25.01.2024 | 10:00

Ксенофонт Васильев: «Ирдэһэр үлэни салҕыыр киһини иитэн хаалларыахпын баҕарабын»

Ксенофонт Васильев:  «Ирдэһэр үлэни салҕыыр киһини иитэн хаалларыахпын баҕарабын»
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Тохсунньу 27 күнэ – быйыл Ленинград куорат өстөөх иилии эргийиититтэн босхоломмута 80 сыла. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр саха норуотун историятыгар оспот бааһы хаалларбыт бу уонна Ильмень күөл иэдээнин туһунан биһиги бүгүн «Киин куорат» хаһыаппыт уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ Ксенофонт Васильевы кытта кэпсэттибит.

Ксенофонт Васильевич Васильев Ньурба улууhун Түмүк нэhилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СѲ бочуоттаах бэтэрээнэ, СѲ бочуоттаах землеустроителэ, СѲ Үтүѳлээх энэргиэтигэ, чинчийээччи, хас да кинигэ ааптара.

 

– 1948 с. Ньурба оройуонун Хаҥалас нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Оҕо сааһым Мархатааҕы МТС тырахтарыыстарын ортотугар ааспыта. 10 сааспыттан “Маяк” холкуос чилиэнэ буолбутум.

1966 с. Хатыҥ Сыһыы оскуолатын 11 кылааһын бүтэрэн, тырахтарыыс идэтин ылбытым. “Коммунизм” холкуоска комсомольскай путевканан тахсан тырахтарыыстаабытым, электростанцияҕа дизелистээбитим.

1967-1969 сс. аармыйаҕа сулууспалаабытым. Онтон 1970-1975 сс. Челябинскэйгэ үөрэнэн, электрик-инженер идэтин баһылаан, 50-тан тахса сыл идэбинэн үлэлээбитим. Сэдэмдьи профтехучилищетыгар 6 сыл преподавателлаабытым, 14 сыл нэһилиэкпэр землеустроитель быһыытынан үлэлээбитим, “Маарсельэнерго” ХЭТ салайабын.

Иллэҥ кэммэр кыралаан хаһыаттарга суруйабын, оскуолаҕа бииргэ үөрэммиттэрим, нэһилиэгим дьонун, тэрилтэлэрин туһунан кинигэлэргэ үлэлэспитим.

Кэргэннээхпин, 3 оҕолоохпун, билиҥҥитэ 10 сиэннээхпин.

 

Сквербит хаар оңоһуга, 202-ис мкрн.

10 сааспыттан үлэһит буолбутум

– 1958 с. аҕам тракторнай биригээдэҕэ биригэдьиирдии сылдьан акка соһуллан инбэлиит буолан хаалбыта. Ол ыам ыйын 22-с күнэ этэ, оттон ыам ыйын 24-с күнүгэр ийэм оҕоломмута. Инньэ гынан, ыал улахан оҕото буоларым быһыытынан, 10 сааспар холкуос чилиэнэ буолбутум. Бэкээринэҕэ уу уонна мас таһааччы буол диэн сыарҕалаах оҕуһу туттарбыттара. 1960 с. МТС Ньурбаҕа көһөр, оттон Маарга УМСХ-15 диэн училище аһыллар, 3 сыл ол училище остолобуойун, таҥас сууйар сирин ууларын хааччыйбыттаахпын. Хатыҥ Сыһыыга үөрэнэ барарбынан тохтообутум.

Мархаҕа оскуолаҕа үөрэнэр сылбытыгар тохсус кылаастан тырахтарыыс буоларга бэлэмнээбиттэрэ. Инньэ гынан 1964 с. саҕалаан сайын аайы окко тырахтарыыстыыр буолбутум. Оскуолам да кэнниттэн идэбинэн үлэлээбитим. Ол сырыттахпына хомсомуол сэкирэтээринэн талан кэбиһэннэр, бириэмэлээх үлэҕэ көстөххүнэ табыллар диэннэр, саҥа арыллыбыт электростанцияҕа дизелиһинэн анаабыттара. Аҕам инбэлиит буолан МТС-ка, кэлин холкуоска эмиэ дизелистээбитэ, онон утарыласпатаҕым. Оннук устунан инженер электрик идэтигэр үөрэнэн, дойдубар кэлэн үлэлээбитим. Сопхуоһум электрификация салаатын салайбытым. Бэйэм санаабар, үлэбэр туох баар сырабын, кыахпын анаабытым.

 

Энергетика сайдыытыгар, атаҕар туруутугар сүҥкэн  кылааккын биир дойдулаахтарыҥ билинэллэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ холобур буолар үлэни тэрийбиккит туһунан кэпсии түстэххэ сатанар.

– Оскуоланы бүтэрэрбэр биһиэхэ “Коммунизм суола” диэн холкуос баара. Выпускниктары үгүспүтүн комсомольскай путевканан ыыталаабыттара. Тырахтарыыстыы сылдьаммын саҥа кэлбит стоговоһу эҥин Виктор Николаевич диэн табаарыспын кытта боруобалааччы буолбуппут.

Оччолорго тыа сирин электрификациятын таһыма сүрдээх намыһах этэ. Сорох сопхуостар наадыйбаттар да этэ. Марха сопхуоска инженер-механик идэлээх Н.Н. Плотников диэн тэхиньиичэскэй прогресска өйүн-санаатын уурбут киһи дириэктэрдээбит кэмигэр түбэспит буоламмын, кини биһиги электрификацияҕа үлэлиирбитин олус өйөөбүтэ, ол иһин элбэхтик сайылыктарга, фермаларга, дэриэбинэлэргэ уот линиятын тардан, подстанция тутан үлэлээбиппит.

Сопхуоска туттуллар электроустановкалары көрүүгэ-харайыыга эмиэ бастакы холобур буолбуппут. ПРР (планово-предупредительные ремонтные работы)  систиэмэтин киллэрбиппит, онон үлэбит Сойуус таһымыттан тупса сылдьыбыта.

Ити сылдьан «Арассыыйаҕа Сельэнерго диэн тэрилтэлэр наһаа баар буолан эрэллэр, биһиги тоҕо маны тэрийбэппитий?» диэн хаһыаттарга улахан ыстатыйалары суруйбуттаахпын. Ити курдук Сельэнерго тэриллиитигэр күүскэ ылсыбыппыт. Ол саҕана коллективнай подряд диэн албас баар этэ. Ньурбатааҕы Сельэнергоны мин коллективнай подряд балаһыанньатын оҥорон үлэҕэ киллэрбитим түмүгэр, үлэтэ таһаарыылаах буолбута. Сопхуос саҕана, кэлин Сельэнергоҕа да үлэбин сыаналаан, 2008 сыллаахха Энергетикэ үтүөлээх үлэһитин аатын иҥэрбиттэрэ.

Ол тэрилтэбит уонча сыл үлэлии сатаабыта. Эстибитин кэннэ бэйэбит Мархатааҕы учаастакпыт эстиэхпитин баҕарбатахпыт, эстэр түбэлтэбитигэр уолаттарым бары үлэтэ суох хаалар кутталламмыттара. Ол иһин туһунан “Маарсельэнерго” диэн хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэни тэриммиппит күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии олорор. Бу тэрилтэбит Саха сирин үрдүнэн суос-соҕотох Сэльэнерго тобоҕо буолан хаалан сылдьар. Саха сирин оройуоннарын кэрийэн мээрэйдиир үлэнэн дьарыгырабыт, ол онно лаборатория тэриммиппит. Лабораториябыт өссө 1976 с. сопхуос эрдэҕинэ тэриллибит буолан, билигин уопуттаах үлэһиттэрдээхпит.

Саха сиригэр электрификация кэлбитэ 100 сылын бэлиэтээн турабыт. Аан бастакы электричество уотун Дьокуускайга буолбатах, Хаҥаласка Хачыкаат диэн сиргэ Сэмэн Барашков диэн киһи бастакынан туһаммыта диэммит, өйүүр дьону булан, ону көннөрөн бэлиэтээбиппит. Хомойуох иһин, улуустарынан электрификация кэлиитин улаханнык бэлиэтээбэтэхтэрэ – дьиҥэ, социальнай сайдыыга төһүү буолбут түгэн буоллаҕа...

Ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр дьоммун иитэрбэр харчыта суох хаалан, Сэдэмдьигэ землеустроителинэн үлэлээбитим. Онно да таһаарыылаахтык үлэлээбитим дии саныыбын. Бочуоттаах землеустроитель аатын биэрбиттэрэ.

Ол үлэлии сырыттахпына манна профтехучилищеҕа түөрт бөлөхтөөҕүттэн иккитигэр электриктэри үөрэтэбит диэннэр, аны преподавателинэн анаабыттара. Алта сыл кэриҥэ училищеҕа устудьуоннары үөрэппитим. Билигин ирдиир үлэбитигэр техникуму опорнай пуун быһыытынан үлэлэтэн эрэбит.

 

Ирдиир үлэ

Историяны хайдах баарынан сэргээн

Аҕа дойду сэриитин историятын ыччакка, норуокка тиэрдиигэ, буойуннар ааттарын үйэтитиигэ биир киһи холугар элбэҕи оҥоро сылдьаҕын. Ону ааҕааччыларбыт «Киин куорат» хаһыаппытыгар таһаартарар ыстатыйаларгыттан даҕаны билэллэр.

– Хаһыакка бастакы улахан суруйуум ол Сельэнергоны тэрийэн үлэлэтиэххэ диэн этиилээх этэ. Ол кэннэ дөрүн-дөрүн наада буолуо диэбит тиэмэбэр суруйар идэлэммитим.

Онтон Аҕа дойду сэриитин туһунан кэнники суруйар буоллум. Ильмень туһунан билиим 1968 с. аармыйаттан уоппускабар кэлэ сылдьан, Дьокуускайга Школьная (билигин Ильменская) уулусса муннугар гипсэттэн оҥоһуллубут саллаат пааматынньыгын интэриэһиргээбиппиттэн саҕаламмыта. Саллаат форматын кэтэ сылдьар киһи, бука, саллаат пааматынньыгын интэриэһиргээбит буолуохтаахпын.

Онтон Челябинскайга үөрэнэ сылдьан киэһээ киинэ кэннэ уопсайбар бараары турдахпына, биир кыра уҥуохтаах нуучча эмээхсинэ «эн саха эбиккин, былыр манна сахалартан биригээдэ тэрийбиттэрэ, ол муҥнаахтар бары Ильмень күөлгэ тимирээхтээбиттэрэ» диэн бэйэтэ оҥостон туран кэпсээбитэ. Аны 1982 с., Сельэнерго тэриллибитигэр, биһигини Ленинградка кууруска ыыппыттара. Ол кууруска оруобуна ыам ыйын 2 күнүгэр барбыппыт, бэс ыйын 5-гэр диэри үөрэммиппит. Ыам ыйын бырааһынньыктарыгар сахалар землячестволарыгар Новгородтан үөрэнэ сылдьар устудьуоннар, олохсуйбут саха дьоно кэлэн кыттыспыттара. Уонна, дьэ, Ильмеҥҥэ биһигини кытта барсыҥ, онно баар пааматынньыгы көрдөрүөхпүт эҥин диэн сүрдээҕин кучуйбуттара. Харчым кыра буолан барсыбатаҕым, сылдьыбыт дьонум кэлэн кэпсээбиттэригэр, аһара улаханнык долгуйбатаҕым, ол саҕана хас киһи суорума суолламмытын эҥин чуолкайдыы иликпин...

Арай кэнники сопхуоска инженердиирбэр Дьокуускайга командировкаҕа кэлэ-бара сылдьан, бокуойданнахпына, оптуобуска үлүбээй олорсон, куораты көрөр идэлээҕим. Биирдэ оннук Ильменскэй уулуссаҕа тиийэн хаалбытым. Дьэ, ол кэнниттэн бу тиэмэнэн күүскэ дьарыгырбытым. Кинигэлэри, хаһыаттары барыыр этим. Дьокуускайга тиийдим да, Пушкин библиотекатыгар  Ильмень туһунан кинигэлэри хасыһар идэлэммитим. Ол кинигэлэртэн биирдэригэр 1958 с. саллааттар бэйэлэрэ тиийэ сылдьан сэргэ туруорбуттар диэни булбутум. Онно биир саллаат ахтыытыгар кыра уруһуй баара, биир саллаат ахтыытыгар хаартыска кытта баара. Кэнники ол хаартысканы булаары, иккиһин сөргүтэн ааҕаары, ол кинигэни көрдүү сатаабытым, Пушкин библиотекатын үлэһиттэрин улаханнык түбүгүрдэ сылдьыбытым – көстүбэтэҕэ.

 

Саллаат сэргэтэ, Ильмень үрдүгэр, Ретле.

Дьон сөпкө өйдөөтүн диэн санааттан

– Оннук Ильмень туһунан дьарыгыра сылдьабын буолан баран, кимиэхэ да иҥэн-тоҥон кэпсээбэт этим. Бэркэлээтэхпинэ, хаһыакка кылгастык суруйарым.

Оттон сэрии тиэмэтигэр биһиги нэһилиэкпит дьонун кэпсиир кинигэ тахсыбыта. Тыылга үлэлээбит дьону үйэтитэр кинигэни эмиэ таһаарыахха диэн редколлегияҕа киллэрбиттэрэ.

Хатыҥ Сыһыыга араас нэһилиэктэртэн кэлэн үөрэммит буоламмыт, оскуолабытын бүтэрбиппит 50 сылыгар кинигэ уонна альбом таһаарыахха диэн мунньахтаан, эмиэ редколлегияҕа киирэн үлэлээбит кэмнээх этим.

Училищеҕа үлэлии сырыттахпына училище 50 сыллаах үбүлүөйүн көрсүбүтэ, онно бу үөрэх кыһата МТС базатыгар тэриллибитин ахтыбатахтара. Ол иннинэ нэһилиэк 100 сыллаах үбүлүөйэ буолбута, онно МТС тыыннаах үлэһиттэрин анаан-минээн ыҥырыылаах ыалдьыт оҥоруохха диэбиппин ылымматахтара. Онон бэйэм төрөөбүт-үөскээбит, иитиллибит, улааппыт тэрилтэбин аахайбатахтарыттан улаханнык кыйыттыбытым уонна “Мархатааҕы МТС” диэн кинигэни таһаарбытым.

Бу кинигэни суруйа сырыттахпына Марха сопхуос тэриллэ сылдьыбыт үбүлүөйэ диэн буолбута. Онно күүстэринэн кэриэтэ редколлегияҕа киллэрбиттэрэ, ол редколлегияҕа киирбит үгүс дьон аккаастанан, мин сүрүн сүүрээччи-көтөөччү, Марха сопхуос туһунан кинигэ ааптара, бүтэһигэр үбүлээччи да курдук буолбутум. Презентациялаан уруйдаабыттара-айхаллаабыттара. Ол эрэн мин нэһилиэкпитигэр тэриллибит холкуостары эбии суруйуохха диэн туруорса сатаабыппын ылымматахтара. Билигин холкуостар тустарынан туох да суруйуу суох, ону улаханнык турууласпатахпыттан хомойобун.

 

Ильмень күөлгэ суорума суолламмыт буойуннар дьылҕаларын туһунан кинигэҥ туохха тирэҕирбитэй?

– 2013 с. Ильмеҥҥэ өлбүттэрэ 70 сылыгар барыахпын баҕарбытым кыаллыбатаҕа. Өлбүттэрэ 75 сылыгар, 2018 с., дьэ барбытым. Ильмень кинигэтин суруйарбар Иван Михайлович Павлов диэн историк, учуутал киһи элбэҕи сүбэлээбитэ. 2018 с. киниэхэ Ильмеҥҥэ баран иһэн таарыйбытым, сатаан суруйбат буолан олорбута икки сыл буолбут этэ, миэхэ кинигэтин бэлэхтээбитэ. «Сэрии туһунан кэпсииргин ыччакка тиэрдиэхтээххин, табатык өйдүүллэрин туһугар куруук кэпсии-ипсии сырыт» диэн суруктаах этэ.  Кини кэриэһин толорон, аан бастаан 2018 с. Ильмеҥҥэ Борисовскай оскуолаҕа тиийэн 19-ус биригээдэ туһунан кэпсээбитим. Онтон саҕалааммын, үлэбинэн Саха сирин элбэхтик кэрийэрим, бириэмэлэнним даҕаны, оскуолаларга сүүрэн тиийэн: “Мин Ильмень күөл историятын оҕолорго кэпсиэхпин сөп, оҕолоргутун аҕалыҥ”, - диэн тылланар буолбутум. Дьокуускай оскуолаларыгар сорохторугар кытта кэпсээбитим.

Ол курдук бу тиэмэм ыллар-ылан испитэ. Устунан поисковай этэрээт тэринэн үлэлээбитим. Аны бу дьоммун көрдөөбүт киһи диэн санаа киирбитэ. Старай Русса поисковиктарын кытта сибээстэспитим. 2018 с. күһүн баран ирдиир үлэни ыытан кэлбиппит. Олохтоох администрация, кэпсэтиитин эрдэ ыыппыт буоламмын, ытыс үрдүгэр түһэрбитэ. Ретлеҕэ аан бастаан сэрии буолбут сирин көрдөрбүттэрэ, билигин да ситиммитин быспакка үлэлиибит.

Сэргэ турбут миэстэтин Ретле дэриэбинэтин старостата Нина Алексеевна Моркина ыйан биэрбитэ. Питертэн 50-ча киһилээх дэлэгээссийэтэ кэлбитэ, онно саха устудьуоннара, олохсуйбут сахалар бааллара. Ол сылдьан дьону кытта кэпсэтэн, Ильмень кыргыһыытын туһунан соччо-бачча билбэттэрин өйдөөбүтүм. Онно бастаан кинигэ суруйбут киһи дии санаабытым.

2020 с. Кыайыы 75 сылыгар кылааһым оҕолорун кытта түмсүүгэ оҕолорум миэхэ Кыайыы 75 сылыгар 75 оскуоланы кэрийэн кэпсиэхтээххин диэн сорук туруорбуттара. Ковид ыарыыта туран, онтубун кыратык толорботоҕум, 72 оскуола буолбута. Ол баҕа санаабытын кэнники толорон, билигин сүүстэн тахса сиргэ кэпсээтим диэн ааҕынабын.

 

Сахалар сылдьар сирдэрэ буолла

Ильмень кытылыгар ытык сэргэ турбута

– 2018 с. сырыы кэнниттэн сэргэни сөргүтэр үлэни саҕалаабытым. Сирин көҥүлүн ылыыга элбэх министиэристибэни аймаабытым, Ил Дархан бэйэтинэн кыттыспыта. Ньурбаттан Август Виссарионович Михайлов диэн ууһу илдьэ барбыппыт. Анараа дьоммут тиэхиньикэнэн эҥин көмөлөһөн абыраабыттара.

Бу сэргэбит Ильмень кытылыгар турар. 2020 с. ууга тимирбит буойуннарбыт дууһалара муус анныттан тахсан эрэллэрин хоһуйар муус оҥоһук оҥоруохпут диэн эскиз уруһуйдаан илдьэ барбыппыт. Тиийбиппит, ириэрии эрдэ саҕаламмыт этэ. Ол идеябытын билигин да тута сылдьабыт.

Ол сэргэ туруорбут сирбитигэр сквер оҥоруохпутун баҕардыбыт. Сирин олохтоох администрацияттан ылларыахпыт этэ.

Сэтинньигэ Дьокуускай 202-ис микрооройуонугар хаар оҥоһук оҥорбуппут – ким баҕалаах көрүөхтэрин сөп. Оруобуна оннугу Старай Руссаҕа оҥоруохпут диэн былаанныыбыт. Билиэппин ылан олоробун. Муус, хаар оҥоһукка Арассыыйаҕа аатырбыт маастардар Август Михайловы кытары Намтан Григорий Максимов барсаллар.

Старай Русса оскуолаларын кытары эмиэ сибээстэһэбин. Борисовскай оскуола, Достоевскай аатынан оскуола о.д.а. оҕолорун көмөлөһүннэриэм. Норуот маастардарын түмэр “Берегиня” диэн тэрилтэ баар, кинилэрдиин кэпсэтэн, таарыччы маастар-кылаас оҥоруохпут. Сатаннаҕына, быыстапкалаах барыахпыт.

Анараалар эһиги дьоҥҥут манна суорума суолламмыт дьоннорун кэриэстии кэлэн бараллар, хаартыскаҕа түһэллэр, күнүнэн сылдьан ааһаллар, ону бэстибээл курдук тэрийэр буоллар диэн этии киллэрбиттэрэ. Холобура былырыын чурапчылар баһылыктара Саргыдаев хамандыырдаах 51 киһилээх баран кэлбиттэрэ, Ньурбалар 36 киһини ыыта сылдьыбыттара. 28 киһилээх эмиэ тиийэ сылдьыбыппыт – өлбүттэрэ 80 сылыгар кэриэстээн кэлбиппит. Өлбүттэрэ 75 сылыгар иккиэ эрэ этибит, 80 сылыгар 120 –чэ киһини хамсаппыппыт эмиэ дьоһун ситиһии.

 

Ким баҕалаах кыттыһыан сөп

 – Ирдиир үлэни тэрийиигэ, сахалар манна кытталларыгар туспа көрүүлээх эбиккин...

– Быйыл поисковой үлэбитин муус устар 22 күнүгэр антах тиийэн саҕалыахтаахпыт. Күһүн сылдьыспыт Чурапчы оскуолатын бөлөҕө, Сунтаар гимназиятын бөлөҕө булгуччу барабыт дииллэр. Ньурбалар тэринэ сатыыбыт. Ити бэстибээллэригэр кыттар баҕалаахпын. Сырыыбытын бэйэбит уйунабыт, оҕолору төрөппүттэр уйуннахтарына эрэ табыллар. Анараа “Медведь” диэн поисковай этэрээти кытта бииргэ үлэлиэхтээхпит. Игорь Тума диэн энтузиаст баар, Саха сирин дьонун бу үлэҕэ кыттыһыннара сатыыр, чурапчылар кинини хаста да ыҥыран үөрэннилэр. Дьокуускай 33-үс оскуолата эмиэ ирдиир үлэҕэ кыттыһар баҕалаах.

Саха сиригэр поисковай үлэ ковид иннинэ эрэ саҕаламмыта. Холбоһук курдук үлэни тэрийэн ыытар тэрилтэбит суох – бары тус-туһунан сылдьабыт.

 

Ирдэһэр үлэни ким баҕарар ылсыан сөп

– Бу күннэргэ Ленинград блокадаттан босхоломмута 80 сыллаах үбүлүөйэ бэлиэтэнэр. Манна эмиэ сахалар суорума суолламмыттара... 1982 сыллаахха ый кэриҥэ Ленинградка кууруска сылдьыбытым. Онно интэриэһиргиир сирдэрбин барытын кэриммитим. Невскэй Пятачокка баран кэлбиппит, 200-чэкэ саха онно өлбүт эбит. Ильменьтэн ордон Ленинград тиэмэтигэр салҕыы ылсарым саарбах. Поисковай үлэни саҕалаан баран, салҕыыр киһини иитэн хаалларыахпын баҕарабын.

Мин дэриэбинэбиттэн 13 киһи сураҕа суох сүппүт. Олортон биир киһини көрдөөн булбутум – Ржев түбэтигэр тыына быстыбытын туһунан информацияны булан, аймахтарын үөрпүтүм.

Сунтаартан төрүттээх Полина Никитична Федорова диэн Подмосковьеҕа олорор волонтер баар, кини аҕата Ильмеҥҥэ өлбүт, аҕатын биир убайа – Русса түбэтигэр, биир аймаҕа – Шлиссельбург түбэтигэр. Аҕатын өлбүт сирин булан биэрбитим. Биир бырааттарын, Ленинградка тимир суолга үлэлээбит киһини, Шлиссельбурга көмүллүбүт эрэ сирин кыайан була иликпит. Полина Никитична Ил Дархантан волонтер быһыытынан грамота ылан туран, Ильмеҥҥэ туруоруохтаах сэргэбит туһунан көрдөһүүбүтүн этэн-тыынан, сүрдээҕин көмөлөспүтэ.

Ньурбаҕа сүрдээх актыыбынай Изомира Федосеевна диэн киһилээхпин. Кини аҕатын ирдэспитэ. Мин кини аҕата 19-ус биригээдэҕэ баарын булан биэрбитим. Билигин Ильмень тиэмэтигэр тэҥҥэ үлэлиибит.

Поисковой этэрээппит былааҕын Ньурба Искусство оскуолатын худуоһунньуктара оҥорон биэриэхтээхтэр. Ильменская уулуссаҕа турар пааматынньыкка туруйалар көтөн иһэллэрэ баар эбит буоллаҕына, ол буойуннарбыт дууһалара дойдуларыгар кэлбитин хоһуйар оҥоһукка куонкурус биллэрбиппит.

Старай Руссаҕа Хотугулуу-арҕааҥы фронт музейын, Борисовскай оскуола музейын, олохтоох военкоматтары кытары үлэлиибит. Биһиги буойуннарбыт ханна көмүллэ сыталларын быһаарарга киэҥ хабааннаах үлэ бара турар.

 

Өскөтүн аны саас ол буойуннарбыт кырамталарын булан, хостоотохпутуна, медальоннара бэйэлэригэр баар буоллаҕына, толору ааттарын-суолларын билиэхпит. Оччоҕо дойдуларыгар тиксэрэ сатыахпыт этэ. Оттон медальоннарын фашистар хомуйан ылбыт буоллахтарына, ааттара-суоллара кыайан биллибэт. Былырыыҥҥыттан ХИФУ-лары кытта сибээстэһэн, ДНК анаалыһынан даҕаны биир эмэ саханы булан дойдутугар уҥуоҕун кистиирбит буоллар, патриотическай иитиигэ улахан кылаат буолуо этэ диэн этиибин тиэрдэ сатыыбын.

 

Манна аньыырҕааһын диэн суох буолуохтаах

– Саха дьонун өттүттэн аньыырҕааһын наһаа улахан. Өлөн хаалбыт дьон уҥуохтарын оҕолор булкуйуо суохтаахтар диэн. Оттон атын сирдэргэ поисковай үлэни хайдах тэрийэллэрин көрдөхпүнэ, поисковиктар 70 бырыһыаннара 14-15 саастаах оскуола оҕолоро. Биһиги күһүн оскуола оҕолорун илдьэ бара сылдьыбыппыт, оҕолор куттамматтар, металлоискателинэн сэрии тэриллэрин көрдүү барардааҕар хостооһуҥҥа сылдьабыт дэһэллэр. Онон саха да оҕолоро куттаммакка сылдьыахтарын сөп эбит диэн өйдөбүл тэнийэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпын.

Дьоммут аньыырҕыылларын этнограф дьонтон, Арчы дьиэтин үлэһиттэриттэн, Эдьиий Дораттан сүбэлэппитим – биир даҕаны туорайдаһар этиини истибэтэҕим, кытаат дииллэр. Биһиги буойуннарбыт хараллыахтаахтар диэн өйдөбүлбүн атын дьоҥҥо тиэрдэр баҕалаахпын.

19-ус биригээдэҕэ уонча оройуонтан хомуллан барбыттара. Ол улуустары көҕүлүү сатыыбын, ким да үбүлээбэт буоллаҕына, биһиги дьоммут бэйэлэрэ уйунан барар кыахтара суох диэн элбэх аккааһы истэбин. Ол иһин граннарга, куонкурустарга кыттан, проектарбытын үбүлэтиэхпитин сөп диэн “Саха өрөспүүбүлүкэтигэр ыччаты патриотическай иитии” диэн АНО тэриммиппит, 14 киһилээхпин. “Саха сирэ-Ильмень” диэн холбоһуктаах ирдиир этэрээт тэриммиппит. Граннарга тиксэ иликпит эрээри, быйыл эмиэ кыттар санаалаахпыт.

Ирдиир үлэҕэ кыттыһыан баҕарар дьону, саатар эрэ, биһиги илдьэ сылдьыахпытын сөп. Биһиги дьоммут улахан көмүүлэрэ Взвад диэн дэриэбинэҕэ баар, өлбүт буойуннар ааттара суруллан турар, онно 9 буойун аатын эбии суруттарыахтаахпыт.

Устрекаҕа дьоммут ааттара суруллан турар – онно 16 киһи көмүллэн сытар. Үгүс дьоммут Ретле дэриэбинэҕэ өлбүт – ол иһин онно сквер оҥоро сатыыбыт.

Биһиги наадыйар 19-ус биригээдэбитин кимнээх да улаханнык чинчийэ, хаһыылары ыыта иликтэр. Ильмеҥҥэ суорума суолламмыт дьон туһунан Саха сирин дьоно үчүгэйдик билбэттэр. Ис-иһигэр киирдэххэ, сэрии хаамыытын кыһалҕатыттан, ситэ кыайан бэлэмнэммэтэх операция буоларыттан итинник кыргыллыы тахсыбыт эбит. Бар дьон табатык өйдүүрүн туһугар “Ильмень иэдээнэ” диэн кинигэбэр суруйбуппун дьоҥҥо кэпсии сатыыбын. Ильмеҥҥэ тиийэр сахаларга кэпсээн иһиэххэ наада. Ильмень кыргыһыытыттан бааһырбыт Николай Бетюнов диэн киһи баар эбит. Бааһыра сыттаҕына биир олохтоох кыыс булан эмтээбит, олор онтон ыал буолан икки кыыс оҕоломмуттар. Бу кыргыттары булан көрүҥ диэн Старай Руссалартан көрдөһөбүн, билиҥҥитэ көстө илик. Ханнык улуустан сылдьарын биллэххэ, аймахтарын булан ылыа этибит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Сонуннар | 03.10.2024 | 21:38
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Арассыыйаҕа буола турар Оҕо саас сылын ааспыт тоҕус ыйыгар Саха сиригэр 7 499 ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы тутта, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал биэс сылга уһатыллан, 2022 сыл тохсунньу 1...