Комплекс оҥорор ордук
Вильям Фёдорович Яковлев, кыраайы үөрэтээччи, историк, этнограф, худуоһунньук, «Туймаада Ыһыаҕа» комплекс дириэктэрэ:
— Мин санаабар, ити этиллибит үс улахан аартыкка хайаан да сэргэни эрэ буолбакка, ытыгылаан, салама баайан ааһар сирдэри оҥоруохха сөп. Композициятыгар сэргэни анньыахха сөбүн-суоҕун миэстэтигэр быһаарыахха наада. Итинник тохтоон ааһар ытык сирдэри тоҕоллоро-ыһаллара олоххо баар көстүү. Ол иһин дьон тохтоон сынньанар усулуобуйатын тэрийэр, бөх тоҕор баахтары туруорар хайаан да наадалаах. Мин санаабар, соҕотох сэргэни анньан кэбиспэккэ, комплекс оҥорор ордук, оччоҕуна көрүүлээх-истиилээх да буолуо этэ.
Аны туран, сэргэлэри мээнэ туруорар сатаммат. Урукку алҕас үгэһи салҕааһын тахсыан сөп. 70-80 сс. олус үлүһүйэн, сир-сир аайы сэргэ бөҕөнү туруорбуттара, билигин сууллар кутталлаахтар. Бэл диэтэр, оччолорго сорох дьон бултаабыт сирдэригэр кытта сэргэни анньар буола сылдьыбыттара.
Онон сахалар ытык сэргэбит суолтатын өйдөөн-дьүүллээн, композицияҕа сөп түбэһиннэрэн туруоруохха диэн ыҥырабын. Бу бырайыакка норуот ытыктанар дьонун, этнографтары, куорат архитекторын кыттыһыннаран, үчүгэй комплексы оҥоруохха дии саныыбын.
https://kiinkuorat.ru/articles/ivan-yakovlev-dokuuskayy-sahalyy-tyynnyahha