02.11.2023 | 12:00

Креативнай Саха сирэ: ситиһиилэр, сүрүн соруктар

Креативнай Саха сирэ: ситиһиилэр, сүрүн соруктар
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Креативнай эйгэҕэ Саха сирэ бүгүҥҥү күн туругунан ханнык үрдүк ситиһиилэрдээҕий? Бу ыйытыыга куруук бэйэм хоруйдуохпун олус баҕарабын. Тоҕо диэтэххэ бу кэм устата син балайда матырыйаалы саас-сааһынан дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсээтим. Ол инниттэн бүгүн ааҕааччыбар анаан өрөспүүбүлүкэ IT-эйгэтигэр туох ситиһиилээҕин сырдатыам.

Сахабыт сирэ Уһук Илин федеральнай уокуругар ИТ-өҥөтүн таһаарар биир бастыҥ регион буолар. 2024 сылга өрөспүүбүлүкэ салалтата ИТ-индустрияҕа 10 тыһыынча кэриҥэ киһини кытыннарар, үлэлэтэр дьоһуннаах соругу туруорар. Саха сиригэр цифровой технологиялары кытта тэҥҥэ айар үлэ тиһигин быспакка кэскиллээх суолу тутуһар – киинэ, медиа, компьютернай оонньуулары оҥоруу тэтимнээхтик сайдар. Бу барыта холбоон Арассыыйа атын субъектарыттан уратылаах креативнай экономикаҕа кубулуйар.

Интэриниэти – Арктикаҕа

Саха сирин киэҥ сиригэр-уотугар интэриниэт ситимэ бигэтик сайдар, билиҥҥи туругунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 13 тыһыынчаттан тахса км усталаах оптическай линиялар тутуллан тураллар. Төһө да уустук климатическай усулуобуйаҕа буоллар, ыраах сирдэри тайаан, нэһилиэнньэлээх пууннары хабан олоробут. Холобур, аҥаардас 2022 сылга алта сүүс биэрэстэ усталаах сиргэ тиийэ интэриниэт ситимэ тардыллан турар, ол иһигэр полярнай эргимтэҕэ – Анаабырга. Онон билигин өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун 91%-на үрдүк күүрүүлээх интэриниэккэ холбонон олорор, дойду хайа баҕарар муннугуттан сойбот сонуннары ааҕа олорор кыахтанныбыт. Маны таһынан, интэриниэт ситимигэр холбонууга тарыып сыаната уонча төгүл чэпчээтэ.

2025 сылга диэри сэттэ тыһыынча километрга оптоволокно тутуллара былааннанар. Саха сиригэр ВОЛС уһуна 20 тыһыынча км тэҥнэһиэҕэ, бу  Саха сирин арктическай зонатын уонна ыаллыы сытар регионнарын бүтүннүүтүн куоһарар көрдөрүү. Онон түргэн интэриниэти уонна эрэллээх мобильнай сибээһи 86 Арктика уонна уустук сибээстээх бөһүөлэктэр олохтоохторо туһанар кыахтаныахтара, онтон сиэттэрэн, сорох нэһилиэнньэлээх пууннарга интэриниэт ситимин сыаната 100 төгүл чэпчиир туруктаах.

 

Уһук Илин уокурукка инники күөҥҥэ

Дьиңэр, ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ экспорт 85 %-нын хааччыйар. Маннык таһымы өрөспүүбүлүкэ “Якутия” технопаарка, “Үлэ кыбаартала” креативнай кластер, “Якутия” венчурнай хампаанньа, ону тэҥэ олохтоох үрдүк үөрэх кыһаларын түмүгүнэн ситистэ. 

“Якутия” технопааркаҕа бүгүҥҥү күн туругунан 170-ча хампаанньа киирэн олорор. Технопаарка  «Сколково» пуонда регионнааҕы оператора статустаах,  ИТ-эйгэтинэн уонна креативнай индустриянан дьарыктанарга дьоҥҥо инвестициялары тардарга уонна оҥорон таһаарарга көмөлөһөр. Резиденнэр үлэлэрин сүрүн хайысхалара – информационнай технологиялар, энергетическэй бааза, био-, агро- уонна биомедицинскэй технологиялар, тутуу уонна тырааныспар. “Якутия” технопаарка инники былаана – 2024 сылга Уһук Илиҥҥэ инновационнай-технологическай киин лиидэрэ буолары ситиһии, үрдүк технологиялаах бырайыактары уонна хампаанньалары кэлимник өйүүрү бигэргэтии.

Уһук Илиҥҥэ бастакы уонна соҕотох паарка 2018 сыллаахха Дьокуускайга аһыллыбыта. Кини сүрүн соруга – урбаан сайдыытыгар көмөлөһүү, наадалаах инфраструктуранан уонна кыахтарынан хааччыйыы. Бүгүҥҥү күҥҥэ резиденнэр дохуоттара 5 млрд солк. кэриҥэ буолла, 400 мөл. солк. тахса инвестиция киирдэ. Паарка тэриллиэҕиттэн  тыһыынчаттан тахса киһи үлэнэн хааччылынна.

Саха сирин ИТ-бородууксуйата Арассыыйа уонна аан дойду ырыынагар таҕыста. ИТ-кииннэрэ өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыгар да үлэҕэ киирэллэр, билигин 10-тан тахса киин арыллан үлэлии турар. ИТ-кииннэр исписэлиистэрэ бу эйгэҕэ үлэлиир урбаанньыттары өйүүр инновационнай технологиялары уонна инновационнай эйгэлэргэ нэһилиэнньэҕэ сүбэ-ама биэрэллэр.

 

Ураты болҕомто

Саха сирэ – Бырабыыталыстыба таһымыгар креативнай индустрияны уонна экономиканы түмпүт бастакы регион. Ол түмүгэр креативнай экономиканы сайыннарыы стратегическай докумуона бигэргэммитэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ ИТ – салаатыгар, геймдев разработчиктарга (оонньуу оҥорооччулар), ювелирнай дизайҥҥа, медиаҕа, анимация уонна киинэ курдук хайысхаларга ураты болҕомто ууруллар. Былаас өйөбүлүнэн бу хайысхалар тэтимнээхтик сайданнар, 2022 сылга өрөспүүбүлүкэ Арассыыйа бастыҥ креативнай регионунан билиниллибитэ.

Оччолорго Дьокуускай куоракка «Үлэ кыбаартала» креативнай кластер үлэҕэ киирбитэ. Уопсайа манна 70 хампаанньа үлэлии олорор. Ол курдук информационнай технологиялар, киинэлэр, анимация, муода, дизайн, музыка, компьютернай графика, ойуулуур-дьүһүннүүр искусстволар, хаартыска уонна видеопродакшеннар уобаластара бааллар. Кинилэргэ нолуоктарыгар чэпчэтии көрүллэр, ону таһынан страховой усунуостарга уонна административнай өйөбүл ылар кыахтаахтар. 2024 сылга резидент ахсаана 150 тиийэрэ күүтүллэр, үлэ миэстэтин уопсай ахсаана 1250 буолуохтаах.

Уопсайынан, Саха сирин креативнай эйгэтигэр алта тыһыынчаттан тахса хампаанньа баар, креативнай салааларга 41 тыһыынчаттан тахса киһи дьарыктанар. Өрөспүүбүлүкэ салалтата 2035 сылга кинилэр ахсааннара икки төгүл улаатыахтаах диэн суоттууллар.

 

Кыра дэриэбинэлэргэ – киинэ саалалара

Саха сиригэр ааспыт сылга киинэ саалалара оруобуна биир чиэппэр эбиллибиттэрэ, 2023 сыл бүтүүтүгэр регион нэһилиэнньэлээх пууннарыгар 51 саала үлэлээтэ. Маны таһынан, быйыл эмиэ аһыллара былааннанар.

ИТ-пааркаҕа киирсэр биир дьоһуннаах бырайыактартан биирдэстэрэ – «Extra Cinema” хампаанньа. «Extra Cinema” цифровой кинопроектор буолар, ол эбэтэр кыра нэһилиэнньэлээх, ыраах сытар дэриэбинэлэргэ саҥа тахсыбыт киинэлэри көрдөрөр кыаҕы биэрэр. Бырайыак ааптара Петр Чиряев кэпсииринэн, бүгүн уопсай нэһилиэнньэлээх дьоҕус сэлиэнньэлэргэ 10 маннык киинэ саалата үлэлиир. Кини этэринэн, маныаха сүҥкэн оруолу тыа сирин култууратын дьиэлэрэ ылаллар. Билиҥҥитэ үлэ Саха сирин киин өттүгэр уонна Бүлүү бөлөх улуустарыгар ыытыллар. Хоту сир туһунан этэр буоллахха, быйыл сайын Өймөкөөн оройуонун Томтор сэлиэнньэтигэр Олоҥхо ыһыаҕын кэмигэр саҥа киинэ саалата арыллан киирбитэ.

«Киинэни көрдөрүөн баҕарар ханнык баҕарар култуура киинэ дуогабар түһэрсэр. Киинэни бэйэбит сыһыарыыбытынан холбоон көрдөрөбүт, хас биирдии киинэ анал пароллаах буолар. Ол инниттэн логистика судургутулунна уонна куттал суох буолуутунан хааччылынна. Барыта сокуоннай төрүттэргэ олоҕурар», – диир Петр Чиряев.

Манна даҕатан эттэххэ, холобур, Нам оройуонун Аппаанытыгар 1,5 тыһыынча киһи олорор, ааспыт ыйга дэриэбинэ аҥаара кэриҥэ киһи киинэҕэ сылдьыбыта бэлиэтэммит. Ону таһынан ыччат ахсаана – 150 киһи, ааспыт ыйга “Пушкинскай каартанан” 90 ыччат туһаммыт. Бу куһаҕана суох көрдөрүү.

Санатан эттэххэ, Саха киинэтин феномена Арассыыйа үрдүнэн эрэ буолбакка, аан дойду үрдүнэн аатырыан аатырда. Саха режиссердара аан дойдутааҕы улахан наҕараадалары ылаллар, өрөспүүбүлүкэ экономикатын даҕаны сайыннардылар. Саха киинэтин сүрүн уратыта – дьиҥ олоҕу көрдөрүү, судургу хартыына уонна ис дууһаттан тахсар буолан, хайа да бэйэлээҕи умсугутар алыптаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....