05.07.2019 | 10:14

Константин Адамов: “Ордугурҕаһыы оһуохайдьыттарга эмиэ баар”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тыыл бэтэрээнэ, олоҕун тухары үөрэхтээһин эйгэтигэр салайар үлэҕэ сылдьыбыт Константин Дмитриевич Адамов билигин 87 сааһа. “Кырыйдым” дииринээҕэр, “сааһырдым” да диэн тылы туттубат, сүһүөҕэр тура сүүрэ сылдьар, кыһыннары-сайыннары араас таһымнаах тэрээһиннэргэ оһуокай тылын таһаарааччы быһыытынан биллэр.

– Билигин биир өрөбүлэ, күн солото суох уопсастыбаннай үлэҕэ сылдьабын.  Уопсайа 5 түмсүүгэ баарбын: “Оһуохай” уопсастыба чилиэнэбин, оһуохай этээччи быһыытынан биллибитим  31 сыл буолла; икки ырыа түмсүүтүгэр баарбын, нэдиэлэҕэ иккилиитэ дьарыктаахпыт. Атласов М.С. салайааччылаах биэнсийэлээхтэр сэбиэттэрин ырыа ансаамбылыгар ыллыыбын; хомуска дьарыктанабын; А.Е. Кулаковскай аат. норуот айымньытын киинигэр үҥкүүгэ сылдьабын – үҥкүүгэ норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах күрэхтэр кыайыылаахтарынабын.

Бу маннык дьарыктарга бириэмэни бэһиэлэйдик атаарыы эрэ буолбат. Наар күрэхтэргэ кыттабыт. Москваҕа тиийэ үҥкүүлээн 1-кы миэстэлэри ылаттаабыппыт. Ырыабытынан саха тэлэбиидэнньэтигэр уһуллубуппут, араас күрэхтэргэ ситиһиилэммиппит. Хомуска куорат күрэҕэр бастаабыппыт. Быһата, туох эмэ ситиһиилэнээри, миэстэлэһээри кыттабыт, дьаныардаахтык бэлэмнэнэбит.

Амма сайдыытыгар кылааттаахпын

Хантан төрүттээххиний?

Төрдүм Амма. Онно улаатан, олоҕум үгүс сылларын, саамай таһаарыылаах кэрчигин Аммаҕа үлэлээбитим. 20-чэ сыл Амма оройуонун үөрэхтээһинин салаатын начаалынньыга этим. Мин салайар сылларбар улуус 6-та өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бастаан турар. Оннук көрдөрүү оччоттон баччааҥҥа диэри ханнык да сиргэ суох.

Үөрэхтээһин управлениетын салайааччытынан, онтон В.Г. Короленко аатынан Амма 1-кы нүөмэрдээх базовай оскуола дириэктэринэн үлэлээбитим. Ол үлэбин бар дьонум сыаналаан, 7 кинигэҕэ киллэрэн тураллар. Кэнники ылан ааҕарга, саныырга үчүгэй эбит.

Үөрэхтээһин управлениетын салайар кэммэр 8 оскуоланы, 4 оҕо саадын, учууталлар олороллоругар 24 кыбартыыра дьиэни, 2 физкультура саалатын туттарбытым. Ол мин соҕотох бэйэм ситиһиим буолбатах диибин наар.

Аҥаардас миигин хайҕыылларын, үтүөбүн эрэ таһааралларын утарабын. Мин кэннибэр тыһыынчанан киһи өрө күүрүүлээх уонна хорутуулаах үлэтэ баар этэ. Оттон мин, бас-көс киһи быһыытынан, анаммыт дуоһунаһым эбээһинэһин толорон,  көннөрү дьону түмэн, салайан эрэ биэрэр этим.

Үлэһиккэ, саамай кылаабынайа, айарыгар-тутарыгар, сырдыгы тарҕатарыгар сөптөөх усулуобуйа тэриллиэхтээх диир этим. Ол курдук тупсаҕай оскуолалаах, үчүгэй олорор дьиэлээх учуутал, таны кыһалҕаларга кыһарыйтарбакка, бэйэтигэр  эрэх-турах да сананан, үчүгэй ыччаты иитэн таһаарар дии саныырым.

– Дэриэбинэ оскуолатыгар Москваттан миэбэл ылан кэлбит эн дии?

– Ол саҕанаВ.Г. Короленко аатынан оскуолаҕа дириэктэр этим. Саҥалыы тииптээх таас оскуоланы туттаран иһэн, куоракка көстөҕүм дии. Ол иннинэ, оскуола базатын хаҥатаары, 1979 сыллаахха, салалтабыттан кимнээҕи да сэрэппэккэ, Москваҕа РСФСР миниистирдэрин Сэбиэттэригэр тиийбитим. Дойду суотуттан үбүлээһини оҥоруҥ диэн туруорса, көрдөһө-ааттаһа да диэххэ сөп. Саха сириттэн элбэх үп тыырыллыбатын, миэнин курдук кыһалҕалаах оскуола элбэҕин сэрэйэр буоллаҕым. Оччотооҕуга олус бөдөҥ суумалаах үбүлээһини ситиспитим. Билигин да бу баардыы өйдүүбүн: 2 канцелярскай гарнитур, 230 тимир систээх паарта, 50 учуутал остуола, 130 олоппостоох 2 кухоннай гарнитур, 100 үөрэнээччи устуула, 150 квадратнай миэтэрэ мас билиитэ, “Дружба” эрбии, сыбааркалыыр аппараат,  30 туочукалаах радиоузел, ититии систиэмэтэ о.д.а. барыта баар этэ. Барытын оскуолабар, Саха сирин бүддьүөтүттэн биир да солкуобайы бараабакка, быһаччы дойду хааһынатыттан үбүлэппитим. Дьон соһуйан эрэ хаалбыта. 

Тулаайах оҕолору оһуокайга уһуйбутум

Дьокуускайга хаһан көһөн кэлбиккиний?

–80-ус сылларга улахан кыыһым медфакка үөрэнэ киирэн баран, уопсай дьиэҕэ хабыллыбатаҕа. Ол саҕана университет уопсайдара кыра икки этээстээх мас дьиэлэр, аҕыйах оҕо киирэр этэ. Кыыспын өйөөрү, үөрэҕэр көмөлөһөөрү даҕаны, Аммаҕа 9-ус оскуолабын туттаран иһэн көһөн киирбитим. Политинформацияҕа эҥин оҕобун дьарыктыырым, тугу билэрбин кэпсиирим (“Үөрэхтээһин салаатыгар элбэх киһини билсэр-көрсөр киһи “кэпсэтэн” да уопсайга киллэрбэт эбиккин ээ, оҕоҕун”, - диибин: “Эс, доҕор, оннук сатаммат буоллаҕа ди. Чахчы билсэр-көрсөр салайааччылардаах этим даҕаны, хаһан да туһана сатаабатаҕым”, - диир).

– Оччотоооҕу Дьокуускайы билиҥҥини кытта тэҥниир кыахтаах эбиккин...

Оннук. Куораппыт күн-түүн тупсан иһэрэ наһаа үчүгэй. Дьокуускайга бастаан кэлээппин кытта министиэристибэм 20-ис нүөмэрдээх оскуоланы “баран билис” диэн ыытта. Онно дириэктэринэн анаары гыммыттара, тоҕо эрэ “сөбүлээтэххинэ эрэ киирээр” диэбиттэрэ... Тиийэн көрбүтүм: эргэ баҕайы, барыта салҕааһынтан салҕааһын тутуллубут мас дьиэ эбит, оҕото элбэҕэ диибин диэн. Мин куоракка маннык эргэ мас оскуола баара буолуо дии санаабат да эбиппин. Аны туран, учууталлара бараттаан хаалбыттар этэ, ол иһин “кэбис” диэбитим. Онуоха Өрөспүүбүлүкэтээҕи спец. оскуолаҕа салайааччынан анаабыттара.

Онтон 28-ыс нүөмэрдээх интэринээт-оскуолаҕа 80-мар диэри үлэлээбитим. Нууччалыы эрэ саҥарар, тыыннаах төрөппүттэрдээх эрээри, тулаайах хаалбыт, быраҕыллыбыт оҕолору кытта өр үлэлээбитим. Кинилэргэ оһуокайы тылбаастаан үөрэтэн, үҥкүүлэтэр буолбутум. Үлэ уруогун учууталларыгар фанеранан сэргэ, өрбөҕүнэн салама оҥотторон баран уруоктарбар туттарым. Оччотооҕуга онтукабар улахан хайҕалы ыла сылдьыбытым, күрэхтэргэ бастаабыппыт. Ити ньымабынан оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ аттестациябын ааспытым.

Билигин хайдахтаах курдук сиэдэрэй, улуу тутуулар дьэндэйдилэр?! Урут биһиги санаабыт да ситэн ылбатын олоххо киллэрэллэр. Үчүгэй кэмҥэ олоробут.

Оһуокайы өрө тутан

– Уопсастыбаннай үлэ, актыыбынай олох эйиэхэ тугу биэрэрий?

Дьокуускай куорат сүрүн түмсүүлэригэр барыларыгар кэриэтэ баарбын. Ыллыыбын, үҥкүүлүүбүн, хомустуубун, оһуокайдыыбын. Күннэри-түүннэри, биир өрөбүлэ суох эрэһиимҥэ үлэлии үөрэммит киһи хаһан да холкутуйбат эбит. Тугу да гымматахпына, кэлбэтэхпинэ-барбатахпына, тэһийбэппин, ыалдьан барыах курдукпун. Ханнык баҕарар үлэ дьаныстахха эрэ ситиһиилээх буолар. Үлэ диэн хайаан да дохуот киллэрэр хамнастаах үлэ буолуо суохтаах. Уопсастыба уонна норуот туһугар үлэ өссө үрдүктүк сыаналанахтаах.

Салайааччы да эрдэхпинэ дьону ытыктыыр, үлэ усулуобуйатын тэрийэр буоламмын, бүтүн улуус ситиһиилэнэр этэ.

Кыһыннары-сайыннары, быыстала суох оһуокайдыыбын. Ханнык баҕарар таһымнаах тэрээһиннэргэ кыттарга иннибинэн буолар киһибин. Москваҕа түөртэ ыҥырыллан оһуохай тылын таһаарбытым, Алдаҥҥа ыҥыра сылдьыбыттара. Куорат таһынааҕы нэһилиэктэргэ, улуустар манна ыытар ыһыахтарыгар оһуокайдааччыбын. Оҕо дыбарыаһыгар оҕолорго маастар-кылаастары ыытан турардаахпын.

– Куорат ыһыахтарыгар төһө сылдьаҕын?

–Сылдьарбын ааһан, оһуокайдыыбын. Улуустар түһүлгэлэрин кэрийэ сылдьан этэбин. 31 сыл тухары оһуокайдаатым диибин даҕаны, “Дархан оһуокайдьыт” аатын ыла иликпин. 230 киһи илии баттааһыннаах, куорат култуураҕа управлениетын салайааччыта А.Н. Корякина, Култуура миниистирин солбуйааччыта В. Левочкин хадатаайыстыбалаах сурук киирбитэ балачча ыраатта да буоллар... Быһаарылла илик.

Биһиги эйгэбитигэр эмиэ бэрт былдьаһыы, ордугургаһыы баара кистэл буолбатах. Бэйэм икки кинигэ суруйбутум. Онно “бу Оһуокай күрэҕэр жюри оһуокай тылын ис хоһоонун, иитэр-үөрэтэр суолтатын, философскай тутулун, алгыс тылын, тиэмэтин сыаналыахтаах” диэн быһааран, бэйэм санаабын суруйбутум. Кими да сирэй-харах анньыахпын баҕарбатарбын да, үчүгэй эрэ буоллун диэн баары баарынан суруйан дьону өһүргэппитим. “Сыаналыыр бөлөххө, жюрига оһуокайы 15-20 сыл эппит киһи киириэхтээх диэбиппин”, сөбүлээбэтэхтэрэ биллэр этэ.

Оһуокай диэн биир соҕотох киһи айар үлэтэ. Ону дьиҥнээх маастардар эрэ сыаналыыр кыахтаахтар. Тута айаҕын, ыллыыгын, ону кытта тэҥҥэ үҥкүүлүүгүн. Оттон жюри салайааччыта бэйэтэ ыллаабат да, үҥкүүлээбэт да буолара хайдах эрэ сатаммат курдук...

Аны туран билиҥҥи күрэхтэргэ оһуокайдьыты 5-6 мүнүүтэнэн хааччахтыыллара соччото суох – оһуокайдьыт тиэмэтин арыйбат, ол иһин көннөрү ырыаны эрэ курдук толорон кэбиһии элбээтэ. Оттон тиэмэлээх оһуокай толору аһылларыгар 5 мүнүүтэ диэн кыра диибин.

– Оһуокайдьыттарга гонорар диэн төлөнөр дуу?

–Хамнастыыр киһи аҕыйах буолар. Оһуокай элбэх тэрээһинигэр сылдьыбыт киһи быһыытынан сыана быстахпына, тэҥнээн көрдөхпүнэ, саамай үчүгэйдик тэрийэн ыытар улуус – Үөһээ Бүлүү. Оһуокайдата да ыҥырдахтарына, хамнас да төлөөбөтөхтөрүн иһин, оһуокайдьыты маанылаан, толору астаах сандалыга олордон аһатан-сиэтэн ыыталлара кытта саха үгэһигэр олоҕурар. Хас да сыллааҕыта Үөһээ Бүлүүлэр күрэхтэригэр оһуокайдаан 3 куул собоҕо сертификат ылыбытым – кыһын саҥа дьыл иннинэ бөп-бөдөҥ собо бөҕөтүн дьиэбэр аҕалан биэрбиттэрэ.

Оһуокай күрэхтэригэр кыттарга хайаан да 500 ослкуобайтан саҕалаан усунуостаах буолар. Эдэр оҕолору ыҥырарбыт оннугар, араас усунуоһунан хаҥыннаран кэбиһэбит. Инньэ гынан эдэрдэргэ кыттар да кыаҕы биэрбэппит. Уонна хайдах оһуокайы тыыннаах хаалларабыт?

Туймаада Ыһыаҕын оһуокайын күрэҕин бастакы түһүмэхтэрэ  Ыһыах иннинэ куорат пааркатыгар ыытыллар. Онно сүүмэрдэммит эрэ дьон Үс Хатыҥҥа оһуокайдыыр чиэскэ тиксэллэр. Ол аата  Ыһыахха тиийэн кэлбит киһи баҕарда да кыттыбат. Эрдэ сүүмэрдээһини ааспатах буолар. Маны мин тэрийээччилэр элбэх киһини истимээри, сүрэҕэлдьээн маннык гыналлар диибин. Оһуокайга баҕалааҕы барытын кытыннаран, барыларын күннэри:түүннэри истэн эрэ баран бастыҥы талыахха наада. Ыһыах мааны оонньуута диэн бу буоллаҕа.

Оччоҕо аһара  элбэх киһи оһуокайдыы кэлиэ дии... Ол иһин хааччахтаан эрдэхтэрэ.

–Кэллин ээ. Кытыннын. Оһуокай оччоҕо сайдыа буоллаҕа. Билигин оһуокай тылын таһаарааччы баһыйар өттө кырдьаҕастар. Эдэрдэри трабах иһинэн ааҕыахха сөп.

Оһуокай – саха норуотун култууратын төрдө. Барыта оһуокайтан саҕаламмыт буолуон сөп.

Мин ийэбин кытта бииргэ төрөөбүт Гаврил Ильич Дьячковскай диэн олоҥхоһут таайдаах этим. Миигин көтөҕө олорон суукканы быһа олоҥхолуура, сарсыарда күн тахсыыта саҕалаан баран, сарсыҥҥы күн киирэн баран ойуута түмүктүүрэ. Ол өссө дьоҕус олоҥхото. Абааһы тойугун туойарыгар куттанан кирийэр, кумуччу туттан баран киниэхэ сыстыахпынан сыстан хаалар буоларым. Оттон Туйаарыма Куо ырыатыгар нухарыйан утуйан хааларым, ону сэрэнэн илдьэн ороҥҥо сытыарбыт буолааччы. Оҕо сааһым саамай аптаах өйдөбүлэ буолан билигин да өйбөр хатанан сылдьар. Норуот муудараһын түмпүт айымньы – олоҥхо эмиэ бастакыта оһуокайтан үөскээбит буолуон сөп.

Эдэр оһуокайдьыттарга тугу сүбэлиэҥ этэй?

–Эппитим курдук, оһуокай тылларын ис хоһооно дириҥ суолталаах. Элбэх  киһини төгүрүччү түмэр үҥкүү тылыгар хайаан да алгыс баар буолара сөп дии саныыбын.

Оһуокайга биир строкаҕа  7-8 сүһүөх буоллаҕына ырыата табыллан тахсар, үҥкүүтүн тэтимэ сатанар.

***

Мин кэргэним быраас идэлээх этэ, анараа дойдуга бараахтаабыта. Биир уол, икки кыыс оҕолордоохпут, сиэннэрдээхпин. Кыргыттарбын кытта олоробун. Дьиэбэр сүгүн-саҕын тохтообот да киһибин. Олох үөһүгэр сылдьар, дьону кытта алтыһар, саҥаттан саҥаны билэр, үөрэтэр – дьиҥнээх дьол эбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....