31.10.2022 | 18:00 | Просмотров: 746

Куорат баһылыга суол бэлиэтин саҥаттан оҥорорго сорудахтаата

Куорат баһылыга Евгений Григорьев Ленин проспегар оҥоһуллубут суол бэлиэтин саҥаттан оҥорорго сорудахтаата диэн «Дьокуускай» телеграм-ханаал иһитиннэрдэ.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн, алтынньы 31 күнүгэр, куорат уопсай планеркатыгар Евгений Григорьев үлэни ГОСТ-ка олоҕуран оҥороллоругар сорудахтаата. Кини эбийиэккэ үлэлиир техническэй кэтэбил исписэлиистэригэр дьиссипилиинэ миэрэтин, оттон бэдэрээтчиккэ сыһыаннаан ыстараап санкциятын туттарга сорудахтаата. Баһылык биэдэмистибэннэй тэрилтэлэр салайааччылара итинник кэһиилэргэ тус эппиэтинэһи сүгэллэрин санатта.

«Итинник үлэлэри тутар сатаммат, хаартыскалара социальнай ситимнэргэ таҕыста», - диэтэ кини.

Хаачыстыбата суох оҥоһуллубут суол бэлиэлэрин хаартыскалара социальнай ситимнэргэ тарҕаннылар. Евгений Григорьев, итини сэргэ, оһоллонуу-дэҥнэнии түбэлтэлэрэ тахсыбаттарын курдук, Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнүн иккис түһүмэҕэр, Орджоникидзе болуоссатын таһыгар үлэ ыытыллар сиригэр күрүөлэри туруорарга сорудахтаата.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.