Кулун тутар 9 күнүгэр – ыттары, ыам ыйын 9 күнүгэр – бэтэрээннэри... кэриэстиибит
Кулун тутар 10 күнүгэр Москваҕа Саха сирин бэрэстэбиитэлистибэтин иннигэр кыыллары көмүскэһээччилэр “Свеча памяти” ааксыйа тэрийдилэр. Ааксыйаларын Дьокуускайга кырыктаахтык өлөрүллүбүт ыттар уонна куоскалар кэриэстэригэр анаатылар...
“Свеча памяти” өйдөбүлүн туһанар төһө сөптөөҕүй?
“Москваҕа 300-тэн тахса киһи чаастан ордук Саха сирин бэрэстэбиитэлистибэтин дьиэтин иннигэр турдубут. Онтон биир киһи тахсан 4 киһи кэпсэтэ киириҥ диэбитэ”,- диэн кыыллары көмүскэһээччилэр Москваҕа баар актыбыыстара социальнай ситимнэргэ суруйар. Кини суруйарынан, Саха сирин былаастара Москватааҕы кыыллары көмүскэһээччилэр уопуттарын ылар, кыылларга цивилизованнай сыһыаҥҥа үөрэнэр баҕалаах эбит. “Биһиги кылаабынай сорукпут – резонанс таһааран, кинилэри муннукка ыгыы, оччоҕо ханна да барар сирдэрэ суох буолан, баар кыһалҕаны быһааралларыгар тиийиэхтэрэ”, - диэн суруйар.
Эмиэ бу күн Дьокуускайга хаһаайына суох ыт пааматынньыгын иннигэр (“Туймаада” атыы-эргиэн киинин иннигэр) “Свеча памяти” ааксыйа ыытылынна. Киэһэ 8 чаастан ордук ыччат өттө, үксэ оҕолор муһуннулар. Чүмэчи уматтылар, ыт уонна куоска оонньуурун арааһын аҕалан уурдулар. Аһыныгас буолуу, биллэн турар, оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн иитиллэр. Тыынар-тыыннааҕы аһыныы, көрө-истэ сылдьыы эмиэ үөрүйэҕинэн эрэ иҥэр.
Ол эрэн ыалдьыбыт ыттары анал эминэн өлөрүү урут да баара. Буолаары буолан, ииригирии курдук түргэнник тарҕанар, сутуйар ыарыы булуллубут буоллаҕына. Арай социальнай ситимнэргэ маннык омуннаах тарҕатыы суоҕа. Урут даҕаны анаалыстаан баран ыттары “утуталлара”, онтон полигоҥҥа уоттууллара...
Ол эрэн бу ааксыйалартан киһи сонньуйара уонна сүөргүлүүрэ биир – “Свеча памяти” диэн ааттаммыттара. Атыннык ааттыахха сөп этэ. Уонна аны Улуу Кыайыы күнүгэр фашизмы утары сэриилэһэн, эйэлээх олох иһин сырдык тыыннарын толук уурбут дьоммутугар “Свеча памяти” уматаары Кыайыы болуоссатыгар тоҕуоруһуохпут дии. Кулун тутар 9 күнүгэр ыттарга мустубуппут курдук...
Туохтан саҕаламмытай
Бу айдаан-куйдаан барыта кулун тутар 9 күнүгэр социальнай ситимнэргэ тарҕаммыт видеоттан саҕаламмыта. Кыыллары быстах кэмҥэ харайар пууҥҥа көмүскэһээччилэр уопсастыбаларын дьоно киирэ сатаабыттара. Бу иннинэ кыылларга ииригирии ыарыыта булуллубут буолан, пууҥҥа киирии-тахсыы хааччахтаммытын, карантин биллэриллибитин үрдүнэн, кыыллары көмүскэһээччилэр полицияланан-хайаан, боруота күлүүһүн алдьатан киирбиттэр. Онно киирэн биир контейнерга хас да ыт уонна куоска өлүгэ мунньулла сытарын видеоҕа устан тарҕаппыттара.
Питомник үлэһиттэрэ уонна кыыллары көмүскэһээччилэр бэйэ-бэйэлэрин утары полицияҕа сайабылыанньа суруйбуттара...
2020 сылга олоххо киирбит федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, аны бырах сылдьар ыттары өлөрбөккө, анал питомник дьиэтин тутан көрөр-истэр, стерилизациялыыр, вакцинациялыыр, аһатар-сиэтэр ирдэнэр. Уонна туруктарын тупсаран баран, босхо ыытыллыахтаах. Оттон дьоҥҥо кырыктаах майгылаах ыттары үйэлэрин тухары аһата-аһата, көрөн-истэн питомникка харайыллыахтаах. Бу туох да бэлэмнэниитэ суох ылыллыбыт сокуон ордук регионнарга охсуулаах буолбутун туһунан хаста да суруйан турабыт. Ол эрэн сокуон аата сокуон, халбаҥнаабаттыы толоруллуохтаах.
Дьокуускайга кыыллар приюттара диэн анал тэрилтэ төрдүттэн суох. Быстах кэмҥэ көрөр-истэр пууну үөрэммиччэ “приют” диэн ааттыыбыт. Бэйдиэ сылдьар ыттары уодьуганныырга харчы суоҕун курдук суох. 140 мөлүйүөннээх саҥа приют тутуллара боппуруостардаах. Дьокуускайга ыттарга дьиэ суоҕунааҕар буолуох, оскуолалар уонна оҕо уһуйааннара тиийбэттэр. Оҕолорбутун үөрэттэрэр дьиэлэрбит суохтар. Хаарбах туруктаах диэҕэ олорор, саҥа дьиэҕэ наадыйар дьон оннооҕор элбэх.
Ким буруйдаах буолан тахсыай?
Федеральной сокуон “Жестокое обращение с животными” диэн 254 ыстатыйата баар. Ол ыстатыйанан, контейнерга мунньуллубут өлүктэри булбут дьон полицияҕа сайабылыанньа суруйбуттар. Билигин ол контейнер бэчээтинэн сабыллан турар. Кыыллары көмүскэһээччилэр кыыллар өлүктэриттэн анаалыс ылары ирдииллэр. Анаалыстарын атын куоракка барытын бэйэлэрэ уйунан оҥорторор санаалаахтар. Ону тэҥэ кыыллары көмүскэһээччилэр Генпрокуратураҕа сайабылыанньа түһэрбиттэр.
Кыыллары быстах кэмҥэ көрөр-истэр пууҥҥа кулун тутар 6 күнүгэр ииригирии вируһа көстөн, карантин биллэриллибитэ. Пуун үлэһиттэрэ карантины биллэрэр, стерилизация уонна эвтаназия оҥорор кыахтара суох. Онон Ветеринария управлениета эрэ дьарыктанар.
Волонтердар кулун тутар 9 күнүгэр пууҥҥа тиийэллэригэр, күлүүстэри тоҕута сынньан киирбиттэр. Кыыллар өлүктэрэ сытар контейнер күлүүһүн эмиэ алдьатан арыйбыттар. Дьиҥэ, кинилэр тиийиилэригэр 71 тыыннаах ыт баар эбит. Ону видеоларыгар устубатахтар, төттөрүтүн, “биир да тыыннаах ыт хаалбатах, өлүктэрэ барыта бу контейнерга сытар” дэһэллэрэ иһиллэр.
Бэҕэһээ кыыллары көмүскэһээччилэр ыттар өлүктэрин уоттуур полигонтан чахчы ынырык видеолары тарҕаттылар. Онон айдаан өссө күүркэйэр туруктанна.
Ыалдьыбыт кыыллары өлөрбүттэр
Олунньу ый бүтэһик күннэригэр Строительнай уокуруктан тутуллубут ыкка ииригирии вируһун булбуттара. Дьокуускайдааҕы ветеринария сулууспата кулун тутар 7-8 күннэригэр эвтаназия ыыппыт.
Ииригирии – олус түргэнник тарҕанар сыстыганнаах вирус. Сатаан эмтэммэт, ол иһин сыстыбыт кыыллар эвтаназияланаллар.
Кыыллары быстах кэмҥэ көрөр-истэр пуун 12 үлэһиттээх. Хамнастара кыра буолан, каадырдар барыылара-кэлиилэрэ элбэх. Пуун өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн харчы ыла илик. Оттон биир ыты тутан, стерилизациялаан, онтон вакциянациялаан баран босхо ыытарга 14000 солк. наада.
Ветеринария Департаменыгар кэпсээбиттэринэн, кулун тутар 7-8 күннэригэр 153 ыт уонна 48 куоска эвтаназияламмыт. Барыларыгар ииригирии вируһа булуллубут.
Дьокуускайга уонна Жатайга – карантин
Ил Дархан уурааҕынан Дьокуускай уонна Жатай сиригэр-уотугар ииригирии ыарыыттан сылтаан карантин биллэрилиннэ. Куоска уонна ыт быыстапкаларын ыытыы, атыылааһын бобулунна.
Ол быыһыгар Москваттан Госдуума дьокутаата, Экология уонна тулалыыр эйгэ харыстабылын кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Бурматов ааспыт нэдиэлэттэн быһа кэлээри суоһурҕанар. Кини дьокутаат ирдэбиллэрин туһааннаах уорганнарга ыыталаан, холуобунай дьыалалары арыттарар санаалаах.
Дьокуускай баһылыга Сардаана Аксвентьева, ыттар өлүктэрэ булуллубутунан, полицияҕа үҥсүү түһэрбитин биллэрдэ. Биллэн турар, буруйу барытын олохтоох дьаһалтаҕа ыйаатылар. Ол эрэн куттаалаах вирус булллубутунан, биллэриллибит карантин кэмигэр кыыллары өлөрөр туһунан дьаһалы барытын Ветеринария сулууспатын анал хамыыһыйата ылар. Ветеринария сулууспата куорат дьаһалтатыгар бас бэриммэт, өрөспүүбүлүкэтээҕи управление салаата буолар.
Дьокуускай прокуратурата бэрэбиэркэни саҕалаата.
***
Маннык айдааннары күөттүүр, тэптэрэн биэрэр дьон үлэлэрин үчүгэйдик толороллор. Ол аайы аан дойдуну биир гына “живодёр” диэн аатыран-сураҕыран эрэбит.