Куорат бүддьүөтүгэр уларыйыылар киирдилэр
Сессияҕа дьокутааттар «Дьокуускай куорат» куорат уокуругун 2022 сылга уонна былааннаммыт 2023 уонна 2024 сылларга бүддьүөтүн туһунан» быһаарыыга уларытыылары киллэрии туһунан дьүүллэстилэр.
Олохтоох дьаһалта Үпкэ департаменын начаалынньыга Ольга Максимова информациятынан, 2022 сылга чуолкайдаммыт былаан кээмэйэ – 27,0 млрд солкуобай, ол иһигэр нолуоктаах уонна нолуога суох дохуот – 9,7 млрд солкуобай, ороскуот – 27,8 млрд солкуобай.
Итини сэргэ, бүддьүөт дефицитын кээмэйэ оннунан хаалар уонна 809 мөл солкуобайга тэҥнэһэр.
Дьокуускай куораттааҕы Дуума Бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов бэлиэтээбитинэн, бүддьүөт үбүлээһинин уларытыы муниципальнай бырагыраамаларга уонна бырагыраамата суох хайысхаларга сыһыаннаах.
«Дьокуускай куораттааҕы Дуума дьокутааттара анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйөөһүҥҥэ Олохтоох дьаһалтаны кытта көхтөөхтүк үлэлэһэллэр», — диэн бэлиэтээтэ Альберт Семенов.
Мунньах түмүгүнэн дьокутааттар уларытыыны киллэрии туһунан бырайыагы биир санаанан ылынарга быһаардылар.