26.10.2022 | 12:00

Куорат 2-с №-дээх оскуолатыгар видеодомофон туруорулунна

Дьокуускай куорат оскуолаларыгар хонтуруолу күүһүрдэллэр. Ол курдук, 2 №-дээх оскуолаҕа видеодомофон туруорулунна диэн Үөрэҕирии управлениета иһитиннэрдэ.
Куорат 2-с №-дээх оскуолатыгар видеодомофон туруорулунна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Уруоктар саҕаланнылар даҕаны оскуола аана хатанар. Хойутаабыт оҕолор уонна үөрэҕирии тэрилтэтин үлэһиттэрэ видеодомофоны туһанан киирэллэр.

Оскуола салалтата уонна Төрөппүт сэбиэтэ ити миэрэни саамай сөптөөҕүнэн ааҕаллар.

Бу иннинэ Үөрэҕирии управлениетын начаалынньыга Мария Петрова 31-с уонна  2-с №-дээх орто оскуолаларга хонтуруоллуур-аһарар пуун туруоруллубутун туһунан иһитиннэрбитэ.

«Террористическай куттал суоһаабатын курдук, билиҥҥи кэмҥэ 31-с уонна 2-с №-дээх орто оскуолаларга хонтуруоллуур-аһарар пуун тутуллара былааннанар. Куорат иһигэр ити икки оскуола  «үөрэҕирии тэрилтэтигэр 1000-тан тахса оҕо биир кэмҥэ баар» диэн бастакы категорияҕа хапсаллар», - диэн турардаах Мария Петрова.

Итини таһынан, Үөрэҕирии управлениета куорат бары оскуолаларыгар, ол иһигэр чааһынайдарга, видеонан кэтээн көрүү систиэмэтин уонна «тревожнай» кнопканы туруорары былаанныыр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...