28.05.2020 | 18:04

Коронавирустан оҕолоргутун харыстааҥ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дария Федотовна Козлова – Оҕо инфекционнай балыыһатын Салгынынан бэриллэр ыарыылар отделениеларын педиатр бырааһа:

– Билигин биһиги балыыһабытыгар коронавирустаабыт 30-ча оҕо эмтэнэр. Ыарахан туруктаах оҕо диэн суох, оҕолор үксүн чэпчэкитик аһарыналлар. Балыыһаҕа атын ыарыылаах, холобур, ДЦП-лаах, тыҥа ыарыылаах оҕолору киллэрэ сатыыбыт. Төрөппүттэрэ эмиэ ыалдьыбыт буоллахтарына, ыалдьыбыт оҕону, төһө да туруга аматын иһин, атын аймах көрөрө кутталлаах, сыстыахтарын сөп, ол иһин оҕолоро балыыһаҕа киирэр.

Оҕолор коронавирустууллара үксүн дьиэ кэргэнинэн сутуллуу түмүгэр тахсар. Маай бырааһынньыктарыгар дьон аймаҕынан син биир көрсүһүүлэргэ сырытта, ол кэннэ ыарыы биллэ элбээтэ.

Чэпчэкитик аһарынар дьон дьиэлэригэр эмтэнэр буолбуттара. Ол иннинэ ыалдьыбыт оҕо барыта биһиэхэ киирэр этэ. Ол иһин балыыһаҕа коронавирустаан киирэр оҕо ахсаана биир таһымҥа турар курдук.

– Коронавирустан оҕолорбутун хайдах харыстыыбыт?

Маныаха биир эрэ үчүгэй ньыма баар – бэйэ изоляцията. Төһө да таһырдьа дьаарбайыы көҥүллэммитин иһин, оҕолоргутун таһырдьа таһаара сатаамаҥ диэн сүбэлиэм этэ. Оҕо аҕыйах кэмҥэ таһырдьа тахсыбатаҕыттан туох да буолуо суоҕа.  Оҕолоргутун эбээлэргэ-эһээлэргэ таһымаҥ – кыра дьон ыарыы сибикитэ суох эрээри, тарҕатааччы оруолун толоруохтарын сөп. Тус гигиенаны тутуһуҥ, маасканы хайаан да кэтэрдиҥ. Даачаҕа тахсыы кэмэ кэллэ, онон айылҕаҕа тахсаргытыгар бэйэҕит дьиэ иһинээҕи дьоҥҥутун эрэ кытта алтыһыҥ. Аймаҕынан көрсүһүүлэри, төрөөбүт күннэри уонна да атын бырааһынньыктары тохтото түһүҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...