Кирэдьиит сынньалаҥын биллибэт өрүттэрэ
Муус устар 3 күнүттэн бэрэсидьиэн В.В. Путин ИП-лаах дьоҥҥо кирэдьиит сынньалаҥын киллэрэр сокуону бигэргэппитэ. Бу сокуоҥҥа ипотека кирэдьиитэ эмиэ хапсар. Судургутук быһаардахха, ыйдааҕы дохуоккут 30 бырыһыан кыччаабыт буоллаҕына, кирэдьиит сынньалаҥын ылар кыахтааххыт.
“Кирэдьиит сынньалаҥа” көрүллэр:
- Ипотека уонна потребительскай кирэдьииккэ, кирэдьиит картатыгар, микрозаймнарга.
- Дохуоккут бүтэһик ыйга 30 бырыһыан түспүт буоллаҕына.
- Сынньалаҥ 6 ыйга диэри бэриллиэн сөп.
- Сынньалаҥҥа физическэй уонна юридическэй сирэй иккиэн барыахтарын сөп.
Бааҥҥа балаҕан ыйын 30 күнүгэр диэри бааҥҥа сайаапка биэрдэххитинэ. Дохуоккут түспүтүн туоһулуур докумуону тута илдьэн биэрэр наадата суох. Бааҥҥа сайаапка түһэрэн баран, 90 хонук устата бу докумуоннары аҕалан биэриэххитин сөп. Ол аата эһиги сайаапка түһэрдигит да, баан 5 хонук устата кирэдьииттэн сынньалаҥы биэриэхтээх. “Сынньалаҥ” кэмигэр кирэдьиит/займ болдьоҕо уһаан биэрэр, ыстараап уонна пеня ааҕыллыбат. Хайаан да баан офиһыгар тиийиэхтээххит диэн буолбатах, төлөпүөнүнэн, почтанан эбэтэр электроннай почтанан сайаапка ыытыаххытын сөп.
Дохуот кыччаабытын туоһулуур докумуоннар:
- 2019 сыллааҕы 2 НДФЛ ыспараапка.
- Үлэтэ суохтар учуоттарыгар турбуккут туһунан ыспараапка.
- 1 ыйтан уһун болдьохтоох бүлүтүөн илииһэ.
- Онтон да атын докумуоннар (Холобур, ИП-ларга нолуок декларацията, дохуот уонна ороскуот кинигэтэ о.д.а.).
Сорох бааннар (Сбербанк, ВТБ уо.д.а) бу сукуон киириэн инниттэн килийиэннэригэр “каникул” ылар кыаҕы биэрэн барбыттара. Оттон ипотекаттан сынньалаҥ сокуона өссө былырыын олоххо киирбитэ.
Аны бу сокуон биллибэт өрүттэрин ырытыахха. Бу “сынньалаҥ” буор босхо буолбат эбит. Сокуоҥҥа пеня уонна ыстараап эрэ туһунан этиллэр, оттон бырыһыан туһунан туох да суох. Ол аата кирэдьиит бырыһыана син биир ааҕыллар. Сынньалаҥ кэмигэр бырыһыаны, кирэдьиит болдьоҕо уһаабытынан, хаттаан суоттаан атын график оҥорон биэрэллэр. Онно бырыһыан барыта суоттанан киирэ сылдьар.
Сынньалаҥы бааҥҥа сайаапка түһэрдигит да биэриэхтэрэ, ол эрэн 3 ый устата дохуоккут кыччаабытын көрдөрөр докумуоннары булгуччу туттарыахтааххыт. Туттарбатаххытына “сынньалаҥҥытын” көтүрэн кэбиһэллэр.
“Самозанятайдар” уонна дохуоттарын ханна да көрдөрбөт ИП-лар, дохуоттара кыччаабытын сатаан дакаастаабат дьыалалара. Официальнайдык үлэлии сылдьар дьон хамнастара аччаабытын дакаастыыллара быдан судургу – 2 НДФЛ ыспыраапка эрэ наада.
Бырабыыталыстыба сынньалаҥҥа барар кирэдьиит суумаларын чуолкайдаата:
- Ипотека – 1,5 мөл. солк. диэри.
- Автокредит – 600 тыһ. солк.
- ИП-га ылыллыбыт потребительскай кирэдьиит – 300 тыһ. солк.
- Физическэй сирэй потребительскай кирэдьиитэ – 250 тыһ. солк.
- Кирэдьиит картата – 100 тыһ. солк.
Көрөргүт курдук, бэрт кыранан лимииттэннэ. Ол эрэн ипотека кирэдьиитэ 1,5 мөлүйүөнтэн элбэх буоллаҕына, былырыыҥҥы сокуонунан туһанан, сынньалаҥҥа барыахха сөп. 2019 сыллааҕы сокуонунан, дохуот кыччаабытын туоһулуур бүтэһик 2 ыйдааҕы ыспыраапканы сайаапка биэрэргитигэр илдьэ кэлиэхтээххит.