дииллэр. Ол эрээри кыһын бүттүн, саас салалыннын, сайын сатыылаатын, күһүн кэллин – дьэллик ыт боппуруоһа сыппаабат. Этэргэ дылы, аһаҕас баастыы оһон испэт, субу-субу баарын биллэрэн, иннэлии тэһэ кэйэр. Хомойуох иһин, бу тиэмэ киин куорат сотуллубат сорҕото буолла диэххэ сөп. Ол иһин хаһыакка алаадьы курдук эргитэ сылдьан “буһара” сатыыбыт.

Туох да диэбит иһин, куоракка бэйдиэ сылдьар ыт ахсаана аҕыйаабыта харахха быраҕыллар. Ол эрээри кэнники кэмҥэ хаһаайыннаах ыттар нэһилиэнньэҕэ ордук улахан кутталы үөскэтэллэр. Ону ааспыт сыл чахчылара туоһулууллар: былырыын киин куорат 624 олохтооҕо ыкка ытыртаран, балыыһаҕа көрдөрө тиийбит. Онтон 350-на – хаһаайыннаах, 277-тэ – көрүүтэ-истиитэ суох ыт. 

2018 сыллаахха ахсынньы 27 күнүгэр тахсыбыт 498 №-дээх “Кыылларга эппиэтинэстээх буолуу туһунан” федеральнай сокуон ситэтэ суоҕун, итэҕэһэ-быһаҕаһа элбэҕин олох бэйэтэ көрдөрдө. Ол курдук, ОСВВ (Отлов – Стерилизация –  Вакцинация – Возврат) систиэмэтэ кыһалҕаны быһаарыан оннугар, хата, төттөрүтүн, кэккэ ыарахаттары үөскэттэ. Сокуоҥҥа олоҕуран, тутуллубут кыыллары (нэһилиэнньэҕэ кутталы үөскэппэт өттүлэрин) стерилизациялаан (баайан, аттаан), быһыы туруоран, “ытарҕа” кэтэрдэн баран төттөрү ыытыллар. Дьоҥҥо саба түһэр кырыктаах ыттар олохторун приюкка моҥууллар. Оттон улаханнык ыалдьыбыт кыыллары “утуталлар”.

Былырыын Арассыыйа Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутааттара бу мөккүөрдээх сокуоҥҥа кэккэ көннөрүүлэри ылыммыттара. Саҥа быраабылаҕа, Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын методическай ыйыыларыгар олоҕуран, хас биирдии регион бу дьаһаллары толоруохтаах: бастакытынан, бэйдиэ кыыллар ахсааннарын тиһигин быспакка кэтээн көрүөхтээх; иккиһинэн,  тутан  ылан приюкка илдьиэхтээх; үсүһүнэн, дьоҥҥо куттал суоһуур түгэннэрин эрдэттэн сэрэтэр үлэни ыытыахтаах. Бу практика Дьокуускай куоракка баар, ол туһунан нүөмэр аайы сырдатабыт. Маны сэргэ, ыттары тутуунан дьарыктанар былаас уорганнара, тэрилтэлэр кыылларга хаҕыстык, суостаахтык сыһыаннаһыа суохтаахтара этиллэр.

Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, кулун тутар 6-12 күннэригэр Дьокуускай куоракка 47 ыт тутуллан (ол иннинээҕи нэдиэлэҕэ – 50), кыыллар приюттарыгар илдьиллибит. Нэдиэлэ саҕаланыытыгар онно 1231 ыт олороро бэлиэтэнэр. Сыл саҕаланыаҕыттан куоракка баар соҕотох приюкка 630 ыт киллэриллибит.

Бэйдиэ кыыллары тутууга “Помоги выжить” аһымал пуондатын икки биригээдэтэ, көрүүтэ-истиитэ суох кыыллары тутууга үлэлиир сулууспа үс биригээдэтэ, ИП Огонеров икки биригээдэтэ  үлэлииллэр.

Атын регионнар хайдах дьаһанан олороллор?

“Парламентскай хаһыат”  суруйарынан, хас биирдии регион, уопсай быраабылаҕа тирэҕирэн, бэйэтэ чопчу быраабылалары бэлэмниир. Бу туһунан кылгастык кэпсиэххэ.

Волгоград уобалаһыгар кыыллары кыынньыыр, ыттарга хаҕыстык сыһыаннаһар, уопсастыбаннай сирдэргэ аһатар бобуулаах. Онно олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара приюттан ыттары ханна ыытар көҥүллэммэтин быһаараллар, сыл хас кыбаарталын аайы нэһилиэнньэҕэ отчуоттууллар.

Ленинград уобалаһыгар көрүүтэ-истиитэ суох кыыллары булбут дьон олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарыгар хайаан да биллэриэхтээхтэр. Нэһилиэнньэлээх пууннарга дьэллик ыттары аһатар, харайар сирдэри оҥорор көҥүллэммэт. Бу биһиэхэ хайдаҕый? Быраҕыллыбыт ыты көрө-көрө хараҕы симии, аттынан аахайбакка ааһыы, наай гыннар подъезка киллэрэн олордон кэбиһии баар көстүү.

Хас биирдии регион уратытын учуоттуура хайаан да наада. Онно эбии кэккэ миэрэлэри ылынара ордук. Холобур, дьокутааттар кыыллары стерилизациялааһыҥҥа чэпчэтиилээх бырагыраамалары киллэриэххэ, ыттары көҥүл ыытар хаһаайыннарга ыстараабы кытаатыннарыахха сөп диэн этиилээхтэр. Манна холобурдаатахха, үс ыйтан бэттэх Ханты-Мансийскай автономнай уокурукка, Вологда уонна Тюмень уобаластарыгар ыты босхо ыытыы олоччу бобулунна.

 

Сокуоҥҥа соҥнуубут да...

Бу сыллар тухары ыт кыһалҕата намырыыр чинчитэ биллибэт.  Буруй эрэ Моттойоҕо диэбиккэ дылы, барытын аҥаардас сокуоҥҥа соҥнуур сыыһа. Биири билиниэхпитин наада – ыты киһи аймах бэйэтэ элбэтэр. ЭППИЭТИНЭҺЭ СУОҔУТТАН.

Даача сезона бүтэрин саҕана дьон наадата суох буолбут кыылларын бөх курдук быраҕаллара кистэл буолбатах. Аны туран, ыттаах дьон тыһы кыылларын баайтарбакка, атыырдары аттаппакка, көҥүл көччүтэ ыыталларын кэннэ төрүөх элбиэ суоҕа дуо?

Ааспыкка аҕай биһиги оройуоммутугар түөрт ыт (онтон иккитэ “хаалтыстаах”) сүүллэрэ суолга харгыстары таһаарбытын илэ харахпытынан көрбүппүт. Ол курдук, “Якутскэкосети” тэрилтэ бөҕү тиэйэр улахан массыынатын иннигэр, уулусса хабайар хаба ортотугар хам сыстыһан хаалбыт кыыллар турунан кэбиспиттэрэ. Иннибитигэр испит оҕолор сэҥээрии, көрүү-истии буолбуттара. Кырдьык, олуона быһыы-майгы этэ.

Үсүһүнэн, кыыллары көмүскээччилэр, аһыныгас аатыран,  дьэллик ыттары анаан-минээн аһаталлар. Оннукка үөрэммит түөрт атахтаахтар дьон-сэргэ тоҕуоруһар сирдэригэр сыбыытыыллара биллэр. Бэлэми биэрэллэрин кэннэ, аһаамына. Аччык кыыллар ас көрдөөн сирэй-харах маныыллар, помуойалары ыһаллар-тоҕоллор, уопсастыбаннай сирдэртэн арахпаттар.  

Томторуга суох таһаарыа суохтаахтар

Сокуон этэринэн, дьоҥҥо кутталы үөскэтиэн сөптөөх ыттары томторуга уонна поводога суох күүлэйдэтэр көҥүллэммэт. Маннык ыттаах дьон бас билэр дьиэлэрин таһыгар (ону да тиэргэннэрэ күрүөлээх буоллаҕына) эрэ босхо ыытан дьаарбатыахтарын сөп. Олбуордарын таһыгар ыт баарын сэрэтэр бэлиэни ыйыыллара ирдэнэр.

2020 сылтан 12 ордук кутталлаах боруодалар испииһэктэрэ тахсыбыта. Онно киирэллэр: акбаш, американскай бандог, амбульдог, бразильскай бульдог, булли кутта, ыраас хааннаах алапахскай бульдог (отто), бэндог, бөрө, ыт булкаастаах боруодалар, волкособ, гуль донг, питбульмастиф, Хотугу Кавказ ыта уонна кинилэр булкаастара.

Маннык боруодалаах дьон ыттарыгар томторук кэтэрдэллэрин сокуон кытаанахтык ирдиир: подъезка, элбэх этээстээх дьиэ лиибигэр, тиэргэҥҥэ, оҕо балаһааккаларыгар уонна спорт эбийиэктэригэр.

 

Ыстараап эппиэтинэһи үрдэппэт

Салгыы сыыппаралары сыымайдыахха. Олохтоох дьаһалта Территориялары кытта үлэҕэ департаменын салайааччыта Владислав Слепцов иһитиннэрбитинэн, ааспыт нэдиэлэҕэ дьиэ кыылларын иитии быраабылаларын тутуһууну хонтуруоллуур 16 эриэйдэ буолбут, ол түмүгэр ыттары босхо ыытыы иһин 7 боротокуол толоруллубут. Бэлиэтээн эттэххэ, сыл саҕаланыаҕыттан маннык 138 эриэйдэ ыытыллыбыт, 65 боротокуол толоруллубут, 831 өйдөтөр сурук туттарыллыбыт.   

2014 сыллаахха атырдьах ыйын 1 күнүгэр тахсыбыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын 237 №-дээх Уурааҕыгар олоҕуран, дьиэ кыылларын иитии быраабылаларын кэспит дьон административнай эппиэтинэскэ тардыллаллар: бастаан сэрэтии ылаллар эбэтэр 1000-1500 солк. ыстараап төлүүллэр, иккистээн тутулуннахтарына, 3000-5000 солк. тиийэ халбаҥныыр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэтэринээрийэҕэ департаменын тустаах салааларын судаарыстыбаннай инспектордара боротокуол толороллор.

Манна даҕатан эттэххэ, эппиэтинэһэ суох хаһаайыннарга ыстараап кээмэйин улаатыннарыы туһунан этии үгүстүк иһиллэр. Ботуччу буоллаҕына эрэ куттаныахтара, онуоха диэри балаһыанньа уларыйыа суоҕа диэн санаа баар.

 

Ханна үҥсэбит?

Бэйдиэ сылдьар ыттары Дьокуускай куорат Биир кэлим дьуһуурунай диспетчерскэй сулууспатыгар суһаллык биллэриҥ! Төл.: 44-42-51.

Маны сэргэ, Дьокуускай куорат Муниципальнай салайар киинин чат-ботугар аадырыһы ыйан, хаартыскаҕа түһэрэн, видеоҕа уһулан ыытыахха сөп:  8(914) 261-06-98. Эбэтэр https://t.me/mtsuykt телеграм-ханаалга.

Сайаапкалары олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын телеграм-ханаалларыгар тиэрдиэххэ сөп.

Куорат аһаҕас бааһыгар кубулуйбут ыт кыһалҕата намыраабат. Баас эрэ барыта оһор, чэрдийэр. Оттон бу сытыы кыһалҕа тула уһун-киэҥ эпопея хаһан түмүктэниэй?

 

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....