05.10.2022 | 11:30 | Просмотров: 706

Куорат баһылыга учууталлары идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлиир

Убаастабыллаах учууталлар, салайааччылар уонна педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ, куорат олохтоохторо!
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тус бэйэм уонна Олохтоох дьаһалта аатыттан эһигини идэлээх күҥҥүтүнэн – Учуутал күнүнэн эҕэрдэлиибин!

 

Бу саамай эйэлээх уонна уопсастыбаҕа ытыктанар идэ, онон бу норуот бүттүүнүн сөбүлүүр бырааһынньыга. Хас биирдиибит үөрэнээччи буола сылдьыбыта, биһиги үтүө ахтыыларбытын, учууталларбытыгар махталбытын сүрэхпитигэр иҥэрэн илдьэ сылдьабыт.

 

Биһиги педагогтарбыт үрдүк квалификациялаах, эппиэтинэстээх, үлэлэригэр бэриниилээх буоланнар тыһыынчанан куорат эдэр олохтоохторо тас эйгэни ситиһиилээхтик баһылыыллар, личность быһыытынан чочуллаллар уонна сайдаллар, талааннарын арыйаллар уонна олоххо киллэрэллэр. Убаастабыллаах учууталлар, эһиги илиигитигэр – инники кэскил: куораппыт, өрөспүүбүлүкэбит уонна дойдубут бүттүүнүн кэскилэ! Учуутал – билиини эрэ биэрэр үөрэҕирии үлэһитэ буолбатах, кини – настаабынньык, аҕа табаарыс, духуобунаһы уонна сиэр-майгы төрүтүн илдьэ сылдьааччы, ити ордук билигин, дойдубут историятыгар буола турар тосту уларыйыылар кэмнэригэр ураты суолталаах.

 

Үөрэҕирии эйгэтин өйөөһүн – куораппыт, өрөспүүбүлүкэбит уонна дойдубут бүттүүнүн социальнай бэлиитикэтин сүрүн хайысхата. Дьокуускайга, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн буоларын курдук, федеральнай киин улахан өйөбүлүнэн саҥа үөрэх тэрилтэлэрин тутуу, оскуолалар хапытаалынай өрөмүөннэрин уонна саҥардааһыннарын былааннара олоххо киирэллэр.  

 

2023 сыл, Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ В.В. Путин быһаарыытынан, дойдубутугар Педагог уонна настаабынньык сылынан биллэрилиннэ, ити уопсастыбаҕа учуутал статуһа үрдүгүн, эһиги үлэҕит дьоһун суолталааҕын туоһулуур.

 

Убаастабыллаах учууталлар, бырааһынньык күнүгэр идэҕитигэр бэриниигит, уустук уонна үтүө үлэҕит иһин махталбын тиэрдэрбин көҥүллээҥ. Эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, үлэҕитигэр ситиһиилэри уонна махталлаах үөрэнээччилэри баҕарабын. Тус бэйэҕитигэр уонна чугас дьоҥҥутугар эйэни, үтүөнү уонна этэҥҥэ буолууну!

 

Ытыктабылы кытта,

Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.