28.02.2024 | 12:31

Култуура уонна сынньалаҥ кииннэрэ маастар-былаанынан тутуллуохтара

Култуура уонна сынньалаҥ кииннэрэ маастар-былаанынан тутуллуохтара
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ол туһунан куорат баһылыга Евгений Григорьев олунньу 27 күнүгэр култуура үлэһиттэрин иннигэр отчуотугар бэлиэтээтэ. Баһылык маны сэргэ үгэс курдук ааспыт 2023 сыл социальнай-экономическай көрдөрүүлэрин, үүммүт сылга турар соруктары билиһиннэрдэ.

Ааспыт сыл сүрүн ситиһиитинэн дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Дьокуускай куорат 2030 сылга диэри сайдыытын маастар-былаанын өйөөбүтүн, бу сүҥкэн суолталаах докумуон чэрчитинэн кэлэр сылларга биһигин куораппытыгар 12 оскуола, 18 оҕо саада, 10 доруобуйа харыстабылын тэрилтэтэ, 7 спорт эбийиэгэ курдук социальнай суолталаах тэрилтэлэр, маны сэргэ Пригороднай уонна Кангалаас бөһүөлэктэригэр сынньалаҥ кииннэрэ, 4 оҕо искусствотын оскуолата, Музыка үрдүкү оскуолатыгар саҥа дьиэ, киинэ павильона тутуллара былааннанар диэтэ.

Чуолаан 2024 сылга култуура эйгэтигэр «Маяк» библиотека филиалыгар хапытаалынай өрөмүөн, Култуура уонна сынньалаҥ пааркатын саҥардан оҥоруу уонна «Арчы дьиэтэ” духуобунас киинин хапытаалынай өрөмүөнэ саҕаланаары туралларын иһитиннэрдэ.

Отчуот кэнниттэн култуура үлэһиттэрэ куорат дьаһалтатынан ыытыллар киэҥ хабааннаах үлэни биһирииллэрин бэлиэтээн туран, Залог оройуонугар баар Көрбөттөр библиотекаларын таһынааҕы “саҥарар светофору” сөргүтэргэ, «Священный табун мифических лошадей» арт-эбийиэги чөлүгэр түһэрэргэ көрдөстүлэр, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....