14.02.2022 | 14:00

Коллектордартан ким көмүскүүр?

Коллектордартан ким көмүскүүр?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Хаһан эрэ биир бааҥҥа кирэдьиит ылаары тиийбитим. Аан бастакыбын. Бу уонча сыллааҕыта этэ, оччолорго дьон үксэ кирэдьииттээх, ипотекалаах. Аттыбар 60 сааһын ааспыт аҕамсыйбыт дьахтар олорор, мин кирэдьиит диэни ыла иликпин, ол туһунан саҥа билсэ кэлбиппин истэн баран, “музейнай экспонат” сылдьар эбиккин диэн соһуйбуттаах. 
Дьэ ол бэйэм билигин кирэдьиит, ипотека диэни билэн, хайдах эрэ соһон-сыһан иэскэ киирбэккэ төлөөбүт киһи диэн толкуйдаах буола сылдьабын.

Бырыһыан диэн баар эбит, киһини хабалаҕа ылар. Төһө эмит сылы быһа төлөөбүтүҥ кэннэ көрбүтүҥ, барытын бырыһыаҥҥа тутан баран, сүрүн иэскиттэн сыччах сүүрбэччэ эрэ тыһыынча көҕүрээбит буолар. Бу ордук кыра, чааһынай бааннарга баар. Аны кирэдьиит ылар киһи эн ааккын ааттаан, төлөпүөҥҥүн биэрбит буоллахтарына, ол ылбыт киһиҥ иэһин эйигиттэн быччаччы тутан ылаары ол айдаана. Онно кимнээх төлөпүөннүүллэр, баан үлэһиттэрэ буолбатах – коллектордар!

Бу коллектордар диэн кимнээҕий, тугунан дьарыгыраллар эбитий?

Элбэх киһини куттаабыт, утуйар ууларын аймаабыт коллектордар, Англия тылыттан тылбаастаатахха, “хомуйааччы” диэн эбиттэр. Ол эбэтэр, бу кэпсиир түбэлтэбитигэр, иэһи хомуйааччы буолар. Онтон олох чуолкайдаатахха – иэс ылбыт харчытын ханнык эрэ биричиинэнэн төннөрбөт, төлөөбөт дьонтон хомуйар киһи. Коллектор диэн эмиэ быраас, учуутал, суруналыыс диэбит курдук идэ. Ону билигин туох эрэ алдьархайдаах кутталлаах киһи, “рэкет”, күлүгээн, бандьыыт курдук саныыбыт, истэбит, саллабыт.

Чахчы да араас кутталлаах кэпсээннэр, түбэлтэлэр тахсаллар этэ. Бу ордук соҕуруу дойдуга, куораттарга тахсыталаабыта. Олбуоргар араас куһаҕан, быдьар тыллары суруйуу, ааҥҥын уоттааһын, чугас дьоҥҥунан, оҕолоргунан куттааһын, ыттарын өлөрүү, оннооҕор түннүгүнэн уоттаах бытыылканы быраҕан утуйа сытар оҕо уйатыгар түбэһэн, ол оҕо умайа сыспыттаах түгэнэ баара.

Коллектор, дьиҥинэн, сокуон хараҕынан иэһи көрдүүр, баан уонна иэстээх киһи икки ардыларыгар кирэдьииттэрин, атын да иэстэрин сабар кэпсэтиилэри ыытар киһи. Бүтүн коллекторскай агентстволар бааллар, соҕотохтуу да буоллаллар.

Бастакы коллектордар 2000 сыллар саҕаланыыларыгар баар буолбуттара, кинилэр, кырдьык, дьону куттаан туран иэстэри төннөрөллөрө, ити үөһээ суруйан ааспыт ньымалары тутталлара. Оттон билигин хайдаҕый? Чахчы сокуонунан үлэлииллэр дуу, эбэтэр урукку ньымалара, куттааһын, ыгыы-түүрүү хаалбыт дуу?

Итинник улахан айдааннар кэннилэриттэн Арассыыйаҕа сокуон ылыллыбыта. 2014 сыллаахха коллектордар үлэлэрин үүннээн-тэһииннээн биэрии, онтон 2016 сылга Госдуумаҕа коллекторскай үлэ сокуона ылыллыбыта – «О защите прав и законных интересов физических лиц при осуществлении деятельности по возврату просроченной задолженности и о внесении изменений в Федеральный закон «О микрофинансовой деятельности и микрофинансовых организациях» от 03.07.2016 N 230-ФЗ. 

Коллектор сокуон быһыытынан маннык эбээһинэстэри тутуһуохтаах:

Иэстээх киһиэхэ СМС-иһитиннэриилэри ыытар, манна иэстээҕин уонна ону төннөрүөхтээҕин туһунан этиллэр. Киһини үөҕэр, өһүргэтэр тыл суох буолуохтаах.

Иэстээх киһиэхэ электроннай почтатыгар иэһин уонна харчытын төлүөхтээҕин туһунан иһитиннэрэн сурук суруйар. Сурук ис хоһооно РФ сокуоннарын тутуһан сиэрдээхтик суруллуохтаах. 

Иэстээх киһиэхэ нэдиэлэҕэ иккиттэн ордук эрийиэ суохтаах, сууккаҕа биирдэ эбэтэр ыйга аҕыста төлөпүөннүүр бырааптаах уонна иэһин төннөрөргө этэр. Сарсыарда 8 чаас иннинэ үлэ күннэригэр уонна 09.00 ч. иннинэ – өрөбүллэргэ эрийбэт. Киэһэтин 20.00 ч. уонна өрөбүл күннэргэ 22.00 ч. кэннэ эрийбэт.

Маны таһынан аймахтарыгар эрийиэн сөп, өскөтүн кинилэр – кирэдьиит мэктиэһитэ буоллахтарына.

Иэстээх киһини кытта нэдиэлэҕэ биирдэ эрэ көрсүөхтээх. Маныаха ханнык да күүс өттүнэн өттөйүү туттуллуо суохтаах – бэсиэдэлэһии эрэ көҥүллэнэр. Гражданин көрсүһүүттэн аккаастыан эбэтэр кинини кытта бэйэтин бэрэстэбиитэлин нөҥүө эрэ кэпсэтиэн сөп.

Тоҕо маны барытын суруйда диир буоллаххытына, ааҕааччыларбар баҕар көмө буолаарай уонна манна бэйэбитигэр бу сокуон төһө тутуһулларын, дьон сиэрэ-майгыта иэстэн төһө сатараабытын билээри уонна коллектордар диэҥҥэ түбэспит, кинилэри кытта алтыспыт киһи санаатын балаһабар таһаараары.

 

Сордообут уонна сордоммут коллектордар....

Киһи тыыннааҕын тухары аһыыр, таҥнар араас кыһалҕата үгүс. Олох сайдан, кирэдьиит биэриитэ диэн үөдүйэн, дьон-сэргэ бары кирэдьииккэ хабалаҕа киирдибит. Сорох сыыһа туттан, үксүбүт – кыһалҕаттан. Мин тус бэйэм оҕом сөбүлүүр идэтин баһылаатын диэн санааттан, үөрэҕин төлөбүрүгэр тута харчы көрдөөннөр, кирэдьиит ылбытым. Дьиҥэр, бу хабала буоларын билэрим, өйдүүрүм, ол гынан баран кыһалҕаттан, оҕом туһугар Сбербаантан наадалаах суумабын ыллым, оҕом баҕалаах үөрэҕэр киирдэ, бастакы сылын барытын төлөөтүбүт.

Оччолорго үлэ көрдөөн көрбүтүм, тэрилтэлэр биэнсийэҕэ тахсаары сылдьар киһини үлэҕэ ылбаттар, онон кыайан үлэ булбатым. Кирэдьииппин төлүүрбүн инньэ гынан уһатан кэбистим. Дьэ, ол кэннэ саҕаланна ээ, “московскай” нүөмэрдэр күн устата эрий да эрий, биирдэ ыксаан: “Үлэм суох”, - диэн быһаара сатаатым, эрийэн баран арахсыбат: “Коллектор, я из банка”,- диэн бэйэтин билиһиннэрэр уонна олох ыххайар, тоҕо төлөөбөккүтүй дии-дии. Мин балаһыанньабын быһаара сатаатым, хайдах эрэ атыннык төлүөхпүн сөп дуо диэн ыйыта сатаатым, киһим харан хаалбыт пластинка курдук эппитин этэ турар, саатар биир да тылын уларыппат. Ээ, мин ыллым да бэйэбин көмүскэнэн бардым. Дьэ, кинитээҕэр кутар киһи буоллум. Куһаҕана диэн сокуон ыстатыйаларын билбэтим буолла. Дьэ, ол кэпсэтии үнтү кыыһырдан кэбиһэн, туох ааттаах бу бааннар, ханнык да баан буоллун, кирэдьиит ылбыт киһини сааһыттан тутулуга суох хабарҕалыыр эбиттэр диэн кыйаханным. Онтон кыайан нууччалыы саҥарбат тыа киһитэ эбэтэр кырдьаҕас дьон кыайан быһаарсыбатахтарына, араастаан барытынан куттууллар эбит. Төлөөбөтөххүнэ иэһиҥ оннук үрдүүр, маннык үрдүүр диэн. Дьэ, олохпут эргиччи ытарчалыы ыла турар кэмигэр, аны араас кыһалҕаттан кыайан төлөнөн бүтэн испэт кирэдьиит, киһи туох баар олоҕун, майгытын алдьатар адьынаттаах эбит. Ыларга, биллэн турар, ыксаабыт киһиэхэ үчүгэй, ол эрээри төлүүр саҕана араас кыһалҕа, мэһэй көстөн, ол сорох дьоҥҥо кыаллыбат. Дьэ, оннук хас да сыл сапсыйан сылдьыбытым кэнниттэн арай биэнсийэҕэ таҕыстым, кирэдьииттэрим ону эрэ кэтээбит курдук биэнсийэм оҕотун быһар быһаҕаһын тутан ыллылар. Ол иннинэ туох баар каартабыттан биир соххор солкуобайы хаалларбакка ылаллар этэ. Дьэ, сүрдээх эбит. Билбэт буоламмын саҥаттан саҥа нүөмэрдээх каарта арыйтаран испитим, онтукам баара син биир билэллэр эбит, барыта биир счеттаах буолар буолан, мөһөөх да түстүн, тутан ылаллар уонна сүрдээх кыраһыабай отчуот эппиэт ыыталлар. Тоҕо туппуттарын быһаараллар эбит, ким туппутун буолбатах. Аны туран, кирэдьиитим икки этэ, арай сыл аайа элбии турар буолла. Билигин олох да алта кирэдьииттээхпин. Дьэ, хантан кэлбит кирэдьииттэрий диэн билээри гынабын, тустаах тэрилтэлэр, бириистэптэр төлөпүөннэрин олох ылбаттар, күн-дьыл баран иһэр, ким да тугу да быһааран абыраабат. Дьэ, маннык диэн тугуй? Киһи кыһалҕатынан киһини ыгыы-түүрүү диэн туох аатай? Ама, кирэдьиит ылбыт буолуум. Олоххо араас үөйбэтэх кыһалҕа элбэх буоллаҕа. Аны, дьиктитэ баар, саатар манна Саха сиригэр кирэдьиит ылбыт курдук этим да, ханнык эрэ атын куораттан эрийэн ирдииллэр ээ, абакката.

Мин дьиктиргиирим элбэх. Төлөпүөммэр эрийэллэр, ханнык эрэ коллекторскай хампаанньаттан дииллэр, иэскит оччо-бачча, тоҕо төлөөбөккүт дииллэр, ыксаан кредитнэй юристарга бараммын быһааттара сырыттым, онуоха “иэһиҥ кыра, сүүстэн эрэ тахса, биһиги үс сүүстэн тахса суумаҕа көмөлөһөбүт”, - диэтилэр. Мин атын офиска тиийдим, арай онно тиийбитим, иэһиҥ үс сүүстэн тахсыбыт, алта кирэдьииттээххит диэн буолла. Мин олоппостон суулла сыстым, хантан ол элбээтэ диэн ыйыппыппын, туох эрэ микрозаймнар, ол-бу буолар-буолбат бааннары ааттаата, мин олох да билбэппин, наһаа ыксаатым, ыгылыйдым, ытыы сыстым, туох алдьархайай дии санаатым, ол үйэбэр икки кирэдьиити кыһалҕаттан ылан баран, биэнсийэм сыыһыттан хаһан эрэ, ханна эрэ сууттаан баран “иэстээххин, онон тутар бырааптаахпыт” диэн бириистэптэр киэбирэ-киэбирэ туталлар, эбиитин элбии турар кирэдьиит диэн туох аатай доҕор! Специалист кыыс сирэйбин-харахпын көрөн, эһиги бааҥҥа биэрбит бастакы даннайгытынан ким эрэ туһанан кирэдьиит ылар эбит диэтэ.

   Дьэ, бу хайдаҕый? Кырдьаҕас киһини маннык албынныыр-түөкэйдиир диэн сиэргэ-майгыга баппат быһыы буолбатах дуо? Бу аата олохпут сайдыыта дуу, коллекторскай хампаанньа анаан кырдьаҕастары буулаан харчы уорар ньымалара дуу, маны барытын ким уодьуганныыр? Хантан сүбэ булабын?

 

Кыһалҕалаах кырдьаҕас Даарыйа, Дьокуускай

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьиэ кыылларын көрүү-харайыы быраабылата булгуччу тутуһуллуохтаах
Сонуннар | 23.10.2024 | 17:38
Дьиэ кыылларын көрүү-харайыы быраабылата булгуччу тутуһуллуохтаах
Олохтоох дьаһалта Территориялары кытта үлэҕэ департамена иһитиннэрэринэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ветеринарияҕа управлениетын кытта дьиэ кыыллара бэйдиэ сылдьалларын бэрэбиэркэлиир эриэйдэлэр тиһигин быспакка ыытыллаллар. Ол курдук, ааспыт нэдиэлэҕэ куорат Автодорожнай, Строительнай, Сайсары, Октябрьскай, Гагаринскай уокуруктарынан уонна Марха, Маҕан, Хатас, Тулагы нэһилиэктэринэн ыытыллыбыт эриэйдэ түмүгүнэн боротокуоллар толоруллубуттар, нэһилиэнньэни кытта өйдөтөр, быһаарар, сэрэтэр үлэ ыытыллыбыт....