19.02.2024 | 18:00

Кулун тутар 15 күнүттэн кэлэр 2025 сылга тупсарыллар эбийиэктэргэ куоластааһын саҕаланар

Кулун тутар 15 күнүттэн кэлэр 2025 сылга тупсарыллар эбийиэктэргэ куоластааһын саҕаланар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Б.дь. кулун тутар 15 – муус устар 30 күннэригэр эһиил, 2025 сылга, тупсарарга былааннанар эбийиэктэри быһаарар Бүтүн Арассыыйатааҕы куоластааһын ыытыллар.
Санатар буоллахха, 2019 сылтан «Куорат сиригэр нэһилиэнньэҕэ табыгастаах эйгэни тэрийии» федеральнай бырайыагынан Арассыыйа үрдүнэн 11,8 тыһыынча уопсастыбаннай туона тупсарыллан кэллэ. Онуоха «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак чэрчитинэн үбүлэнэр бырайыактары таларга куоластааһын ыытыллар.
Куоластааһыҥҥа 14-тэн үөһэ саастаах Арассыыйа гражданнара 14.gorodsreda.ru балаһааккаҕа киирэн, сөбүлээбит бырайыактарын талан кыттыахтарын сөп. Оттон 2025 сылга Саха сиригэр Дьокуускай куораты таһынан Томмот, Алдан, Аллараа Кураанах, Сангаар, Айхал, Чернышевскай, Беркакит, Чульман, Хаандыга, Мохсоҕоллоох, Уус Майа бөһүөлэктэрин, Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү, Хоро, Үөдэй, Нам, Мукучу, Кэбээйи, Ленскэй, Бороҕон, Таатта, Чурапчы нэһилиэктэрин, Нерюнгри, Ленскэй, Мииринэй, Удачнай, Ньурба, Өлүөхүмэ, Покровскай, Бүлүү куораттарын бырайыактарыгар куоластыахха сөп, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын иһинэн Архитектура уонна куораты тутуу управлениета.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...