10.07.2021 | 22:00

Кулууп кистэлэҥэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сир-сир аайы эргэ дьиэлэр, оскуолалар, кулууптар туох эрэ дьиктилээхтэрин туһунан номох курдук кэпсээн элбэх. Арай биирдэ биир дэриэбинэ кулуубугар маннык түбэлтэ буолбут. Олохтоохтор уруккуттан кулууптарын абааһылаах диэн ааттыыллар эбит. Биирдэ кулуупка киинэ көрдөрбүттэр. Биир киһи киинэҕэ кэлэн баран утуйан хаалаахтаабыт. Өйдөөн көрбөтөхтөр дуу, хайдах дуу, киинэ бүппүтүн кэннэ ким да кинини уһугуннарбакка баран хаалбыттар. Бары барбыттарын кэннэ, түүн ортото бэйэтэ тоҥон уһуктубут. Ааны тиийэн анньыалаан көрбүтэ хатанан турар буоллаҕа дии. Хайдах гыныан билбэккэ, киһи төттөрү-таары хаамыталыы сылдьыбыт. Ол саҕана төлөппүөн, эгэ суотабай кэлиэ да. Арай ол сырыттаҕына кулууп түгэҕэр туох эрэ тыаһаабыт. Чөрөйүөҕүнэн чөрөйөн бүтүннүү кулгаах буолан туран иһиллээтэҕинэ, кини диэки киһи аргыый сырдырҕаан хааман иһэр эбит. «Кимий» диэн ыксаан хаһыытаабытыгар атах тыаһа тохтообут. Онтон эмиэ аа-дьуо, кырдьаҕас, кыаммат киһи атаҕын соһон хаамарын курдук, бытааннык хааман киһибит диэки чугаһаан испит. Эбиитигэр чугааһыбытыгар ыараханнык тыынара иһиллибит, бэйэтэ буоллаҕына көстүбэт үһү. Оччону истээт биһиги киһибит сарылыы түһээт аан диэки ыстаммыт уонна хатанан турар күлүүһүттэн да иҥнибэккэ тоҕо солоон таһырдьа биирдэ баар буолбут. Ити түбэлтэ кэнниттэн хайдах итинник халыҥ, күлүүстээх ааны тоҕо көтөн тахсыбытын дьон сөҕөн-махтайан бөҕө буолбут. Арааһа, киһи туохтан эбит улаханнык куттаннаҕына күүһүгэр күүс эбиллэрэ кырдьык быһылаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...