Куорат баһылыгын Гранын кимнээх ыллылар?
Куорат баһылыгын граныгар быйыл 26 мөл. солк. суумалаах, ол иһигэр куорат бүддьүөтүттэн – 15 мөл. солк., бэйэ өттүттэн 11 мөл. солк. суумалаах 31 сайаапка киирбит.
Күрэххэ киирбит бырайыактар үс номинациянан көрүллүбүттэр:
– оҕо аймахха уонна олох очуругар түбэспит дьоҥҥо өйөбүлү оҥорор социальнай хайысхалаах уопсастыбаннай уонна аһымал тэрилтэлэр;
– наркотигы, арыгыны утары үлэ, чөл олоҕу, маассабай спорду, патриотическай иитиини тарҕатыы;
– култуура уонна искусство бырайыактара.
Хамыыһыйа 2023 сыл Гранын кыайыылааҕа 10 бырайыагы талан, куорат бүддьүөтүттэн 100 тыһыынчаттан мөлүйүөн кэриҥэ суумаҕа тиийэ харчынан өйөбүлү ылааччылары быһаарбыт, онтон аҥаардара – өрөспүүбүлүкэ таһымнаах уопсастыбаннай тэрилтэлэр:
1. «Харысхал» баһаарынай хамаанда» (Дьячковский И.В.) уопсастыбаннай тэрилтэ «Баһаары сэрэтиигэ уонна умуруорууга кыттыы, аварийнай-быыһыыр үлэлэри ыытыы» бырайыагар – 250 000 солк.;
2. «Саха-Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оҕо пуондата (Андросова О.М) «Олох куухунаттан саҕаланар» бырайыагар – 102 417 солк.;
3. «Особый ребенок» абилитационнай киин» кэммиэрсийэтэ суох тэрилтэ (Скрябина И.В.) «Аутизмнаах уонна уйулҕатыгар, саҥарарыгар кэһиллиилээх оҕолорго аналлаах «ВыРастайка» психолого-педагогическай устуудьуйа» бырайыагар – 880 000 солк.;
4 «Дьокуускай куорат хаһаактарын хамаандата» (Мещеряков И.М.) өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэтэр хомууру ыытарга – 300 000 солк.;
5. Дьокуускай куорат бэтэрээннэрин «Бэтэрээн» уопсастабыннай тэрилтэтэ (Соловьева И.С.) «Чэгиэн буолуу уонна уһун үйэлэнии бэтэрээнэ» бырайыагар – 416 000 солк.;
6. Дьокуускай куорат самбоҕа федерацията» уопсастыбаннай тэрилтэ (Садыков Ф.А.) «ПДН учуотугар турар саастарын ситэ илик оҕолорго самбо» бырайыагар – 970 000 солк.;
7. «Пропаганда» кэммиэрсийэтэ суох (Соболев К.С.) уонна СӨ оҕо спордун сайыннарыыга тэрилтэлэр «Мин спорду кытта улаатабын» бырайыактарыгар – 500 000 солк.;
8. «Дьокуускай куорат дьахталларын лигата» тэрилтэ (Титова А.С.) «Киин куорат оҕолорун кистэлэҥэ-4»: Дьокуускай – килбиэннээх үлэ куората» бырайыагар – 397 500 солк.;
9. «Алмаз» психоактивнай бэссэстибэлэри туһаныан сөптөөх гражданнарга социальнай өйөбүлү оҥорор уонна хаайыыттан босхоломмут дьону реабилитациялыыр тэрилтэ (Иванов С.С.) «Наркотигынан үлүһүйэр дьону реабилитациялыыр киин» бырайыагар – 500 000 солк.;
10. «Дети Солнечного Мира» сайдыыларыгар уратылаах оҕолору өйүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай тэрилтэ (Кычкина С.В.) «Оҕолорго – фольклор» этнокултуурунай марафон» бырайыагар – 400 000 солк.