25.11.2022 | 10:00

Куобах сылын көрсөргө бэлэмнэнэбит

Биир алыптаах, аптааах, күүтүүлээх бырааһынньыкпыт – Саҥа дьыл кэлэрэ ыйтан эрэ ордук кэм хаалла. Кэлэр сыл Хара Куруолук (Куоска), биитэр биһиэхэ, сахаларга чугас кыыл Куобах сыла үүнээри турар. Онон бүгүн саҥа 2023 сылы хайдах көрсөн сылбыт хаһаайынын алы гынар туһунан кэпсэтиэхпит.
Куобах сылын көрсөргө бэлэмнэнэбит
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Кэлэр сылы саамай чугас, таптыыр дьоҥҥун кытары көрсөрүҥ ордук. Ол курдук дьиэ кэргэнинэн бука бары, таптыыр киһигиниин романтическай киэһэ эбэтэр атын куораттартан, дэриэбинэлэртэн аймахтаргытын кытары түмсүҥ.

Ыҥырар дьоҥҥут испииһэгин оҥороргутугар бу түүн туора дьон, эбэтэр соһуччу ыалдьыт суох буолуохтаахтарын учуоттааҥ. Тоҕо диэтэххэ, Куобах, Куоска дьиэ кэргэн чуумпу олоҕун аймыыр соһуччу түгэннэри сөбүлээбэттэр. Өскөтүн Саҥа дьылы дьиэҕитигэр бэлиэтээбэт уонна ыалдьыттары ыҥыраргытын сөбүлээбэт буоллаххытына, бэйэҕит чугас дьоҥҥутугар бырааһынньыктыы барыҥ (төрөппүттэргитигэр, оҕолоргутугар, бииргэ төрөөбүттэргитигэр).

Дьиэни киэргэтэбит

2023 сылы көрсөргө дьиэ иһинээҕи интерьер сымнаҕас өҥнөрдөөх буолара ордук, аһара чаҕылхай кырааскалары туттумаҥ. Маныаха киэргэлгитигэр халлаан күөҕэ, от күөҕэ, кыһыл көмүс, сакалааттыҥы өҥнөр барсаллар.

Саалаҕыт эбэтэр хоскут биир саамай мааны киэргэлинэн, биллэн турар, харыйа буолуохтаах. Куобах харыйаны сирэр-талар майгыта, үөнэ-күрдьэҕэтэ суох, онон ырыынактарынан ыһылла сытар, маҕаһыыннарга атыыланар харыйа, бэс ханнык баҕарар көрүҥэ барсар.

Хоскутун уонна остуолгутун киэргэтэргитигэр адьырҕа кыыллар өҥнөрүн, бэлиэлэрин туттумаҥ. Айылҕаттан сымнаҕас майгылаах, бэйэтэ да куттаҕас куобах мантан олус диэн хомойуо уонна төгүрүк сыл ол хомолтотун иэстэһэн, араастаан таһаарыан сөп.

Саҥа дьыллааҕы остуолгутун тыыннаах сибэккилэринэн эбэтэр үүнээйилэр сэбирдэхтэринэн киэргэтиҥ. Маны таһынан харыйа лабаата, харыйа, куобах, куруолук оонньуурдара мэһэйдиэхтэрэ суоҕа, элбэх фрукта баара ордук буолуоҕа.

Тугу кэтэбит?

Хас сыл аайы саҥа дьылы көрсөргө тугу таҥнарбыт, кэтэрбит айдаана биир сытыы боппуруоһунан буолар. Бу, биллэн турар, дьахтар аймахха, эбиитин тэрилтэнэн көрсүһэр эбэтэр тыйаатырга, кулуупка барар буоллахха. Хара Куобах сылын көрсөргө өҥ-дьүһүн арааһа дэлэй, киэҥ эбит. Кэлэр сылга ситиһиини тардар туһуттан хара уонна хараҥа халлаан күөҕэ өҥнөр барсаллар; айылҕаҕа сыһыаннаах өҥнөр – кумахтыҥы, бурдук сиэмэтин курдук, сибиэһэй уонна сааскы күөх от, бороҥ, кыһыл туой; чаҕылхай – күн киирэн эрэр өҥө, хартыыһатыҥы; сымнаҕас өҥнөр – сиэрэйтэн пуудара тиийэ уонна сиэрэй-лиловай өҥнөр. 2023 сылга күлүмүрдэс, кылабачыгас матырыйааллартан тигиллибит таҥастар хаһан даҕаны инники күөҥҥэ сылдьыахтара.

Маны таһынан аһара хаһыытыыр киэргэллэри, маллары иилинимэҥ итиэннэ санныгытыгар, илиигитигэр түүлээҕи быраҕымаҥ, тутумаҥ. Дьэ, ону сыл хаһаайына олох сөбүлүө суоҕа. Ол оннугар искусственнай түүлээҕи, декоративнай куорсуну иилиниэххитин сөп.

Туус туһата элбэх

Тууһу аһылыкка эрэ туттубаттар. Туус тулалыыр эйгэттэн үчүгэйи-куһаҕаны, араас эниэргийэни бэйэтигэр оборон ылар идэлээх. Ол иһин дьиэни-уоту, киһини ыраастыырга туһаналлар, ону тэҥэ магияҕа да тутталлар.

Былыр-былыргыттан тууһу хайдах туһанар туһунан үгэстэр бааллар эбит. Үгүстэрэ умнуллубуттар эрээри, сорох үгэстэр билиҥҥэ диэри тиийэн кэлбиттэр.

Тууһу атын киһиттэн иэс ылыллыбат, бэриллибэт. “Тууспут бүттэ, кыратык иэстиигит дуо?”– диэн ыалларгыт киирээччилэр дуо?

Ол бэристэххитинэ, бэйэҕит эниэргийэҕитин биэрэҕит эбэтэр атын дьон киэнин (туус үксүн куһаҕан эниэргийэни оборор) ылыаххытын сөп.

 

Аһаҕас иһиккэ тутумаҥ

Этиллибитин курдук, куһаҕаны барытын оборон ылар. Оттон күүстээх этиһии, охсуһуу тахсыбыт буоллаҕына, дьиэҕэ баар тууһу быраҕар ордук.

Туус иһитин илииттэн илиигэ бэриллибэт, остуолга ууруохтааххыт (дьадайыыга тиэрдэр). Бэнидиэнньиккэ, субуотаҕа тууһу атыыласпат ордук. Туус тоҕуннаҕына, этиһии-охсуһуу тахсыбатын туһугар, уунан суурайан кэбиһиллэр. Ону тэҥэ үрдүгэр саахар кутан баран, хомуйуллар эбит.

Тууһу мас эбэтэр туос иһиттэргэ харайар ордук  (өр кэмҥэ ыраас турар, “кир” сыстыбат). Туус иһитин бэлэх бэриллибэт да, ылыллыбат да. Дьиэни ыраастаабыт туускутун сыгынньах илиигитинэн тутумаҥ. Ким да ылбат, туппат сиригэр быраҕыахтааххыт.

Дьиэни ыраастааһын

Хобордооххо тууһу кутан баран, мөлтөх уокка буһарабыт. Булкуйан биэриэххэ сөп. Хараарар, сыттанар буоллаҕына, ол аата элбэх куһаҕан эниэргийэни хомуйбут. Хобордооҕу тутан баран, хостору кэрийэҕит, хайдах сатыыргытынан көрдөһүөххүтүн, үҥүөххүтүн сөп. Бу кэнниттэн тууһу унитазка кутан баран, хобордооҕу үчүгэйдик сууйуллар. Эбэтэр туттуллубат хобордооҕу ылыаххытын сөп.

Иккис ньыма. Бөдөҥ тууһу (Кэмпэндээйи тууһа эбэтэр кырааската суох муора тууһа барсар) ылан хаһыат лоскуйугар кутан, муннуктарга уураҕыт. Хас да күн турар. Онтон тууһу таарыйбакка эрэ хомуйан ылан, унитазка ыытаҕыт, хаһыаты уматаҕыт. Тыа сиригэр олорор дьон бөҕү кытары уматыахтарын сөп.

Үһүс ньыма. Киэһэ үрүүмкэҕэ уу кутан баран, түгэҕин сабарын курдук бөдөҥ тууһу кутабыт. Кыра ньуосканан булкуйа-булкуйа: «соль и вода, соль и вода, возьмите себе — весь негатив, все ссоры, все беды, все болезни…» диэн ботугуруугут. Туохтан босхолонуоххутун баҕараргытын эбэн биэриэххитин сөп.

Үрүүмкэни түүн түннүк анныгар хааллараҕыт. Сарсыарда туран көрбүккүт, туус суураллыбатах буоллаҕына, дьиэҕэ элбэх куһаҕан эниэргийэ мунньуллубут эбит. Ууну эмиэ унитазка тоҕобут, үрүүмкэни үчүгэйдик сууйабыт.  Бу үрүүмкэттэн итиэннэ испэт ордук.

 

«Куһаҕан харахтан» харыстаныы

Оҕобун куһаҕан харахтаах таба көрүө дии саныыр буоллаххытына, оройугар кыратык тууһу таммалат. Эмиэ бөдөҥ, ыраас туус буолара ордук. «Соль в глаза, веник в зубы» диэн ботугуруохха сөп. Эйигин сөбүлээбэт дьону кытары көрсө барар буоллаххына, эмиэ оннук гыныахха сөп. Кэлэн баран, суунан кэбиһэҕин.

 

Куһаҕан түүл туолбатын туһугар

Куһаҕан түүлү түһээтэххинэ, туолуо диэн куттанар буоллаххына, тымныы ууну кыраантан сүүрдэн баран, хаҥас илиигэр бөдөҥ тууһу ылан, ууга тутаҕын. Сыыйа суураллан сүтэн эрдэҕинэ, түүлгүн санаан баран: «Как соль тает — так сон тает, соль-соль, выешь из сна злое, оставь доброе» диэн үс төгүл этэҕин. Бүттэ.  Туус куһаҕаны илдьэ барда.

 

Малы-салы ыраастыырга

Бөдөҥ тууһу (1 лиитирэ ууга үс ост. ньуоска тууһу) ууга суурайан баран, малгытын онно угаҕыт. Күн көрөр сиригэр уураҕыт. Үс күн тыыппаккыт. Көмүс киэргэллэри эмиэ маннык ыраастыахха сөп.

 

Ыраастаныы

Киэһэ утуйаары сылдьан, туустаах ууга атаххытын уган, олоро түһүөххүтүн сөп. Оччоҕо күн устата мунньуллубут туох баар хомолтону, кутталы, куһаҕан санааны, тылы-өһү ыраастыыр. «Я прощаю себя и всех прощаю, за всё прощаю. Отпускаю тебя, страх, прощаюсь с тобой» диэн ботугуруохха сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....