Булт түгэннэрэ
Кимиэхэ — сүтүк, кимиэхэ — манньа...
Николай Петров:
- Сааскы кустааһын болдьоҕо тиийэн кэллэ. Эр дьон сүргэлэрэ көтөҕүллэн, сиргэ-уокка тахсаары тиргиллэ сылдьаллар. Кыттыгастарын кытары ким тугу ылыахтааҕын чуолкайдаһаллар, сэптэрин-сэбиргэллэрин бэрийэллэр. Били «ас» даҕаны умнууга хаалбат. Мин хоту биир саас буолбут түгэни санаан, сонньуйан ыллым.
Ол саас муус бөҕөтө халҕаһалыы анньыбыта. Андылыыр күөлбүтүгэр мотуордаах оҥочонон эрэ тиийиллэр. Ол иһин куттала суох сиргэ тардан баран, сыыр үрдүгэр чэйдии олордубут. Арай биир толору таһаҕастаах «Крымнаах» киһи, мотуорун өрө көтөхтөрөөрү бэнсииннээх икки кэниистирэни холбуу баайан, оҥочотун түннүгүн иннигэр уурунан баран, айаннаан ньирилэтэн ааста. Биһигини көрдө да, тохтообото. Уолаттар: «Бандераа!» — диэн хаһыыталастылар да, киһилэрэ кыһаммата. Кутаа таһыгар араас кэпсээн-ипсээн, күлүү-салыы, сезон аһыллыытын бэлиэтээһин ханна барыай. Ол курдук үөрэн-көтөн, астына дьээбэлэһэн, астына аһаан баран, балааккаларбытыгар киирэн утуйдубут. Сарсыарда мутук тостор, муус кырылыыр тыаһыттан уһуктубуппут, Володябыт (били, ааспыт киһибит) арбы-сарбы буолан, саата да, үрүксээгэ да суох саллаҥнаан кэллэ. «Уолаттар, табыллыбатым, киэһэ хараҥаран хаалан, «Крыммын» чаалкалаан баран, хордоҕоско утуйа тахсыбытым, муус илдьэ барбыт. Эһиги көрбөтүгүт дуо?» — диэн ыйытта. «Сылайбыт» дьон ону көрүөхпүт дуо — мэлигир буоллаҕа дии. Ол да буоллар аһаан, сэргэхсийэн баран, көрдүү барарга быһаарынныбыт. Наар дьээбэтинэн баппат Упаа Баанньа: «Хамнаспыт – биир иһит испиир», – диэбитин киһитэ: «Булбуккутун барытын да ылыҥ», – диэн сөбүлэстэ.
Уолаттар икки бөлөҕүнэн хайдан, биирэ салгыы үрэх үөһээ өттүн көрө, иккис аллараа бардылар. Мин табаарыспыныын ас астыы хааллыбыт. Хата, өр буолбатылар, аллараа барбыт дьон «Крымы» состорбутунан бу тиийэн кэллилэр. Аптамаат саата тааһын уҥа өттүгэр хороччу турар, мала, эрэһиинэ тыыта барыта баар. Володябыт үөһэ барсыбыт буолан, кинини кэтэһэ таарыйа, уолаттар «дьэҥдьиир» оҥордулар. Били «булбуккутун барытын да ылаарыҥ» диэн көҥүллээтэҕэ дии. Багааһынньыгын көрдүлэр, үрүксээгин хастылар, олбохтор анныларын чинчийдилэр, таҥаһын да бигээн көрдүлэр — тугу да булбатылар. Айаҕалыы сатаан, ботуруоннаах паачыкалары эмиэ туппахтаатылар. Мэлийии буолла. «Туга да суох сылдьар эбит эбэтэр хоммут сиригэр кистээбит», — дэһистилэр. Ол аамылана сырыттахтарына хаар түстэ, тымныйда. Бары балааккаларга тарҕастыбыт. Өр-өтөр буолбата — иккис бөлөхпүт тиийэн кэллэ. Володя оҥочотун ыраахтан билбит, үөрэн тииһэ килэбэчийэр. Барыбытын кытары илии тутуһан баһыыбалаата. Упаа Баанньа балааккатыттан орҕостон тахсан: «Хайа, били, манньаҥ?! Биһиги оҥочоҕун чүүччэйдибит да, тугу да булбатыбыт, албын киһи эбиккин», – диэн баран, өссө ону-маны кыһыылааҕы этэн эрдэҕинэ, киһитэ мүчүк гынаат, аллара сүүрэн түстэ. Ол гынан оҥочотугар төҥкөҥнөөн эрэрэ да, түргэн бэйэлээхтик биир бытыылканы кылбаппытынан ойон кэллэ. «Чугас да сытары булбат эрэттэргит!» – диэн төттөрү баайсан, тыҥаары гыммыт балаһыанньаны сымнатта. Дьэ, балысхан үөрүү буолла. Аһаан-сиэн ампаалыктанан быһаарсыбыппыт, Володя оҥочотун паньыара муостатын анныгар кистиир сирдээх эбит. Оттон уолаттар оҥочону туора үрэхтэн, талахха чаалкатын быатыттан иилистэн турарын булбуттар эбит.
Дьэ, айан этэ...
Байанайдаах Баһылай Хорула:
–Эмиэ арыгы дэписсиит кэмэ. Биирдэ Дьарааһыннаах кыра быраага оҕото көйөрдүлэр. Мин сиртэн хапкаан көрөн кэлбитим, дьонум амсайан олороллор. Туһахтан биир куобаҕы кытта биир тииҥ хапкааҥҥа иҥнибитин аҕаллым. Кыһыҥҥы күн киэһэрэн халлаан хараҥаран эрэр. Киһи тыына сирдиргиир тымныыта. Түөрт уонтан тахса кыраадыс, таһырдьа тыыннахха, тыыммыт салгыныҥ тоҥон сир сир тыаһыыр. Биһиги киэһээҥҥи күөспүтүн истибит. Эмис тайах этин миинэ – ас да ас. Күһүн Дьарааһыннаах Биттэр биир байтаһыны өлөрбүттэрин атынан киллэрбиппит. Лаабыстан. Быраагабытын кытта истибит. Итирии буолла. Аат аһа дьэ көөнньөн бөҕө буолбут этэ. Онтон түүн ортото уһуктубутум, Дьарааһын суох. Таһырдьа тахсан ыҥыран көрдүм да, биллибэт. Киирэн Биттэри туруордум. Киһим чуут уһугунна. Бэйэм да нэһиилэ сылдьабын. Баттатан, төбөм ыаҕастаах уу курдук. Биттэртэн Дьарааһыны ыйыттым, ону билбэппин диэтэ. Таҥнан далга аттары көрө бардым. Онтум Дьарааһын ата суох. Дьиэ таһыгар кэлэн сыарҕата эмиэ суох. Дэриэбинэлээбит быһыылаах диэн Биттэргэ киирэн эттим. Ону киһим “ол хаһан бартай” диэтэ. Чэй сылытан истибит. Онтон миигин ыҥыыр атынан бар, аны аара охтуо, бу тымныыга диэтэ. Аппын ыҥыырдаан таҥнан баран дьэ сырыстым ээ. Аны шарпикпын эриммэтэх эбиппин, утары чысхаан. Олох моонньум барыта тоҥно. Макаарапка кэлэн хабыс-хараҥаҕа дьиэҕэ киирэн таҥас көрдөөтүм. Наараттан туох эрэ таҥаһын булан, сирэйбин, моонньубун тууна эринэн кээстим. Дьэ уонна түргэн сэлиинэн түһэрдим. Былааҥкыйга туораабатах сыарҕатын ыллыга ааспыт курдук, ол иһин салгыы сырыстым. Халлаан сырдыыта дэриэбинэҕэ кэллим. Дьарааһыным ата кэлэн турар. Испэр үөрдүм. Тоҕо эппэккэ түүннэри кэлэн киһини эрэйдээтиҥ диибин. Дьоннор миигин көрөн күлэллэр. Тоҕо күлэллэрий диэн бэйэбин көрүнэбин. Онтон Дьарааһын туох кирдээх баккытын шарфик гынныҥ диэбитигэр, били Макаарапка эриммит таҥаһым ким эрэ баккыта эбит. Ону оруобуна ахтатынан сирэйбэр эриммит эбиппин. Ол да буоллар, абыраатаҕа дии. Киһибит соҕотоҕун хаалан сарсыныгар төннүбүппүт. Онтон бэттэх сэрэхэчийэр буолбутум. Истэхпитинэ үүннэри эҥин кистиир этим. Аны онтуларбын кистээбит сирбин умнан биир эрэй буолааччы. Арыгы обургу онно манна тириэрдэр. Тымныыга түүннэри чөл өйдөөх киһи сылдьыбат сырыыта буоллаҕа.
Сэдэх кустааһын
Сүбэ Сүөдэр:
–Муома улууһугар учууталлыы сырыттахпына, улахан чыыстайдар хайдах кустуулларын туһунан Николай Атласов диэн физкультура учуутала кэпсээбитэ. Бөһүөлэктэн тэйиччи Улахан уонна Орто Күөл диэн улуу эбэлэр бааллар үһү. Бу күөллэргэ улахан биригээдэнэн баран кустууллар эбит. Николай Орто Күөлгэ бултаммыт биир түгэни кэпсээбитэ. Биригээдэлэр түөрт уонча ытааччы, ас астааччылаах, салайар киһилээх буолаллар. Күөл тула уонча барыаҕа — дурдаҕа олороллор эбит. Кус ордук түһэр сиригэр киин барыаҕа аҕыс ытааччы олорор. Манна үчүгэйдик ытаргын таһынан хайаан да аптамааттаах уонна саппаас саалаах буолуохтааххын. Киин дурдаҕа олорооччулар ыта иликтэринэ, атын дурдалар ыталлара булгуччу бобуллар. Бу эбэлэр дьиҥнээх айан кустара киҥкиниир киэҥ халлаан оройуттан түһэр сирдэрэ эбит. Бастаан кустар халлааны хайа суруйан түһэн иһэр тыастара иһиллэр. Ол халлаан биир өттүттэн атын өттүгэр сыҕарыйар, кусчуттар халампаастарынан кустары көрөөрү кыҥастаһаллар. Биир эмэ киһи таба көрөн хаһыытыы түһэр: «Оо, ол эргийэн эрэллэр, тордох курдуктар, хара баһаамнар». Кэнники хаһыс да эргиирдэригэр киһи хараҕынан көрөр гына намтыыллар. Бу үөртэн үксэ киин барыаҕа түһэр, атыттар онно-манна тарҕаналлар. Атын барыаҕа олорооччулар хас да кус хоһулаатын – урут ытыа суохтаахтар.
Киин барыаҕа олорооччулар аҕыс аптамааттара өрө битигирии түһээтин кытта, күөл тулата саа тыаһынан түптэ саалла түһэр. Сыыһа туттаран, ырбыы устун күөлү эргийэ көппүт кус син биир ханна эрэ тиийэн охтор. Түспүт үөртэн тыыннаах кус орпотун кэриэтэ. Муомалар кустуу сылдьан сүрүн аһылыктара кус эбит. Кусчут аһылык аайы биирдии куһу сиэхтээх. Түөрт уон кусчут биир күн сүүс сүүрбэ куһу сиир. Уон күҥҥэ кустаатахтарына, тыһыынча икки сүүс кустара аһылыктарыгар баранар. Үллэһиккэ элбэх куһу ылаары куһу сиэбэтэххинэ — бэйэҥ ночоотуҥ. Сиэбит буол, сиэбэтэх буол, тэбис-тэҥҥэ үллэрэллэр. Сааһыт дурдатыгар олорон, биир куһу үргээн асчыт киһиэхэ биэриэхтээх. Куһу үргээбэтэх киһи кус сиэбэт. Оттон Халымаҕа бугул саҕа куһу көрөн олорон аччык сылдьыаххын сөп. Чахчы, ыксаатахтарына эрэ куһу сииллэр. Аһыылларыгар атаҕынан эт, дьааһыгынан кэнсиэрбэ илдьэллэр.
Төбүлэх дэриэбинэтигэр учууталлыы сырыттахпына, күһүн кус барыытын саҕана, биир дьикти түбэлтэ буолбуттаах. Оройуон киинин – Хонууну кытта рациянан кэпсэтии буолбут. Хонуу арадьыыһа эппит: «Дьэ, эһиги диэки Индигиир өрүһү өрө икки улахан үөр кус барда. Бу субу аҕай биллэрдилэр, онон хас чааһынан тиийэллэрин суоттаан баран, киирэн тоһуйуҥ». Түөрт чаас курдугунан кэлиэхтээхтэр эбит. Ити 1986 сыллаахха этэ. Олохтоох араадьыйанан хаста да биллэрбиттэрэ: «Хонуу диэкиттэн икки улахан үөр кус өрүһү батан иһэр. Ким саалаах, мотуордаах бары ол кустары тоһуйа өрүскэ киириҥ!» Биһиги, учууталлар, улахан кылаас уолаттара оскуолабыт дириэктэриттэн көҥүллэтэн көрбүппүт да, бэйэтэ сааламмат киһи буолан көҥүллээбэтэҕэ. Түннүгүнэн көрдөххө, саалаах дьон өрүскэ киир да киир. Сорох мотуордаахтар сүүрүгү аллара, сорохтор үөһэ барбыттара. Мотуора суохтар кытылга, хайа сирэйигэр олорбуттар. Кустар ханна да туора барар сирдэрэ суох. Индигиир өрүс икки өттө - халлааҥҥа харбаспыт үс биэрэстэ курдук үрдүктээх таас хайалар, онон кустар өрүһү эрэ бата көтөр кыахтаахтар. Икки өттүнэн чугаһынан күөлэ суох дойду. Уруок кэмигэр ыраах аллара саалар тыастара иһиллибитэ, онтон чугаһаатар-чугаһаан, мотуордар тыастара кытта бирилээн иһиллэр буолбута. Сорох мотуордар чычаас сиргэ охсуллан бааҕынаһыы-биигинэһии бөҕө.
Оскуолабыт өрүстэн чугас турара. Саа тыаһа оскуола анныгар кэлбитигэр, оҕолуун-учууталлыын бары түннүккэ ыстаммыппыт. Сүүһүнэн кус өрүс устун көтөн ааһан эрэрэ, сотору-сотору табыллыбыттар таммалыыллара. Оҕолор: «Оо, биир түстэ, икки, үс түстэ» — дии-дии, өрүкүһүү бөҕө буолбуттара. Саа, мотуор тыаһа өрүһү өксөйө ырааттар-ыраатан бара турбута. Дьэ уоскуйан, уруокпутун салҕаан эрдэхпитинэ, аллараа ыраах саалар тыастара өрө битигирии түспүттэрэ. Аны иккис кус үөрүн сэриилээһин саҕаламмыта. Саалар тыастара мааҕыҥҥытааҕар ордук хойдубута. Бары эмиэ түннүктэрбитигэр ыстаммыппыт. Мотуоркалаах дьон эккирэтэ сылдьан ыталлара. Таппыт кустарын ылар бокуойа суох ыталларын эрэ билэллэрэ. Ким куһун ким ылбытын быһаарар түгэн суоҕа. Ити курдук, саалар тыастара ырааттар-ыраатан, сотору олох сүппүттэрэ. Дьэ уоскуйан, үөрэнэн истэхпитинэ, эмиэ саалар тыастара хойдо түһэр.
Кэнники истибиппит, мүччү туттаран ааспыт кустар сынньанаары, ууга түһэн баран, сүүрүккэ оҕустаран төттөрү кэлэн биэрэн, иккиһин ытыллаллар эбит. Дьон бэрсибит сүрдээх эмис, күһүҥҥү айан куһун хаһы да сиэбиппит. Барыларыттан элбэҕи Орто Халыматтан кэлэн олохсуйбут Николай Кудрин өлөрбүт. Кини түөрт уон аҕыс кустаах тахсыбыт. Дьылҕа диэн сүрдээх кытаанах оҥоһуу. Киһи күҥҥэ түөрт уон моһолу туоруур дииллэр, көтөр кынаттаах хас оһолу туоруура буолла?! Ити кустар өлөр быаларыгар, ити кэмнээҕи тиэхиньикэ ситиһиитин дьон өстөөхтөргө курдук кинилэри утары туһаннахтара. Хонууттан араадьыйанан эппэтэхтэрэ, олохтоох араадьыйанан биллэрбэтэхтэрэ буоллар, ити кустар Төбүлэх дэриэбинэтин этэҥҥэ мүччү түһэн, эһиилигэр төрөөбүт сирдэригэр төннөн кэлэн, төрөөн-ууһаан хас эмэ төгүл элбиэхтэрэ хааллаҕа.