02.10.2021 | 13:30

Куораппыт тупсарын туһугар

Куораппыт тупсарын туһугар
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Билэрбит курдук, бэрт соторутааҕыта Ил Дархан Айсен Николаев «СӨ киин куората – Дьокуускай куорат 2032 сылга диэри сайдыытын туһунан» Ыйаахха илии баттаабыта. Онно чугастааҕы уон сыл иһигэр бырабыыталыстыбаны, куорат олохтоохторун кытта ыытыллыахтаах үлэ хайысхалара чуолкайдык сурулла сылдьаллар. «Биһиги иннибитигэр турар соруктартан киһи сүргэтэ көтөҕүллэр! 400 сылын көрсө ирбэт тоҥҥо турар төрөөбүт куораппыт бастыҥ, саамай табыгастаах, куттала суох буолуохтаах! Итини булгуччу ситиһиэхпит!» – диэбитэ куорат баһылыга Евгений Григорьев.

Бүгүҥҥү күҥҥэ куораппытын тупсарар үлэ күргүөмнээхтик саҕаланан бара турар. Ол курдук Дьокуускай куоракка 40 муниципальнай дворник үлэлэрин саҕалаатылар.

Билиҥҥи туругунан оробуочайдар Гагаринскай, Киин, Октябрьскай уонна Строительнай уокуруктарга, ону сэргэ Табаҕа сэлиэнньэтигэр штакка киирдилэр. 2022 сылга куорат дьаһалтата бары уокуруктарга уонна куорат таһынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннарга штаты 117-ҕэ диэри элбэтэри былаанныыр.

Уокуруктааҕы дьаһалта территориялары кытта үлэҕэ Департаменын салайааччыта Владислав Слепцов бэлиэтээбитинэн, территориялары хомуйууга аутсорсинг быраактыката туһата суоҕун көрдөрбүт, ол иһин куорат салалтата быйыл балаҕан ыйыттан муниципальнай дворниктары үлэлэтэр быһаарыныыны ылыммыт.

«Муниципальнай дворниктары үлэлэтии оробуочайдар хамнастарын уонна статустарын үрдэтэр сыаллаах сөргүтүлүннэ. Итини сэргэ, үлэҕэ ирдэбил эмиэ үрдээтэ. Холобур, билигин уулуссалары хомуйалларын сэргэ дворниктар атын үлэни эмиэ, сыбааркалааһыҥҥа тиийэ толорор буолуохтара. Ити үлэлэр иһин эппиэтинэһи уокуруктар уонна куорат таһынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннар дьаһалталара сүгүөхтэрэ», – диэн этэр  Владислав Слепцов.

 2022 сылга диэри  Гагаринскай, Киин уонна Октябрьскай уокуруктарга 8-тыы оробуочай, Строительнай уокурукка 12, оттон Табаҕа сэлиэнньэтигэр 4 киһи үлэлиэхтэрэ. Итиннэ үлэлиир 40 оробуочай бары аналлаах таҥаһынан хааччыллыбыттар, кыһыҥҥы таҥаһы уонна ирдэнэр үнүстүрүмүөннэри атыылаһыы былааннанар.

Штакка киирэн үлэлии сылдьар оробуочайдар хамнастара алын кээмэйтэн үрдүк. Урут аутсорсинг көрүҥүнэн дворниктар 15 тыһыынча солкуобайы ылар эбит буоллахтарына, билигин хамнас икки төгүл үрдээбит, соцпакеттаах буолбут.

Дьокуускай – дворникка пааматынньык туруоруллубут Арассыыйа соҕотох куората. Куорат ыалдьыттара ити эбийиэги сөҕө-махтайа көрөллөр, дворнигы кытта хаартыскаҕа түһэллэр. Пааматынньыгы 2017 сыллаахха скульптордар Николай Чоччасов уонна Марина Рожина элбэх киһи тоҕуоруһар сиригэр – «Киин» киинэ театрын иннигэр туруорбуттара. Хайа да өттүнэн көрбүт иһин, бу пааматынньык көхсүнэн турар, сирэйэ көстүбэт. Ол аата дворник идэлээх дьону барыларын ойуулаан көрдөрөр, сомоҕолуур бэлиэнэн буолар. 2021 сыл саҕаланыытыгар бу скульптура Арассыыйа 10 саамай дьикти пааматынньыгын ахсааныгар киирэн алтыс миэстэҕэ тахсыбыта.

«Саҥарар ыскамыайкалар»

Оруобуна 6 сыл анараа өттүгэр, 2015 сыл балаҕан ыйын 4 күнүгэр Дьокуускай куорат килбэйэр киинигэр – «Московскай»  сквергэ «Саҥарар ыскамыайкалар» («Говорящие скамейки») бырайыак сүрэхтэниитэ буолбута. Ааптара – «Обними жизнь» Аһымал пуондатын дириэктэрэ Светлана Максимова. Светлана Борисовна эппитинэн, пуонда склеродермия диэн сэдэх уонна уустук ыарыылаах дьоҥҥо көмөлөһөр, сүбэ-ама, өйөбүл-тирэх буолар. Кини ити бырайыагынан 2014 сылга куорат нэһилиэнньэтин олоҕун хаачыстыбатын уонна куораты тупсарар социальнай суолталаах бырайыактар «Норуот бүддьүөтэ» куонкурустарыгар кыттыбыт. Киһи хараҕар быраҕыллар, чаҕылхай, ис хоһоонноох ыскамыайкалар куорат арт-эбийиэктэринэн буола түспүттэр.

Светлана Максимова, «Саҥарар ыскамыайкалар» бырайыак ааптара:

- Киин куорат уопсастыбаннай миэстэлэригэр ити кэмҥэ киһи олорон сынньанар ыскамыайкалара олус аҕыйаҕын өйдөөн көрөрүм. Итинтэн сиэттэрэн, ити кыһалҕаны туоратар курдук бырайыак оҥорорго санаммытым. «Норуот бүддьүөтэ» куонкуруска кыттан, экспертнэй Сүбэ бырайыакпын өйөөн, сыаналаан Грант сүүйбүтүм, 246 тыһыынча солкуобай көрүллүбүтэ, барыта 33 ыскамыайканы туруортаабыппыт. Ити кэмҥэ мин «Facebook» нөҥүө оскуола оҕолоругар литературнай куонкуруһу ыытар туһунан биллэрбитим, биллэр-көстөр дьон этиилэринэн,  кынаттаах тылларынан ыскамыайкалары киэргэтиэхпит диэн. Онтон «Обними жизнь» аһымал пуондата Атыы-эргиэн промышленнай палаататын кытта кыттыһан, сайыҥҥы кэмҥэ лааҕыр иитиллээччилэрин ортотугар куораттааҕы литературнай куонкуруһу тэрийбиппит. Ити күрэххэ кыайбыт 14 оҕо Дьокуускай куорат туһунан хоһоонноро ыскамыайкалары киэргэппиттэрэ.  Ыскамыайкалары «Табытал – строй» ХЭТ оҥорбута. Дьиҥэр, социальнай рекламаны сыһыарар былаан баар этэ, ол эрэн барыта үбүлээһинтэн иҥнэр буолан киирбэтэҕэ. Ити кэмтэн ыла «Саҥарар ыскамыайкалар» Киин уокурук уопсастыбаннай миэстэлэрин, оптуобус тохтобулларын киэргэтэллэр, дьоҥҥо туһалыыллар. Кэмиттэн кэмигэр ыскамыайкаларбытын саҥардан, кырааскалаан биэрэбит. Биллэн турар, ол эмиэ үбү-харчыны эрэйэр. Кинилэр дьоҕус архитектурнай пуормаларга киирсэллэр, онон кинилэри управа да, Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа да балансатыгар ылар кыахтара суох, бүгүҥҥү күҥҥэ салгыҥҥа ыйанан тураллар. Хомойуох иһин, кэнники ыскамыайкаларым ахсааннара аҕыйаан иһэр. Бэйэм суоттааһыммынан билигин 28 устуука баар. Түгэнинэн туһанан, этиэхпин баҕарабын – ыскамыайкалар көхсүлэригэр наадыйар дьон тэрилтэлэр рекламаларын таһаарыахтарын сөп, куортамҥа биэрэбит. Ол суотугар киирбит харчы ыскамыайкалары өрөмүөннээһиҥҥэ барар. Сыанабыт удамыр – биир сылга баара-суоҕа 15 тыһыынча солкуобай. Кэнники икки сыл ыскамыайкаларбыт саҥардыллыбакка турбуттара. Мин Киин уокурук салалтатыгар көмөлөһөллөрүн курдук сурук суруйбутум.

Светлана Борисовна көрдөһүүтүн ылынан, Киин уокурук бэрэстэбиитэллэрэ уонна куорат Дууматын кытта бииргэ үлэлэһэн, бу күннэргэ «Саҥарар ыскамыайкалар» саҥардылыннылар.

Анастасия Слепцова, Киин уокурук салайааччытын солбуйааччы:

Киин уокурук уопсастыбанньыктара, дьахтар Сүбэтин чилиэннэрэ буоламмыт «Обними жизнь» аһымал пуондатын дириэктэрэ, киһи олорон сынньанарыгар олус табыгастаах уонна куорат тас көрүҥүн тупсарар ыскамыайкалар ааптардара Светлана Максимова көрдөһүүтүнэн көмөлөһөөрү, ыскамыайкалары кырааскалаатыбыт. Кэнники сылларга тас көрүҥнэрэ мөлтөөбүт. Дьиҥэр, сайыҥҥыттан спонсордары көрдүү сатаабыппыт. Биһиэхэ Дьокуускай куорат Дууматын Алексеевскай быыбардыыр уокуруктан дьокутаата Николай Николаевич кырааска ыларбытыгар көмөлөстө, киниэхэ махталбыт улахан. Төһө да самаан сайыммыт бүтэн, көмүс күһүммүт кэлбитин иһин, бүтэһик сылаас күннэри баттаһан «Саҥарар ыскамыайкалары» саҥардан биэрдибит диэн үөрүүлээхпит.

Элбэх киһи сыратын уурбут, төһө да хантан да үбүлэммэккэ көрө-истэ, саҥарда сылдьар, туһалаах уонна кэрэ көстүүлээх «Саҥарар ыскамыайкаларга» куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара харыстабыллаахтык сыһыаннаһаллара буоллар диэҕи баҕарыллар.

Киин уокурук салайааччытын солбуйааччы Анастасия Гаврильевна эппитинэн, Киин уокурукка үлэ күөстүү оргуйар. Ол курдук, куораты Тупсарыы үс сыллаах бырагырааматыгар, олохтоох көҕүлээһиннэр бырагыраамаларыгар, күһүҥҥү мас олордуутугар уо.д.а. хамсааһыннарга көхтөөхтүк кытталлар. Бу күннэргэ СӨ Судаарыстыбаннаһын күнүн көрсө, Киин уокурук территориятын ыраастааһын субуотунньугар уокурук тэрилтэлэриттэн 52 киһи үлэлээн 79 куул бөҕү хомуйбуттар. Бу иннинэ субуотунньук быһыытынан 120 киһи буолан 250-тан тахса маһы олордубуттар. Киин уокурук социальнай-экономическай сайдыытын чэрчитинэн, бииргэ сүбэлэһэн үлэлиир сыаллаах «Прометей+» уонна  «ЖКХ Губинский» салайар хампаанньалар бэрэстэбиитэллэрин кытта көрсүбүттэр, үс өрүттээх дуогабар түһэрсиллэр. Уон сыл анараа өттүнээҕи нэһилиэнньэ биэрэпиһин көрдөрүүтүнэн уокурукка 35700 киһи олороро биллибит, уокурук салайааччытын солбуйааччы бэлиэтээбитинэн, билиҥҥи туругунан уокурук кэҥээн, кырата 40-ча тыһыынча киһи олорор үһү.

СӨ Судаарыстыбаннаһын күнүгэр «Формирование современной городской среды на территории городского округа «г.Якутск»  на 2020-2024 годы» бырагыраама чэрчитинэн, СӨ Баһылыгын өйөбүлүнэн, Киин уокурук Аммосов уулуссатын 4 №-гэр тупсарыллыбыт тиэргэн территориятын үөрүүлээх аһыллыыта буолла. Сакаасчыт – «Главстрой» МХТ, электроннай аукцион түмүгүнэн үлэни толорооччу – «Основа» ХЭТ.

Ити курдук, куораты ырааһырдар, тупсарар үлэлэр салҕаналлар. Өрөспүүбүлүкэ, куорат салалталарын өттүттэн итиннэ улахан болҕомто ууруллар. Ол туоһутунан бу күннэргэ СӨ Ил Дархана Айсен Николаев куораты тупсарыы чэрчитинэн ыытыллыбыт мунньах кыттыылаахтарын күргүөмүнэн субуотунньукка таһаарбыта буолар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...