20.09.2021 | 12:00

Куорат архыыбыгар — сэдэх быыстапка

Куорат архыыбыгар — сэдэх быыстапка
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Кырдьык даҕаны, норуот быһыытынан сайдар, инники кэскилбитин түстүүр иһин төрөөбүт дойдубут историятын билэрбит, ону үүнэр көлүөнэбитигэр тиэрдэрбит, интэриэһи үөскэтэрбит сүҥкэн суолталаах. История чахчытын кэрэһилиир докумуоннары харайа сытар тэрилтэнэн архыып буолар.

Куорат күнүн көрсө куораттааҕы архыып балаҕан ыйын 10 күнүгэр сэдэх, урут, этэргэ дылы, «под грифом секретно» сыппыт докумуоннары дьон-сэргэ көрүүтүгэр таһаарда. «Город Якутск: близкая вечность…» быыстапкаҕа 1939 сылтан саҕалаан бу сыллар тухары архыып пуондатыгар харалла сыппыт докумуоннар дьиҥнээх экземплярдара (подлинниктара) бааллара сөхтөрөр.

Айталина Захарова, куораттааҕы архыып кылаабынай исписэлииһэ, архыып дьыалатын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ:

- Быыстапкабыт Дьокуускай куорат тэриллибитэ 389 сылыгар ананар. Манна куорат историятын кэрэһилиир докумуоннар дьиҥнээх экземплярдара (подлинниктара) 1939 сылтан саҕалаан бааллар. Тоҕо диэтэр 1939 сыллаахха аан бастакы сэбиэскэй кэмнээҕи Дьокуускай куорат Генеральнай бырайыага оҥоһуллубут. Ону оччотооҕу «Гипрогор» диэн тутууну бырайыактааһыҥҥа уонна куораттары былааннааһыҥҥа, устууга Судаарыстыбаннай институт оҥорон таһаарбыт. Ити дойду үрдүнэн аатырбыт, киэҥ далааһыннаах гражданскай тутуу бырайыагын тэрилтэтэ этэ. Историческай суолталаах киин куорат бастакы Генеральнай бырайыага бүгүн киэҥ араҥаҕа саҥа таҕыста. Бырайыакка аан бастаан куорат киинин бырайыага оҥоһуллубут, урут куорат киинэ билиҥҥи Доҕордоһуу болуоссатыгар турар сиригэр баар эбит.

Онтон 1954 сыллаахха куорат улаатан, урукку генеральнай былааҥҥа сөп түбэспэт буолбутугар архитектура управлениета саҥа былааны оҥорорго сорудахтаабыт. Онуоха «Гипрогор» Ленинградтааҕы салаата Дьокуускай куорат иккис генеральнай былаанын оҥорбут. Ол бүгүҥҥү быыстапкаҕа эмиэ баар.

Куорат тутуутун сэргэ, история чахчылара, почваҕа, климакка уо.д.а. сыһыаннаах докумуоннар бааллар. Үөһэ этиллибитин курдук, биир да докумуон урут ханна да көстүбэтэх, чинчийиллибэтэх, бэчээттэммэтэх, дьон дьүүлүгэр тахсыбатах. 70-с сылларга куорат тэнийэн, улаатан, аны куорат таһынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннары бырайыактааһын саҕаланар. Ити эмиэ биһиэхэ баар, олус интэриэһинэй докумуон быыстапкаҕа таҕыста.

Итини сэргэ куорат тырааныспарын схемата болҕомтону тардар – манна троллейбус сылдьарыгар анаан тутуу баран 1985 сылга олоххо киириэхтээх этэ диэн этэн, схеманы көрдөрөн сөхтөрдүлэр. Ити туһунан Айталина Афанасьевна маннык кэпсээтэ:

- Троллейбус пааркатын тутууну уонна сайыннарыыны былаанныыр сэдэх докумуон баар. Ол курдук, 1969 сыллаахха техническэй-экономическай төрүтэ оҥоһуллубут. Онтон уон сыл тохтоон баран, 1979 сыллаахха итиннэ төннөн кэлбиттэр, биһиэхэ ону кэрэһилиир докумуон – тырааныспар  ситимин схемата баар. Манна оптуобус маршрутун сэргэ, троллейбус ситимин сайыннарыы ойууланан сылдьар. Итиннэ 1985 сылга сүүс ахсааннаах троллейбус сүүрэ сылдьыахтаах диэн улахан сорук турбут. Стратегическай былаан итинник эбит, туохтан сылтаан олоххо киирбэтэҕин билбэппит. Биһиги сүрүн сорукпут докумуоннары харайыы буоллаҕа дии. Бу соторутааҕыта Ил Дархан Дьокуускай куорат 2032 сылга диэри сайдыытын туһунан Ыйааҕа таҕыста. Онон улахан болҕомтону историческай суолталаах куорат былыргы генеральнай былааннарыгар уурабыт. Бу манна көрөрбүтүнэн, Дьокуускай куораппыт бастакы генеральнай былаана 1821 сыллаахха оҥоһуллан, Иркутскайдааҕы генерал-губернаторынан бигэргэтиллибит. Оттон ити 1939 сыллааҕы генеральнай былаан иккис буолан тахсар, сэбиэскэй кэмтэн аахтахха эрэ бастакы буолар.

Итинник ураты сэдэх научнай докумуоннар архыып пуондатыгар аҕыйаҕа суохтар эбит. «Город Якутск: близкая вечность…» быыстапка ыалдьыттара бары да ону сөҕө-махтайа, кэрэхсии көрдүбүт.

Андрей Андросов, биэнсийэлээх, куорат историятын сэҥээрээччи:

- Быыстапка тэриллэрин истэн анаан-минээн кэллим. Дьиҥэр, историяҕа сыһыана суохпун, геологияҕа үлэлээбитим. Ол эрэн уруккуттан куорат историятын интэриэһиргиибин, төрүт куорат олохтооҕобун, манна төрөөбүтүм, улааппытым, олоробун. Мин сүнньүнэн куорат былыргы хаартыскаларын сэргиибин, интэриниэккэ оннук хаартыска олох сэдэх. Хас биирдии саҥа былыргы хаартысканы көрүү наһаа кэрэхсэбиллээх. Быыстапканы сэргээтим, сэҥээрдим, ол эрэн өссө киэҥ сиргэ уонна тиһиктээхтик, музей курдук туспа график оҥорон мэлдьи үлэлиирэ буоллар диэн баҕарыам этэ. Матырыйаала өссө эбиллэрэ буоллар. Мин санаабар, хомойуох иһин, ыччат куорат историятын интэриэһиргээбэт. Төрөппүттэр элбэхтик кэпсээн, оҕолоругар интэриэс үөскэтэллэрэ буоллар. Мин билигин хомойобун, дьонум тыыннаахтарыгар элбэҕи ыйыталаспакка, билбэккэ хаалбыппыттан. Историяны үөрэтэргэ ыччаты көҕүлүүр курдук туох эрэ оонньуу, квест курдук көрүҥүнэн, бириистээн эҥин тэрийиэххэ наада буолуо дии саныыбын.

Саргылана Анатольевна, куорат олохтооҕо:

- Манна аан бастаан сырыттым, быыстапка буоларын истэн кэллибит. Архыып сотрудниктарыгар сэдэх матырыйааллардаах быыстапканы тэрийбиттэригэр уонна ирэ-хоро кэпсээбиттэригэр улахан махталбын тиэрдэбин. Быыстапка өссө кэҥииригэр уонна киэҥ араҥаҕа тахсарыгар баҕарабын.

 

Быыстапка үөрүүлээх аһыллыытыгар Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев аатыттан солбуйааччыта Наталья Степанова эҕэрдэ тылы эттэ, куораттааҕы архыып начаалынньыга Светлана Филипповаҕа уонна кылаабынай исписэлиис Айталина Захароваҕа өйдөбүнньүк бэлэҕи уонна сибэкки дьөрбөтүн туттарда.

- Дьокуускай куорат төрүттэммитэ 389 сылын көрсө бүгүн куораттааҕы архыып куорат олохтоохторугар дьоһун бэлэҕи оҥордо – ураты сэдэх докумуоннары дьон-сэргэ дьүүлүгэр таһаарда. Мин бүгүн куорат тутуута киинтэн саҕаланан хайдах сайдан барбытын саҥа биллим. Музей быһыытынан манна оскуола оҕолорун, ыччаты аҕалан көрдөрүөххэ, куораппыт сайдыбыт историятын билиһиннэриэххэ баар эбит дии санаатым. Тылынан эрэ кэпсээтэххэ өйдөммөт, манна буоллаҕына докумуону ыйан туран, көрдөрө-көрдөрө сиһилии сэһэргииллэр. Ол ордук өйдөнүмтүө, киһиэхэ тиийимтиэ, – диэтэ уонна архыып кэлэктиибэр истиҥ махталы тиэртэ, сайдыыны, этэҥҥэ буолууну баҕарда.

Түгэнинэн туһанан, архыып начаалынньыга Светлана Афанасьевна туох кыһалҕалаахтарын, баҕа санааларын үллэстэригэр көрдөстүм.

Светлана Филиппова:

- Куорат архыыбын быһыытынан 1995 сыллаахтан үлэлиибит. Биһиэхэ Дьокуускай Уокуруктааҕы дьаһалтатын, Дууматын, тэрилтэлэрин докумуоннара – барыта 33900 дьыала хараллан сытар. Бүгүҥҥү быыстапкаҕа куорат туохтан саҕаламмытын көрдөрөр соруктаах этибит. Ханнык баҕарар тутуу былаантан саҕаланар, онон биһиги быыстапкаҕа сүрүннээн куорат тутуутун историятын көрдөрөр докумуоннары таһаардыбыт. Үлэбит туһунан этэр буоллахха, бүгүҥҥү күҥҥэ куорат архыыба докумуоннары харайар бары ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир. Архыып дьиэтэ таас, күн ахсын дьиэбит температуратын, сиигин хонтуруоллуубут. Биир кыһалҕабыт – үлэлиир дьиэбит кыараҕас, эбии докумуоннары уурар усулуобуйабыт суох, онон 90% туолан турабыт. Дьиэбитин кэҥэтэр, атын сиргэ саҥаны тутар эбэтэр бу эбийиэкпитигэр самалык оҥорор туһунан боппуруос турар. Куорат дьаһалтата итинэн дьарыктанар, үлэ барар, онон биһиги эрэнэ күүтэбит.

Архыып үлэһиттэрэ эппиттэринэн, быыстапка бу ый бүтүөр диэри салҕанар.

Анна Атастырова, архыып салаатын исписэлииһэ:

- Көрөөччүлэри күүтэбит. Кэлиэн баҕалаахтар 43-90-76 нүөмэргэ эрийэн, эрдэттэн суруйтарыахтарын наада. Санитарнай-эпидемиологическай ирдэбиллэри тутуһан, 5-6 эрэ киһини киллэрэбит. Биллэн турар, мааскалаах буолаллара ирдэнэр.

Архыып баар буолан историческай суолталаах докумуоннары, хаартыскалары көрөр, урукку кэмҥэ төннөн, ыалдьыттаан ааһар кыахтаммыппыт кэрэхсэбиллээх. Балаҕан ыйа бүтүөр диэри маннык сэдэх быыстапканы мүччү туппакка, куорат архыыбыгар сылдьыҥ диэн ыҥырабын. Аадырыһа: Строителлэр уул., 18.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...