25.05.2021 | 16:51

Костас МАРСААН: «Көрөөччүнү таайыллыбат кистэлэҥинэн умсугутаҕын...»

Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Ыам ыйын 27 күнүттэн “Иччи” киинэ улахан экраҥҥа тахсар. Соторутааҕыта @cbsbelinka инстаграмыгар Костас Марсаан ыалдьыттаата. “Иччи” хайдах уһуллубутун, айар бөлөх аныгы сүүрээни киллэрэргэ, саҥа ньымалары туһанарга дьулуспутун, ол эрээри киинэҕэ саха тыынын хаалларар сорук турбутун сэһэргээтэ. Быһа эфири куорат кииннэммит библиотекатын сүрүн библиотекара Эльвира Тобонова иилээн-саҕалаан ыытта. Кэпсэтии сүрүн түгэннэрин ааҕааччыларга сааһылаан, кылгатан таһаарабыт.

АЙАР ААРТЫК

– Режиссердар уонна сценаристар үрдүкү куурустарыгар үөрэммитим, Алла Сурикова уонна Владимир Фокин мастарыскыайдарыгар уһуйуллубутум. Алла Сурикова бэйэтин кэмигэр үгүс комедияны устубута: “Человек с бульвара Капуцинов”, “Будьте моим мужем”. Владимир Фокин биһиги дойдубутугар бастакы триллердэри уһулбута диэххэ сөп. Холобур, “ТАСС уполномочен заявить”, “До первой крови”.

Бастакы үлэм – “Сайсары күөлгэ...” киинэ (киэҥ эйгэҕэ – “Мой убийца” – аапт.). Мин санаабар, ханнык баҕарар үлэни хаһан баҕарар өссө үчүгэйдик оҥоруохха сөп. Ол эрээри бу киинэни көрөөччүлэр билигин да сэргииллэр. Онтон үөрэбин. “Иччи” идиэйэтэ “Сайсары күөлгэ...” киинэ кэнниттэн тута кэлбитэ. Биһиги иччи уопсай өйдөбүлүн ылбыппыт, – диэн кэпсээнин саҕалаата.

КӨРДӨӨБҮТ ХАЙААН ДА БУЛАР

– Тыаҕа соҕотох турар дьиэни өр көрдөөбүппүт. Намҥа, Мэҥэ Хаҥаласка тахса сылдьыбыппыт. Элбэх дьиэни көрбүппүт. Холобур, мин сөбүлээбиппин оператор сэҥээрбэтэҕэ эбэтэр кини сэргээбитин мин ылымматаҕым.

Биирдэ Еланкаҕа барбыппыт. Барыта даача дьиэлэрэ этэ. Онон эмиэ тугу да булбатахпыт, мэлийбиппит. Мантан Тиит Арыы ырааҕа суох, бачча кэлэн баран онно тиийэн көрүөххэ дэспиппит. Дэриэбинэҕэ киирэ да иликпитинэ харахпытыгар ойуулаабыт, уһуннук көрдөөбүт дьиэбитин булбуппут. Иһирдьэ киирэн хаһаайыннары кытта билсибиппит. Бырайыакпыт туһунан кэпсээбиппит, хата, интэриэһиргээбиттэрэ, тута сөбүлэспиттэрэ.

Уһуларга табыгастаах буоллун диэн дьиэҕэ кыра уларытыылары киллэрбиппит. Үлэлиир кэммитигэр Тиит Арыыга олорбуппут.  Талбыт курдук тыабыт, күөлбүт, кутабыт, өрүспүт баар этэ. Олохтоохтор кэлэн көрөллөрө, көмөлөспүттэрэ.   

Үксүн түүн уһулбуппут. Техническэй өттүнэн уустук этэ, ол эрээри барыта табыллыбыта.

Сүрүн оруолу толорбут Борислав Степанов “Экспедиция” (реж. Гаврил Менкяров) киинэҕэ уһуллубута, вайнер, телевидение ыытааччыта.

Москваҕа кастинг биллэрбиппит, элбэх артыыһы көрбүппүт. Бырайыакка кыттар баҕалаах үгүс буолан биэрбитэ. Ол түмүгэр Лиза оруолугар Марина Васильеваны талбыппыт.

Комедия уһуларым чугаһаата...

– Кутталлаах киинэлэргэ сүрүнэ – ураты тыына, эйгэтэ уонна кистэлэҥэ. Онто суох аҥаардас соһутан куттаабаккын. Көрөөччүнү туох эрэ таайыллыбат кистэлэҥинэн умсугутаҕын, кини сэҥээриитин ылаҕын.

Олус элбэх киһи комедия тоҕо уһулбаккын диэн ыйытар. Онон кэнники толкуйданан эрэбин. Бары соһуйалларын курдук, комедия уһуларым чугаһаата.

КИРИИТИКЭ ТУҺУНАН

– Кинематографияҕа быһаарсар, элбэҕи билэр-көрөр дьон кириитикэлэрин истэбин. Ханнык баҕарар кириитикэ туһалаах. Дьиҥэр, бэйэм киинэлэрим итэҕэстэрин-быһаҕастарын билэбин. Онон ханнык баҕарар түгэҥҥэ көрөөччү санаатын истэбин. Ол эрээри аҥаардас “сөбүлээтим”, “сөбүлээбэтим” эрэ дииллэрин кириитикэ диэбэппин, ылыммаппын, кыһаллыбаппын. Ол аата мин киинэм көрөөччүтэ буолбатах дии саныыбын.   

Бэйэм саҥа тахсар киинэлэри көтүппэт буола сатыыбын, анаан-минээн кэтээн көрөбүн. Оннооҕор Москваҕа Авторскай хоррор бэстибээлигэр сылдьыбытым.

“Иччи” бастакы көрөөччүлэринэн АХШ Питцбург куоратын олохтоохторо, Киинэ оскуолатын устудьуоннара буолбуттара. Zoom нөҥүө ырытыы буолбута. Үксүн үчүгэйдик сыаналаабыттара. Дьиҥэр, маннык оскуолаҕа үөрэнэр дьону кэрэхсэтэр, дуоһутар уустук. 

Ыам ыйын 21 күнүгэр Санкт-Петербург куорат “Лендок” киинэ театрыгар “Иччи” сабыылаах көрдөрүүтэ буолуоҕа.

 

ДЬИКТИ ТҮГЭН

– Киинэбитигэр биһик ырыата наада буолбута. Куоракка олорор элбэх поэкка тылын суруйан биэрэллэригэр көрдөспүппүт. Хас да тиэкиһи көрбүппүт, ол эрээри биһиэхэ барсар суоҕа. Киинэбитин уһулар күммүт бу тирээн кэлбитэ, биһиги ырыабыт тыла суох этэ. Арай биир киэһэ съемка кэнниттэн тыаҕа тахсыбытым. Дьикти баҕайытык өйбөр тыллар кутуллубуттара, тылларым сааһыланан строкаҕа кубулуйбуттара, биһик ырыата тахсан кэлбитэ. Аһаҕастык эттэххэ, хаһан да хоһоон суруйбатах киһибин. Умнубатарбын ханнык диэн түргэн үлүгэрдик баазаҕа сүүрбүтүм. Онно өйдөөн хаалбыт уонна суруйа охсубут тылларым киинэҕэ биһик ырыата буолан киирбиттэрэ. Дьикти түгэн диэн итини ааттыахпын сөп.

ТЫАС-УУС, МУЗЫКА  УРАТЫТА

– Кистэлэҥнээх, таайтарыылаах информацияны биһиги тыас-уус көмөтүнэн ылабыт. Оннооҕор дьиҥнээх олоххо илэ көрөрбүтүнээҕэр истэрбититтэн куттанабыт. Хоррор жанрыгар тыас-уус улахан оруолу оонньуур. Ол иһин биһиги манна үгүс болҕомтобутун уурбуппут. Санкт-Петербургтан звукорежиссер Сергей Иванов, Москваттан композитор Дмитрий Гурьянов үлэлэспиттэрэ. Хамаандабытынан киинэҕэ кистэлэҥнээх эйгэни, ураты тыыны үөскэтэр туһугар сырабытын уурбуппут. Элбэҕи көрдөөн булбуппут. Музыка, тыас-уус история ситэн-хотон тахсарыгар көмөлөспүтэ.

Бүтэһик трейлери “Капелла” дистрибьюторскай хампаанньа оҥорбута. Бэрт “минньигэс” буолан таҕыста. Онно иһиллэр музыка киинэҕэ суох.

 

КЛАССИКА ӨЛБӨТ ҮЙЭЛЭЭХ

– “Иччи” киинэни уһулар кэммэр Говард Филлипс Лавкрафт кэпсээннэрин аахпытым. Кини мистическэй түгэннэри ааҕааччыга тиэрдэр истиилин сэргээбитим. Суруйааччы хаһан даҕаны биричиинэтин, ис дьиҥин арыйбат. Ол эрээри киһини умсугутар. Били үөһэ эппитим курдук, кистэлэҥнээх уонна кутталлаах эйгэни айан таһаарар.

Классика өлбөт үйэлээх дии саныыбын. Кэнники, пандемия кэмигэр, классикаҕа эргилинним. Антон Павлович Чехов кинигэлэрин хос аахтым. Киниттэн ордугу булар уустук. “Степь”, “В овраге”, “Черный монах” айымньылара олус дириҥнэр уонна таайтарыылаахтар. Ону таһынан киһини толкуйдаталлар. Чехов – түгэҕэ биллибэт суруйааччы. “Черный монах” сэһэнин киинэ оҥорон улахан экраҥҥа таһаарыахпын баҕарабын.  

***

Ааҕааччылар, көрөөччүлэр режиссер инники былаанын ыйыталастылар. Кини син биир триллер уһуларым буолуо диэтэ. “Артыыс оруолугар холонуоххун баҕараҕын дуо?” – диэн ыйытыы Костас Марсааны күллэрдэ: “Ким да ыҥыра илик. Бэйэбин уһуларым хайдах эрэ дии саныыбын. Онон билиҥҥитэ режиссер быһыытынан үлэлиибин”, – диэтэ.  

 

БЛИЦ-ЫЙЫТЫКТАР
– Сөбүлүүр худуоһунньугуҥ?
– Ньиэмэс экспрессионизмын ордоробун. Эдвард Мунк үлэлэрин чорботобун. 
– Сүгүрүйэр режиссеруҥ?
– Стэнли Кубрик. Кини киинэлэрин олус сөбүлүүбүн. 
Топ-5. Бастыҥ киинэлэри ааттаа:
1. “Сердце ангела”, реж. Алан Паркер. Микки Рурк эдэр сылдьан оонньообута.
2. “Невинные”. Сүрүн оруолу Дебора Керр толорор.
3. “Бегущий по лезвию”, 1982 с., реж. Ридли Скотт.
4. “Убийство священного оленя”, реж. Йоргос Лантимос. 
5. “Полено”, 2003 с., реж. Ян Шванкмайер.

 

Хаартыскалар интэриниэт ситимиттэн ылылыннылар

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...